Аҕа дойду сэриитигэр кыайыы буолбутун 75 сылын бэлиэтээтибит. Сэриини кыайбыт дьон сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бу ааспыт сэрии ынырыгын, алдьатыылааҕын туһунан кэпсии, билиһиннэрэ сатаатыбыт. Сэрии кэмиттэн төһөннөн тэйэн иһэбит да сэрии алдьархайа соччоннон умнуллан иһэр. Онон туһанан утары санаалаах арҕаа дойдулар Аан дойду дьонугар олох да аахайбат буолууну соҥнооһуна, устуоруйа чахчыларын токурутан көрдөрүүлэрэ улам күүһүрэн иһэр. Итинник дьайыыны утары сэрии содулун эттэринэн-хааннарынан билбит дьоннорбутуттан эстафетаны сэрии саҕанааҕы уонна ол кэм чугаһыгар үөскээбит көлүөнэлэр, биһиги чиэстээхтик тутуохтаахпыт.

Кэнники ыччаттарбыт хайдах өйдөөх-санаалаах дьон буолан тахсаллара инникитин биһигиттэн тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Биһиги кыайан туруулаһан дьарыгырбатахпытына, кэдэйэн биэрдэхпитинэ, арҕааҥҥылар олох да тэпсэр кутталланнылар. Кистэл буолбатах бэл билигин, биһиги дойдубутугар сэрии сиэннэригэр, хос сиэннэригэр соччото суох быһыылар, бас-баттах тыллаһыылар көстүтэлииллэр. Итинник быһыы тарҕамматын туһугар бары күүспүтүн, сатабылбытын уурарбыт ирдэнэр буолла. Кинигэлэргэ, хаһыаттарга суруйан, киинэ таһааран, онон манан мэҥэ бэлиэлэри (памятниктары) туруортаан дьарыгыран кэллибит. Сотору айылҕа айбытынан биһиги да суох буолуохпут турдаҕа. Биһиги кэннибититтэн туохпут хаалыай? Хаһыаты аахтыбыт да быраҕыллыа, кинигэбит-киинэбит харысыһан көрүөхпүт да аҕыйах уонунан сылларынан умнуллуохтара. Арай мэҥэ бэлиэлэрбит туруулаһан турбахтыыллара дуу. Үчүгэйдик оҥоһуллубут буоллахтарына мэҥэ бэлиэлэр сүүһүнэн, бэл тыһыынчаннан сылларга бэйэлэрин кэмнэрин санатан тураллар дии. Сэрии мэҥэ бэлиэлэрэ эдэр ыччаты патриотическай иитиигэ сүҥкэн оруоллаахтарын илэ харахпынан көрдөҕүм. Сэрии алдьархайын санаатыгар тута сылдьар киһи сэрии буолуталаабыт сирдэригэр оҥоһуллубут мэҥэ бэлиэлэргэ тиийэн, санаата оонньоон, хараастан сөҥ түһэр, Ордук ылларбыттар, уйадыйбыттар сэриигэ сүтэрбит аймахтарын аһыйан ытыыллар-соҥууллар. Итини илэ хараҕынан көрбүт, сааһырбыт дьон ытаһалларын истибит оҕо өйө-санаата тосту уларыйар, урут күбээринэ сылдьыбыта суох буолар, букатын атын киһи буола түһэр, үйэтигэр умнубат буолуохтаах. Мэҥэ бэлиэ диэн итинник күүстээх дьайыылаах буолар.

Мин «Ильмень күөлгэ» диэн кинигэм сүрэхтэниитэ, «COVID-19» дьаҥар олуйтаран ааспыт сыл ахсынньы ыйын 22 күнүгэр куйаар ситиминэн «ЗООМ» платформаҕа буолан ааста. Кинигэ сүрэхтэниитин Ньурбатааҕы киин библиотека үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы куйаар ситимэ бэрт киэҥ араҥа сир дьонун түмтэ. Уруккута буоллар библиотека үлэһиттэрин кытта бэрт аҕыйах киһи кыттыһыылаах кэпсэтии тахсыа эбитэ буолуо. Куйаар ситимигэр хантан баҕарар киириэххэ сөбүн бу тэрээһин итэҕэттэ. Оройуоммут нэһилиэктэриттэн, Саха сирин атын оройуоннарыттан, Дьокуускайтан, Москваттан, Санкт-Петербургтан, Новгородскай уобаластан, бэл Америка Калифорния штатыттан биһиги бу Ильмень кыргыһыыларын сэргиир, ытыктыыр дьоммут дэнээччилэр кыттыыны ыллылар. Кинигэ туһунан санааларын эттилэр, туох патриотическай үлэлэри ыыталларын кэпсээтилэр, инникитин эдэр ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэргэ тугу дьарыгырыахха диэн темаҕа тохтоотулар. Араас этиилэри, баҕа санаалары иһиттибит.

Олунньу ый 13 кунэ Кинигэ сүрэхтэниитин конференцията Ильмеҥҥэ өлбүт буойуттары чиэстээн кинигэ тахсыбыта, тыыннаах ордубут буойуттар туруорбут сэргэлэрин сөргүтүү биллэн турар үчүгэй саҕалааһын эрэ курдук сыаналаныахтаах, инникитин Ильмеҥҥэ охтубут буойуттарбытын ааттарын чуолкайдаан сурукка тиһэн, үйэлээх матырыйаалынан мэҥэ бэлиэ оҥорон, сүрүн кыргыһыылар буолбут сирдэригэр Ретле дэриэбинэ таһыгар сквер оҥоһуллара буоллар диэн түмүктээтэ. Сквер оҥоруутун 2023 сыл олунньу ый 23 күнүгэр (күөлгэ кыдыллыы 80 сылыгар анаан) түмүктүүр соруктаныахха диэн болдьох ыйылынна. Конференция маннык этиитин Ильмеҥҥэ элбэх сүтүктээх оройуоннарын дьоно-сэргэтэ, өрөспүүбүлүкэ, оройуоннар салалталара сэргииллэр-биһирииллэр дуо, сквер тутуутун ылсаллар дуо диэн ыйытык үөскүүр.

Конференцияҕа мэҥэ бэлиэ хайдах быһыылаах буоларыгар Дьокуускай куоракка Ильменьскай уулуссаҕа оҥоһуллубут «Журавли над Ильменем» мемориалы туттарбыт Атласов Николай Петровичтан (билигин Санкт-Петербург олохтооҕо) этии киирбитэ. Ильмень күөл мууһун быыһыттан буойуттар дууһалара туруйа буолан көтөн тахсан иһэллэрэ кинигэ кэннигэр ойуута баар. Ити ойуу быһыытынан Август Виссарионович Михайловтыын Ретле дэриэбинэтин таһыгар муус оҥоһук оҥорорго баҕатыйа сылдьыбыппыт айылҕа кубулҕатынан сатамматаҕа. Н.П. Атласов Ильмеҥҥэ кыргыллыбыт буойуттар дууһалара күөлтэн көтөн тахсан дойдуларыгар көтөн кэллилэр онон «Журавли над Ильменем» мемориальнай комплекс ситэриитэ буолар диэн этэрэ биһирэнэр суол. Аҕыйах сылынан мас эмэҕириэ, «Саллаат сэргэтэ» эмиэ сууллуо, ким эмит ону сөргүтүө дуо суох дуу биллибэт ээ. Оттон сквер тутулуннаҕына «Саллаат сэргэтэ» саҥардылла туруоҕа, Саха сириттэн саҥаттан саҥа көлүөнэ дьону ыҥыра туруо этэ диэн санааннан ыстатыйабын түмүктүүбүн.

К.В. Васильев.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ