Ханнык баҕарар бөһүөлэккэ, этэргэ дылы, кинилэр тустарынан тыл да аҥаарынан куһаҕаннык этиллибэт, ураты ытыктанар ыал баар буолааччылар. Мин төрөөбүт-үөскээбит Уус-Алдан улууһум Кэптэнитигэр итинник ыалынан Самсоновтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар.

Бүгүҥҥү суруйуубар ыал амарах аҕатын сэрии уонна үлэ бэтэрээнин, Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьанын кавалера Прокопий Алексеевич Самсонов туһунан ааҕааччыларбар билиһиннэриэм. Кини оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, уруок аахтарара. Оччолорго биһиги, оҕолор, кинини ыраахтан ытыктыы, толло көрөрбүт. Уоттаах сэриигэ кыргыспытын, немецтэргэ билиэҥҥэ түбэһэн эрэйи-муҥу көрбүтүн билэрбит. Ол эрээри кини ити туһунан тугу да кэпсээбэтэ. Ити өйдөнөр… Биһиги да учууталбыт сүрэҕин оспот бааһын таарыйыахпытын баҕарбакка, туоһуласпат этибит.

WhatsApp Image 2020 01 30 at 15.52.02

Соҕотоҕун тыыннаах хаалбыта

Прокопий самаан сайын силигилээн, ситэн, көҕөрө налыйан турдаҕына, 1920 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр Дүпсүн улууһун I Өспөх нэһилиэгэр Чараҥай алааска күн сирин көрбүтэ. Самсоновтар ыал уон үс оҕоломмуттара. Ол эрээри оччотооҕу чычырбас олоххо Борокуоппай эрэ собус-соҕотоҕун тыыннаах хаалбыт.

Борокуоппай Чараҥай сэттэ кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа киирбитэ. Манна үөрэнэ сырыттаҕына, Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаламмыта. Алын сүһүөх кылаастар оҕолорун үөрэтэр учуутал идэтин ылаат, 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыта.

Училищеҕа үөрэнэ сылдьан, 110 чаастаах снайпердар оскуолаларыгар үөрэммит. Ол кэнниттэн армияҕа ыҥырыллыан эрэ иннинэ национальнай байыаннай оскуолаҕа пулеметчиктар курстарыгар сылдьыбыт. Мальтаҕа тиийбит. Онно үс ый устата үөрэммит. Ол кэнниттэн орто үөрэхтээх уолаттары Сретенскэйдээҕи байыаннай училищеҕа командирдары бэлэмниир алта ыйдаах курска ылбыттар. Бу кэмҥэ арҕаа алдьархайдаах улахан кыргыһыылар бара тураллара. Сталинградка хотторбут өстөөх  онтун иэстэһэр кимэн киириини бэлэмниирэ. Онон кинилэри ситэ үөрэппэккэ эрэ, фроҥҥа ыыппыттар.

Сир-халлаан ньиргийэр сэриитэ

Кини фроҥҥа 1943 сыл кулун тутар ыйга кэлбит. Борокуоппай Н.Ф. Ватутин командующайдаах Воронежскай фронт 6-с гвардейскай армиятын 93-с гвардейскай дивизиятын 281-с гвардейскай полкатыгар 3-с пулеметнай ротаҕа түбэспит. Саҥа кэлбит саллааттарга станковай пулеметтары туттарбыттар.

Бастаан Белград куорат чугаһыгар ыйтан ордук кэмҥэ оборонаҕа сыппыттар. Онтон фронт инники кирбиитигэр Белай Колодезка илдьибиттэр. Манна траншея бөҕөнү хаспыттар, мас бөҕөтүн таспыттар. Байыаннай историктар Курскай Тоҕой оборонатыгар биһиги саллааттарбыт уопсайа Москваттан Владивостока тиийэр уһуннаах траншеялары хаспыттара диэн ааҕан таһаарбыттара. Борокуоппайдаах итиннэ сылдьан, улахан кыргыһыы буолуохтааҕын сэрэйэллэрэ үһү.

Курскай Тоҕойго кыргыһыы аан дойду уонна Аҕа дойду сэриитин саамай улахан кыргыһыытынан ааҕыллар. Бу кыргыһыыга немецтэр аан бастаан «Тигр», «Пантера» тааҥкалары, «Фокке-Вульф-190А» истребители уонна «Хеншель-129» штурмовиктары аан бастаан туттубуттар.

1943 сыл от ыйын 5 күнүгэр түүн Борокуоппайдааҕы Гостищево тимир суол станциятын таһыгар инники кирбиигэ аҕалбыттар. Ол түүн халлаан сырдыан иннинэ өстөөх атаакаҕа бэлэмнэммит позициятыгар күүстээх уоту аспыттар. Этэргэ дылы, сир-халлаан ньиргийэр сэриитэ манна буолбут. Нөҥүө күннэригэр өстөөх күүстээх тааҥканан атааканы саҕалаабыт. Ити иннинэ немецтэр хас даҕаны атаакаларын төттөрү охсубуттар. Биирдии атаакаҕа иккилии сүүскэ тиийэ танк кимэн киирэрэ үһү. Ити күүстээх тааҥканан атааканы эмиэ төттөрү охсубуттар.

Ол кэнниттэн Прохоровка диэн сир аттынан көҥү көтөргө холоммуттар. Немецтэр манна 500 тааҥканы, хас эмэ сүүс артиллерийскай саны-сэби муспуттар. От ыйын 12 күнүгэр Прохоровка аттыгар аан дойду иккис сэриитигэр саамай бөдөҥ тааҥканан кыргыһыы буолбут. Немец 400 тааҥкаларын уонна штурмалыыр сааларын-сэптэрин уонна 10 тыһыынча киһитин сүтэрбит.

Прокопий Алексеевичтаах чаастара Гостищево-Яковлево оройуоннарыгар сэриилэспит. Гостищево дэриэбинэ үстэ төхтөрүйэн өстөөх илиитигэр киирэ сылдьыбыт. Ону босхолообуттар.

WhatsApp Image 2020 01 30 at 15.52.55

Төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр

От ыйын 15 күнүгэр Борокуоппайдаах өстөөхтөр төгүрүйбүттэрин билбиттэр. Роталарын хамандыыра сарсыарда аһылык ыла барбыт. Кими да, туга да булбакка, кураанах төннүбүт. Ол күн биһиги армиябыт чаастарын бөҕөргөтүллүбүт линияларга чугуйан биэрэргэ бирикээстээбиттэрин билбэккэ хаалбыттар.

Ити кэмҥэ өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэспиттэр. Төлө көтөн тахса сатаабыттар да кыаллыбатах. Баҕар көмө кэлиэ, босхолуохтара диэн эрэнэ санаабыттар. Тимир тобураҕа, этэргэ дылы, төбөнү да кыайан өндөппөт балаһыанньата үөскээбит. Ол кэнниттэн немецтэр кэлэннэр аптамаат луоһунан үлтү кырбаан окуопаттан таһаарбыттар. Улаханнык бааһырбыттары онно миэстэтигэр сырдык тыыннарын быспыттар.

Ити кыргыһыыга сүүрбэччэ эрэ киһи тыыннаах ордубут. Ол иһигэр — Борокуоппай. Умайар уот куйаас күн буолбут. Дэлби утаппыттар, аччыктаабыттар. Эбии икки сүүсчэкэ билиэннэйи аҕалбыттар. Белградка үс хоннорбуттар. Ол кэнниттэн Харьковка илпиттэр. Куорат уулуссаларыгар дьон бөҕө мустубут үһү. Кинилэргэ ас биэрэ сатааччылары немецтэр саа луоһунан үлтү кырбаабыттар. Ол үрдүнэн килиэп эҥин быраҕан биэрбиттэр.

Тааһынан ньыһыйан

Белградка кинилэри таас түрмэҕэ симпиттэр. Сорохтор таҥаһа суох наараларга, үгүстэрэ таас муостаҕа сыппыттар. Онно хас да хоннорбуттар. От ыйын бүтүүтүгэр Полтаваҕа илпиттэр. Сүүрбэ биэс тыһыынча хаайыылааҕы таас гаражка симпиттэр. Сарсыарда 6 чааска ойутан туруоран, үүрэн-түрүйэн үлэлэтэ илдьэллэрэ үһү. Күҥҥэ иккитэ 200 грамм килиэп дуомун биэрэллэр эбит. Ый курдук оннук үлэлээбиттэрин кэннэ Киевкэ илдьибиттэр. Онтон сотору кэминэн Шепетовкаҕа утаарбыттар. Бары быкка ыстарбыттар. Асфальтка таҥастарын ууран бараннар тааһынан ньыһыйан өлөрө сатыыллара үһү.

Алтынньыга Прокопий Алексее­вичтааҕы Германияҕа илдьибиттэр. Отут киһи олорор вагонугар 60 киһини ыга симпиттэр. Күҥҥэ биирдэ хас сыллаахха оҥоһуллубута суруллубут «1937», «1938» диэн суруктаах түүнүгүрбүт, хаппыт 200 грамм килиэби уонна биир курууска ууну биэрэллэрэ үһү.

Уонча хонук айаннаан, Польша сиригэр аатырбыт-сураҕырбыт Майданск диэн концентрационнай лааҕырга аҕалбыттар. Манна баттахтарын кырыйбыттар, тымныы уунан душтаннарбыттар. Биир саллаат сылаас ууну ыйыппытыгар, харабыл саллаат оргуйбут ууну үрдүгэр саба ыспыт. Ол киһи барахсан итиигэ буһан өлөөхтөөбүт. Манна үс хоммуттар.

Хараҕынан көрбөт буолбутугар да

Ити кэнниттэн билиэннэйдэри Освенцим диэн лааҕырга аҕалбыттар. Хас күн ахсын киһи бөҕө сырдык тыына быстара үһү. Крематорий оһохторо түүннэри-күнүстэри үлэлээн күпсүйэллэрэ диэн Борокуоппай ахтара үһү. Олоро кыайбаккалар, дьон өлүгүн уулуссаҕа кулуһун оттон уматаллара үһү. Немецтэр билиэннэйдэри киһи кыһыл тыла кыайан тиийбэт гына, араастаан эрийдииллэрэ-муҥнууллара үһү. 

Онтон Арҕаа Германияҕа Рейнскэй Бестфалияҕа үлэҕэ илдьибиттэр. Сааһыары күһүн Лехфельгэ аҕалбыттар. Манна билиэннэйдэр таас чоҕу куруустаабыттар, буомбаттан алдьаммыт суолу ыраастаабыттар.

1945 сыллаахха немецтэр хотторон эрэллэрин, билиэннэйдэр да сири-буору аннынан истэллэрэ үһү. Ардах буоллун, хаар буоллун хас эмэ чаас устата стройдаталлар эбит. Түүн землянкаҕа сытыараллара үһү. Таҥас диэн кэлиэ дуо? Кэтэ сылдьар инчэҕэй таҥастара куурбатын кэриэтэ үһү. Үлүйбүт, сытыйбыт-ымыйбыт хортуоппуйу буллахпытына, чиэрбэтин тарыйан баран, сиэн кэбиһэллэр эбит.

Борокуоппай хаста да кырбанан өлө сыспыт. Биирдэ нуучча уонна узбек уолаттара сүппүттэригэр харабыл саллаат кини тииһин туура охсубут уонна саа луоһунан үлтү кырбаабыт. Хараҕынан көрбөт буолбутугар да, үлэттэн босхолооботохтор.

Билиэнтэн босхолонуу

Муус устарга арҕаа диэки артиллериянан ытыалаһыы иһиллэр буолбут. Биир түүн хаайыылаахтары үс бөлөххө арааран стройдаппыттар. Борокуоппай ортоку бөлөххө түбэспит. «Гитлер бары сэбиэскэй билиэннэйдэри суох гынарга бирикээстээбит», - диэн сураҕы истибиттэр.

Дахау концлааҕырга үүрбүттэр. Харабыллар ыттара суох үһү. Борокуоппай Василенко диэн украинец уоллуун күрүөхпүт диэн эрдэттэн сүбэлэспиттэр. Хааман иһэннэр хараҥаҕа суол эргииригэр хойуу ойуурга туора ыстаммыттар. Сырдаабытын кэнниттэн көрбүттэрэ арыы тыа эбит. Ойуурга аппаҕа саһан сыппыттар. Ол сыттахтарына, икки күрээбит билиэннэй уол тиийэн кэлбиттэр. Үөрүү бөҕө буолбуттар. Тобурахтаах инчэҕэй хаар түспүт. Аччыктаан-тоҥон иэдэйбиттэр.

Өлөн хаалыахпыт диэн байааттаҥнаһан айан суолугар тахсыбыттар. Америка тааҥкалара, массыыналара субуһан олороллоро үһү. Кинилэри көрөннөр тохтооннор, кэпсэтэ сатаабыттар. Тылы билбэт буоланнар өйдөспөтөхтөр. Килиэп, кэнсиэрбэ уонна табах бэрсибиттэр. Аһаан өллөнөн бараннар, өр да өр байааттаҥнаһан дэриэбинэҕэ тиийбиттэр. Суумматах-тараамматах, аччык дьон көрүөхтэн дьулааннара биллэн турар. Биир дьиэҕэ киирбиттэригэр дьахталлар арыылаах килиэп уонна үүт биэрбиттэр.

Манна уонча хоммуттар. Американецтар сүөһү өлөрөннөр эт бэрсибиттэр. Эт амтанын умнан кэбиспит дьон, хортуоппуйу кытта буһараннар дэлби сиэбиттэр. Эмискэ элбэҕи аһааннар истэрэ ыалдьыбыт. Нэһиилэ өрүһүммүттэр. Баанньыкка суунан-тараанан, олохтоохтор уонна американецтар таҥас-сап биэрэннэр, дьэ, киһилии көрүҥнэммиттэр.

Төрөөбүт дойдуга эргиллии

Ити кэнниттэн кинилэри Аугсбург куоракка байыаннай билиэннэйдэр дааҕырдарыгар илпиттэр. Сабыс таҥас, үп-үрүҥ тирии бэрэчээккэ биэрбиттэр. Билиэннэйдэр тириилэриттэн оҥоһуллубут бэрэчээккэ буоларын истибиттэр. Биттерфельд куоракка химическэй собуот оборудованиетын көтүртэрбиттэр. Хас да ый устата үлэлээбиттэр.

Бүтэрэллэрин саҕана биир киһи кэлэн ханна барыахтарын баҕаралларын туоһуласпыт. Борокуоппай бастаан Кавказка барыан баҕарбыт. Онтон дойдутугар тардыһан, Москва аттыгар Подольскай куоракка собуот акылаатын түһэриигэ үлэлии барбыт. 1947 сыллаахха дойдутугар айаҥҥа туруммут. Табаарынай вагоҥҥа айаннаан Иркутскайга кэлбит. Биир суоппар аһынан Уус-Кукка тиэрдибит. Манна борохуот кэтэһэ таарыйа курууска үлэлээн харчыласпыт. Борокуоппай борохуот кэлбитигэр хайдах курдук дьолломутуон… Сэттэ күн устан, төрөөбүт төрүт буорун булбут.

* * *

Борокуоппай сору-муҥу эҥэринэн тэлии­тэ дьоллоох олоҕунан солбуллубута. 1948 сыллаахха кини эмчит идэлээх Елена Николаевна Антипинаны көрсөн, ыал буолбута. Алта оҕоломмуттара, элбэх сиэннэммиттэрэ, хос сиэннэммиттэрэ. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, күн бүгүҥҥэ диэри бөһүөлэк уһулуччу ытыктанар ыалынан ааттаныахтарын ааттаналлар. 

Людмила НОГОВИЦЫНА

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ