Өрөбүл күн. Саха араадьыйатын истэ-истэ, сордоҥ эрийэн, кэтилиэт астанабыт. Балтым биһикки сордоҥтон хал буолбуттуу туттабыт. Кырдьыгын эттэххэ, салҕан сиэхпитин баҕарбаппыт.

Арай араадьыйаҕа «Ахтан-санаан ааһыахха» диэн биэриигэ сэрии кэминээҕи ахтыылары аахтылар: дьон аччыктыы-аччыктыы үлэлээбитин, ол да буоллар, олоххо тардыһан, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот тэринэн, сүөһү ииттэн, кыһалҕаттан хайдах эрэ тахсан, өссө фроҥҥа көмөлөспүттэрин туһунан.

Ол саҕанааҕы оҕолор барахсаттар оонньообокко, тото аһаабакка, алаас устун күлэ-үөрэ сырсыакаласпакка сылдьыбыттарын аһынабын. Аны аҕалара, убайдара сэриигэ баран хаалаллар, оччоҕо сурук кэтэһиитэ, ыраах баар киһилэригэр дууһа эрэйдэниитэ... Уонна наар бүппэт аччыктааһын... Хантан да ас булар, кимтэн да баран көрдөһөн ылар кыах суох. Аччык утуйаҕын, аччык уһуктаҕын...

Астыы туран, эриллибит сордоҥмун көрөбүн. Арай бу таастаах сордоҥ ол саҕана кинилэргэ баар буола түстүн? Итинтэн сиэттэрэн, Чурапчы көһөрүллүүтүн санаатым. Дьону хоргуйууттан быыһаары, күүс өттүнэн көһөртөөбүттэрэ. Хоту балыктаан быыһанныннар диэн. Уһун айаны тулуйан тиийбиттэр, кырдьык, көмүс хатырыктаах баар буолан, тыыннаах хаалбыттара.

1557332730

Онно сатаан илим үппэт, ойбон алларбат оҕо-дьахтар дьон төһө эрэ эрэйдэммиттэрэ буолуой? Ууга буспут балык остуолга хоторуллан турарын, аччыктаан быстыбыт дьон тула олорон аһаары үөрбүт сирэйдэрин оҥорон көрдүм. Оо, оттон аччыктаан быстыбыт барахсаттар бүтэһик баҕа санаалара туох буолуой? Мин билигин харахпар көстүбүт хартыынам кинилэргэ туолбатах баҕа санаа буолан хааллаҕа дии... Иэдээн... Бу астыы турар сордоҥум кинилэргэ ол саҕана баара буоллар, хас да киһи тыынын өрүһүйүө эбит.  

Барытын эргитэ саныы туран, ол хаһан да көрбөтөх, билбэтэх дьоммун аһынан, хараҕым ууланан, муннум аһыйан кэллэ. Бэйэбин оччотооҕу оҕолору кытта тэҥнээн көрдүм, бэлэм баар аһы сирэр, салҕар санааларбыттан кыбыста быһыытыйдым.

Балыгы, сордоҥу убаастыыр дуу, кинилэргэ махтанар дуу санаалар күөдьүйэн кэллилэр. Илимҥэ тутан, бу кылбайан кэлэрэ – астыгыан! Балык  барахсан быыһаатаҕа, кини баар буолан тыыннаах ортохторо.

Айсулу Ноговицына, XI кылаас.

Өлөөкө Күөл, Орто Халыма

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ