Мегежекскэйдэр аймах сыдьааннара, 200-чэ киһи, киэҥ сиринэн тарҕанан олороллор эбит. Ол курдук Саха сирин араас муннуктарыгар, Москваҕа, СНГ дойдуларыгар олороллор.  Мария Николаевна Саввинова Михаил Мегежекскэй быраата Илья маҥнайгы сиэнинэн буолар. Кини СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Муусука үрдүкү оскуолатын учуутынан үлэлиир. Мария Николаевналыын биир кэмҥэ көрсөн, улуу аймаҕын туһунан кэпсэтэн турардаахпын. 

Сахатын сирин кэскилин уһансар дьылҕалааҕа

Мария Саввинова Михаил Васильевич өлбүтүн кэннэ репрессияҕа түбэһиннэрэн, аатын-суолун умнууга ыыта сылдьыбыттарыттан кинилэр аймах олус хомойоллорун туһунан кэпсээбитэ: “Михаил Васильевич 1929 сыллаахха 31 сааһыгар сылдьан ыалдьан өлбүт. Сэбиэскэй былаас туһугар туруулаһарыгар, үрүҥ бандьыыттары кытары охсуһарыгар хаайыыга тоҥон-хатан доруо­буйатын сүтэрдэҕэ. Ол сыл Михаил Мегежекскэй дойдутугар өҥөтүн иһин, кини сырдык кэриэһин ытыктаан төрөөбүт Ньурбатын улууһун Мэҥэдьэк улууһунан уларытан ааттаабыттар. Уобаластааҕы сэбиэскэй-бартыыйынай оскуолаҕа Михаил Васильевич аатын иҥэрбиттэр. Онтон 1937 сыллаахха  сымыйанан баһааҕырданнар репрессиялыыллар. Бу иннинэ бочуоттаахтык иҥэрбит ааттарын барытын сотоллор.  Ол саҕана Мегежекскэйдэр аймахтара төһөлөөх үтүрүйүүгэ түбэспиттэрэ буолуой? Холобур, Алдаҥҥа  “Алданзолото” трескэ салайар үлэҕэ сылдьар бырааттарын Николайы уонна Василийы баартыйаттан таһаарбыттара. Михаил Васильевич кыыһа Изабелла Михайловна ахтыытыгар суруйбут этэ: “1937 сылтан уустук кэмнэр саҕаламмыттара. Аҕабын репрессиялаабыттара, ону кытта ийэм убайдарын Александр Гаврильевич, Петр Гаврильевич Габышевтары, аҕам бырааттарын Василий, Николай Ксенофонтовтары, эдьиийдэрим кэргэннэрин Иван Урчусовы, Георгий Павловы репрессиялаабыттара. 1939 сыллаахха ийэм биэнсийэтин быспыттара уонна кыбартыыратын былдьаабыттара”. Ийэм балтын кытары Дьокуускайга педучилищеҕа туттарсан киирбиттэр. Норуот өстөөҕүн аймахтара буолалларынан уопсайга миэстэ биэрбэтэхтэр. Ол иһин куорат кытыытыгар тыбыс-тымныы дьиэҕэ олорон үөрэнэ сатаан баран, балта дэлби ыалдьыбытыгар, үөрэхтэрин быраҕан дойдуларыгар төннөргө күһэллибиттэр”.

Мария Николаевна биллиилээх аймаҕын туһунан икки кинигэни аҕалан көрдөрбүтэ. “Без страха и упрека” диэн уус-уран пуб­лицистическай айымньыны Михаил Васильевич быраата Николай Мегежекскэй Юрий Чувашову кытары суруйбут. Ону кытта “Өрөспүүбүлүкэ чулуу дьонноро” сиэрийэнэн тахсыбыт “Михаил Мегежекскэй” диэн кинигэни. Михаил оҕо сааһын, идеологическай санаата хайдах олохтоммутун, “үрүҥнэргэ” түбэһэн хаайылла сытан биир да тылынан табаарыстарын тыллаабатаҕын, большевик-революционер үрдүк аатын сүгэн, таһаарыылаахтык үлэлээбитин туһунан “Без страха и упрека” диэн кинигэҕэ уус-ураннык суруллубут. Михаил Васильевич 1989 сыл сэтинньи 21 күнүгэр Ньурба улууһун биир ыраах сытар Бордоҥ нэһилиэгэр Маалыкай сэлиэнньэтигэр тимир ууһа Василий Васильевич Ксенофонтов дьиэ кэргэнигэр бэһис оҕонон төрөөбүт. Николай Мегежекскэй убайын туһунан кинигэтигэр Михаил оҕо сааһын олус чаҕылхайдык ойуулаабыт. Ксенофонтовтар дьадаҥы ыаллар буолан, Михаилы уонна убайын Сэмэни баай ыалга үлэлэтэ биэрбиттэр. Ол саҕана чаҕылхай Михаил өйүгэр уопсастыбаҕа кылаассабай тэҥэ суох буолууну  утарар санаалар уһуктубуттар. Михаил төрөөбүт Сахатын сирин кэскилин уһансар дьылҕалааҕа таайан, олохтоох аҕабыыт Михаил өйүн бэлиэтии көрөн, бэйэтин солбуйар киһи оҥостоору түөрт кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирэригэр көмөлөспүт. Михаил оскуола бырагырааматын тута баһылаабыт. Учуутала Кузьма Иванович Попов Ньурбаҕа оскуолаҕа, онтон Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларыгар үөрэнэ киирэригэр көмөлөспүт.

Өйдүүн-санаалыын ситии-хотуу

Бу семинарияҕа кини биир дойдулааҕа, доҕоро Степан Васильев эмиэ киирбитэ. Дьэ, икки прогрессивнай өйдөөх-санаалаах дьон олохторо тэтимирэр. Политсыылынайдар Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе оччолорго Дьокуускайга олороллоро. Политсыылынайдар эдэр дьоннорго бассабыыктыы тыыны киллэрбиттэрэ. Ол курдук олохтоох былаас атаҕастабылын кытары сөпсөспөт дьону түмэр кистэлэҥ куруһуоктар арыллыбыттара. Онно Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Васильев, Михаил Мегежекскэй, Муся Потапова, Дора Жиркова киирбиттэрэ. Михаил Мегежекскэй куруһуокка бастаан иһитиннэрии оҥороругар Саха сирэ төһөлөөх баай-дуол дьүүктэтэ буоларын кэпсээн баран, Арассыыйа улахан атыыһыттара, чунуобунньуктара быыкаа харчыга кэлэн күндү түүлээҕи, көмүһү атыылаһан баралларын холобур аҕалбыт. Бу курдук кистэлэҥ көрсүһүүлэр эдэр дьон өйдөрүн-санааларын улахан уларыйыыларга бэлэмнээбиттэрэ. Ол иһин Арассыыйаҕа 1917 сыллаахха буолбут өрөбөлүүссүйэни хайыы-үйэ өйдүүн-санаалыын хатарыллан көрсүбүттэрэ. Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы бу эдэр дьон саа-саадах тутан олохтоспуттара, Колчак саллааттарын кытары охсуспуттара. Михаил 1918 сыл күһүнүгэр хаайыыга түбэспитэ, сэттэ ыйы быһа киһи тулуйбат усулуобуйатыгар сытыарбыттара, кырбаатыттара. Ол эрээри кини биир да тылынан табаарыстарын туһунан быктарбатах. Холуобунай буруйу оҥоруу суоҕун иһин таһаарбыттар. Михаил төһө да Колчак полиция­тын кэтээһинигэр сырыттар, эдэр дьону мунньан подпольнай тэрилтэ тэрийбит. Манна биир интэриэһинэй историческай чахчыны булан аахтым. Михаил Васильевич бу түгэҥҥэ диэри Мегежекскэй буолбакка, Ксенофонтов диэн бэйэтин араспаанньатынан сылдьыбыт. Оттон 1919 сыл күһүнүгэр кистэлэҥ өрөбүлүүссүйэ куруһуогун тэрийбит. Онно Мегежекскэй диэн подпольнай ааты иҥэрбиттэр, Мэҥэдьэк түбэтиттэн төрүттээҕин иһин. Бу аатын кини 1925 сыллаахха официальнай араспаанньатынан оҥотторбут.

история фото

Михаил Мегежекскэй үөлээн­нээхтэрэ кини идиэйэтигэр бэ­ри­ниилээҕин, дьону тардар дьоҕурдааҕын бэлиэтээбиттэр. Ол туһунан “Өрөспүүбүлүкэ чулуу дьонноро” сиэрийэнэн тахсыбыт “Михаил Мегежекскэй” диэн кинигэҕэ: “1919 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр кини уоттаахтык-төлөннөөхтүк иһитин­нэрии оҥорбутун түмүгэр Дьо­куускайга Колчак былааһа хаан тохтуута суох суулларыллыбыт уонна Сэбиэскэй былаас уобаласка олохтоммут”, — диэн суруллубут. Дьэ, мантан ыла эдэр киһи дойдутун, норуотун туһугар үлэтэ өссө тэтимирбит.

1920-1921 сылларга Бүлүү уокуругар Сэбиэскэй былаас олохсуйарын туһугар охсуспут. Өрөбөлүүссүйэ ыстаабын боломуочунайынан үлэлээбит, РКП тэрийэр бюротун бэрэссэдээтэлинэн буолбут. 1920 сыллаахха Бүлүү куоракка бастакы коммунистическай ячейканы тэрийбит. Эдэр киһи эрчимнээх үлэтин сыаналаан, аны Өлүөхүмэ улууһугар ыыппыттар, онно эмиэ өрөбүлүүссүйэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Мегежекскэйи салгыы Москваҕа үлэһиттэр коммунистическай университеттарыгар үөрэтэ ыыппыттар. Онно үөрэнэр кэмигэр троцкизмы утары дискуссияҕа көхтөөхтүк кыттыбыт, бигэ санаалаах бассабыык буоларын көрдөрбүт. Саха сиригэр төннөн кэлэн баран, Сэбиэскэй баартыйа оскуолатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Ол кэнниттэн үгүс судаарыстыбаннай баартыйа дуоһунастарыгар үлэлээбит.

Михаил Мегежекскэй чиэһи­нэй, күүстээх, бигэ санаалаах киһи буоларын элбэхтэн биир түгэн көрдөрөр. 1928 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы Коммунистическай баартыйа  (БСК(б)П)  Киин Кэмитиэтин хамыыһыйата 1927-1928 сылларга буолбут өрөбөлүүссүйэни утары хамсааһын оччотооҕу салайааччылар буруйдарыттан тахсыбыт диэн быһаарыы таһаарбыт. БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун сэкирэтээрэ Исидор Бараховы, БСК(б)П уобаластааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Степан Васильевы уонна кинилэр бииргэ үлэлээбит табаарыстарын буруйдаабыттар. Исидор Бараховы, Максим Аммосовы, Степан Васильевы үлэлии сылдьар дуоһунастарыттан босхолоон, салгыы көрүүгэ ыҥырыллыбыттар. Ол уустук кэмҥэ Михаил Мегежекскэй мөлтөөн биэрбэтэх, күүстээхтик бииргэ саа-саадах тутан Сэбиэскэй былааһы турууласпыт табаарыстарын көмүскэспит. Алтыс уобаластааҕы бартыыйынай кэмпириэнсийэҕэ БСК(б)П СК быһаарыытын кытары сөбүлэспэтин туһунан аһаҕастык биллэрэн, улахан иһитиннэрии оҥорбут.

Чаҕылхай олоҕо сулустуу тыган ааспыта

1929 сыллаахха Саха сирин баартыйа тэрилтэлэрин үлэлэрин бэрэбиэркэлиир Киин хонтуруоллуур хамыыһыйа чилиэнэ буолбут. Уобаластааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, баартыйа үлэтэ чиэһинэй, көдьүүстээх буоларыгар дьулуспут. Бу үлэҕэ сылдьан кини кылгас, чаҕылхай олоҕо быстыбыт.

Михаил Мегежекскэй төрөөбүтэ 120 сылын 2018 сыллаахха Ньурбаҕа өрөгөйдөөхтүк бэлиэтээбиттэрэ. Төрөөбүт дойдутугар Ньурба Маалыкайыгар Михаил Мегежекскэй аатынан орто оскуола баар. Маалыкайга чиэс-бочуот болуоссатыгар Михаил Мегежекскэйгэ уонна эмиэ Бордоҥ нэһилиэгин биир чаҕылхай уола Степан Васильевка пааматынньык турар. Ньурба куоракка уонна Маалыкайга Михаил Мегежекскэй аатынан уулуссалар бааллар. Михаил Мегежекскэй аймахтара Дьокуускай куоракка туйгун үөрэхтээх уонна уопсастыбанньык үөрэнээччилэргэ Михаил Васильевич Мегежекскэй аатынан стипендия олохтообуттар.

Мин улуу киһи Михаил Васильевич аймаҕын кытары бу курдук былыргы дьыллар дирбиэннээх-дарбааннаах кэмнэрин санаан аастыппыттан киэн туттабын. Мария Николаевна Михаил Мегежекскэй сыдьааннара мустан дөрүн-дөрүн көрсөллөрүн, ыччаттарга улуу аймахтарын туһунан киэн тутта кэпсииллэрин туһунан эппитэ. Михаил Мегежекскэй соҕотох кыыһа Изабелла Михайловна Мегежекская-Емельянова эмиэ сырдык олоҕу олорон ааспыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр учуутал этэ. Кини Михаил диэн уола кылгас олохтоммут. Маргарита диэн кыыһа физико-техническэй салааҕа үрдүк ситиһиилэммит, ХИФУ физическэй факультетын кафедратыгар сэбиэдиссэйдээбит, үгүс научнай үлэлэрдээх.

Бу курдук Саха сирин биир чулуу уолун олоҕо халлааҥҥа чаҕылхай сулус суһумун курдук тыган ааспыт. Ол кылгас олоҕор олус элбэҕи оҥорбут улуу киһибит аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ытыктабыллаахтык ааттана туруоҕа.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ