Эһэм аҕыс оҕолоох ыал улахан уола буолан, ийэтэ 10-чалаах оҕотун, хамнас аахсан, нуорма аһылыкка тиксэн, дьиэ кэргэни иитиһиэ диэн, ыраах туундараҕа балыксыт учаастагар ыыппыт. Барарын саҕана: “Кыһын эрэ, сайын төннүөҥ”, -- диэбиттэр. Ол гынан баран, эһэм барахсан туундараҕа үс сыл устата сылдьыбыт. Ол унньуктаах уһун 3 сылын кэпсииригэр куруутун хараҕа ууланан, куолаһа долгуйан ылара.
Балыктарын дьонноругар ыыталлара, дьиэ кэргэннэрин аһаталлара бобуулаах үһү. Мин ону сатаан өйдөөбөппүн, тоҕо оннук дьаһалы таһааралларын... Эһэм тоҥ балык кыстан сиэтэхтэринэ: “Саатар, бу тоноҕоспун дьоммор ыыппыт киһи баар ини”, -- диэхтиирэ үһү. Оттон бултаабыт балыктарын, сордоҥнорун ат сыарҕатыгар дьаарыстаан баран, кэлэн илдьэ баралларын сайыһа-батыһа көрөн хаалаллара үһү. Ону эһэм: «Ол биһиги булпут кимнээххэ эрэ өрүһүлтэ буолбута санаабытын астыннарара”, -- диирэ.
Оччолорго дьон аччыктаан иэдэйбит сурахтара иһиллэрэ үһү. Ханна эрэ кырдьаҕас оҕонньор: «Биир балык үөрэҕэһэ баара буоллар, өлүө суохтаах киһи өлөн эрэбин», -- диэн баран өлөөхтөөбүт. Төһөлөөх киһи оннук суорума суолламмыта биллибэт. Билигин биһиги ыһа-тоҕо сиир балыкпыт, салҕан сирэр сордоҥмут оччолорго төһө эрэ күндүлэр. Эһэм ол иһин да буолуо, ууга буспут балыгы олус сөбүлээн сиирэ. Балык аһы туохтааҕар да ордороро. Балык искэҕин сынньан, алаадьылаан сииллэрин, бурдук буллахтарына, балык миинин силиэйдээн, дьоро киэһэ буоларын астына ахтара. “Балыгы аһаан, киһи буолбут дьоммут”, -- диирэ. Саамай умнуллубат өйдөбүлэ -- туундараҕа баар кэмигэр ыраах Аллараа Халыматтан ааһан иһэр эбээннэр сыалыһар балыгы хатаран сииллэрэ. Сыалыһары күн уотугар хатаран баран, маска ууран, бороһуок курдук бытарыйыар диэри сынньаллар үһү, онтон ону мөһөөччүккэ уга сылдьан сииллэр эбит. “Ол ас минньигэс бэйэлээх этэ”, -- диэхтиирэ эһэм. Хаппыт сыалыһар туох минньигэс амтаннаах буолуой? Оччотооҕу оҕо барахсан наар биир аһылыгы сии сылдьарыттан сонурҕаабыта буолуо дуу? Эбэтэр, кырдьык, оннук үчүгэйэ эбитэ дуу?
Эһэм өлүөр диэри: “Төрүт аһылыгы аһыыр киһи уһун үйэлэнэр”, -- диэхтиирэ. Биһиги халбаһыыны хайҕыы-хайҕыы сиирбитин биһирээбэтэ. “Балык, сордоҥ, үүт, суорат биһигини киһи гаммыттара, эһиги эмиэ төрүт аскытын аһааҥ”, -- диэн сүбэлиирэ. Билигин улаатан баран, эһэм сөпкө эппитин, дьэ, өйдүүбүн. Тоҥ балык тоноҕоһун көрдөхпүнэ, куруук эһэм харах уулаах оҕо сааһын саныыбын...
Милена Ноговицына,
IX кылаас.