2016 сыллаахха «II Лөгөй» диэн ааттанан тахсыбыт Уус Алдан улууһун II Лөгөй нэһилиэгин  устуоруйатын туһунан кинигэни хомуйан оҥорорбор, биһиги сирбитигэр-уоппутугар үөскээбит биллэр-көстөр уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл  Василий Никанорович Леонтьев туһунан суруйуулары интэриниэккэ хасыһан көрдөөбүтүм уонна кэмчи матырыйаал баарыттан сөхпүтүм. Кинигэни бүтэрэрим саҕана В.Н.Протодьяконов тэлэбиисэргэ  В.Н.Леонтьев Платон Ойуунускайы уонна Максим Аммосовы  кытта тэҥ баайыылаах киһи буоларын туһунан балачча уһуннук ырытан кэпсээбитэ.

Улуу киһи олорбут олоҕо туга-ханныга биллэн, ол туһунан кинигэҕэ суруллууһу диэн олус  үөрбүтүм уонна сарсыҥҥытыгар Василий Никитич төлөпүөнүн булан кэпсэппитим. Киһим кэбэҕэстик  ылынан, сарсыҥҥы күнтэн мин дьиэбэр үлэлииргэ болдьостубут. Устудьуоннар улаханнык убаастыыр преподавателлэрэ 80-тан тахсыбыт эрээри, өссө да үлэлии сылдьара.  Дьиэбэр хаста да кэлэн,  бу суруллубуту оҥорбуппут.

Василий Никитич устудьуоннуу сылдьан, дипломнай үлэтигэр  В.Н.Леонтьев  туһунан суруйбут. Онон оччолортон саҕалаан кинигэ оҥорор былааннаах муспут матырыйаала элбэх этэ. «Олортон хасыһан саамай сүмэтин ылан, бэлиэтэнэн кэлэбин», -- диэн күлэ-күлэ эппитэ.  Лиистэргэ бэлиэтэммитин үрдүнэн элбэх көннөрүүлэри киллэрбит буолара. Ол эрээри, оҕуруо курдук чуолкай буочардааҕа.  2015 сыл сааһыгар бэлиэтээбиттэринэн сирдэтэн, өйүттэн ааҕан биэрэн бэчээттэппитэ.

Леонтьев фото2

Хаар маҥан баттаҕын өрө тарааммыт улахан уҥуохтаах, интэлигиэн  көстүүлээҕэ, «Атах ыарыыта эмискэ булан эрэйдээтэ”, -- диирэ. Мааны майгылаах буолан, күлэ-үөрэ чэй иһэ-иһэ бэркэ тапсан,  9 күн үлэлээбиппит. 750 страницалаах улахан кинигэҕэ ыстатыйата киирэн, ханна да суох хаартыскаларданан тахсыбыта. Кинигэни киниэхэ Тулуна олохтоохторун ааттарыттан бэлэхтээбиппит. Ити кэнниттэн төлөпүөнүнэн билистэҕим аайы, хомойуох иһин, балыыһа киһитэ буолан испитэ. Василий Никитич бу суруйан хаалларбытын олус күндүтүк сыаналыыбыт. Кини бу бүтэһик үлэтэ биһиги кинигэбитигэр киирбитинэн сибээстээн, ону дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарарга сананным.

Василий Никитич  этэринэн, сүдү дьоммут П.А. Ойуунускай уонна М.К.Аммосов  икки ардыларыгар   В.Н.Леонтьев туруохтаах. Кини муһан, бэрийэн хаалларбыт матырыйаалларынан биллэр устуоруктар  В.Н.Леонтьев  саха устуоруйатыгар бэлиэ миэстэни ылыахтааҕын ситиһиэхтэрэ, дакаастыахтара диэн эрэнэбит.

Мария Сергеева,

СӨ бэчээтин туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

 

 

В.Н.Леонтьев олоҕун, үлэтин туһунан

 

В.Н.Леонтьев 1895 сыллаахха кулун тутар 5 күнүгэр Бороҕон улууһун II Лөгөй нэһилиэгэр таҥара үлэһитин (Дьякон) дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрүччүтэ, миитэрэпкэтэ көстө илик. Ийэтэ эрдэ өлөн, оскуолаҕа мөссүйүөҥҥэ олорон үөрэммит. Оскуола кэнниттэн аҕатын кытта Дьокуускайга киирсэн, куораттааҕы духовнай семинарияны бүтэрбит. 1917 сылтан үөрэҕин Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет юридическай факультетыгар (киһи быраабын салаатыгар) салҕаабыт. Үһүс кууруска история-философия салаатыгар эбии үөрэххэ сылдьыбыт. 1920 сыллаахха Дьокуускайга төннөн кэлэн, Эргиэн наркоматыгар юрист-консулунан уонна сабыс-саҥа аһыллыбыт «Саха омук» диэн култуурунай-сырдатар уопсастыба Правлениетын бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбит. Кэлин  былаас үрдүкү да уорганнарыгар үлэлии сылдьан, «Саха омук» иһинэн тэриллибит литературнай бөлөҕү уонна 1923-1924 сс. эмиэ бу уопсастыба иһинэн Саха сиригэр бастакы филосовскай куруһуогу салайан үлэлэппит. Литература, судаарыстыбаннас араас кыһалҕаларыгар научнай дакылааттары оҥорбут. Архыыпка «О деятельности философского кружка общества «Саха омук»  диэн биир докумуон ордон хаалбыта баар.

В.Н.Леонтьев туох ханнык иннинэ бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл:  Ойуунускай, Аммосов, Барахов таһымнарынан олорон ааспыт киһи. Ити дьону кытта биир өйгө-санааҕа, биир обуоймаҕа сылдьыбыта. Ол үөһэ да ахтыллыбыт холобурдартан ырылыччы көстөн кэлэр.

Леонтьев2

Итини таһынан, интеллект быһыытынан киэҥ эрудициялаах этэ.  Былыргы грек омук классик бөлүһүөгэ Фалестан саҕалаан Арҕаа Дьопуруопа уһулуччулаах  бөлүһүөктэрин үлэлэрин барыларын  аахпыт быһыылаах. Омугунан ниэмэс Иммануил Кант «Критика чистого разума» диэн  фундаментальнай үлэтин кини хаайыллыбытын кэннэ торг оҥорон ааҕыыга таһаарбыттарын, 1930 сыллаахха арыйталаан көрөн баран, чаҕыйан: “Мин мэйиибэр анамматах кинигэ эбит” диэн төттөрү уурбут. Ити туһунан Н.М.Заболоцкай ахтыыта баар. Чахчы философияҕа бэлэмнээх эрэ киһи ааҕар (туһанар) кинигэтэ буолуохтаах.

Василий Никанорович «Саха омугу” таһынан 1925 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр Саха АССР  Бырабыыталыстыбатын ууруутунан Платон Ойуунускай тэрийбит «Саха кэскилэ» диэн бастакы научнай-чинчийэр уопсастыбаны олохтоспута. Платон Ойуунускай, Максим Аммосов командировкаҕа бардахтарына, уопсастыба бэрэссэдээтэлинэн В.Н.Леонтьев солбуйан хаалара.

В.Н.Леонтьев «Саха омук» култуурунай-сырдатар уопсастыба иһинэн Саха сиригэр аан бастаан ыччат айар түмсүүтүн уонна философскай куруһуогу тэрийэн үлэлэппитэ.

 В.Н.Леонтьев саха омук быһыытынан туран кэлиитин устуоруйатыгар бэлиэ миэстэни ылар. Саха маҥнайгы Конституциятын оҥорсубута. Сойуус Киин ситэриилээх кэмитиэттэрин чилиэнинэн уонна судаарыстыбаннай суолталаах бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл буолар.

В.Н.Леонтьев репрессияламмыт дьыалатын көтүрүү

 

Хаайылларыгар В.Н.Леонтьевка бастаан РСФСР УК 58 – 12-с ыстатыйанан (за недонесение) дьыала оҥоһуллубут уонна тоҕо эрэ УК 58 – 2-с ыстатыйанан сууттаммыт. Ол ыстатыйаҕа: «Вооруженное восстание с целью насильственно отторгнуть от Союза ССР или отдельной союзной республики какую-либо часть ее территории… влекуть за собой – высшию меру социальной защиты – расстрел и объявление врагом трудящихся с конфискацией имущества и с лишением гражданства Союза ССР и изгнанием из предела  Союза ССР навсегда, с допущением при смягчающих обстоятельствах понижения до лишения свободы на срок не ниже трех лет конфискацией всего или части имущества» диэн этиллэр.

/УК РСФСР, М.: гос. изд-во юридич.лит-ры, 1950, с.37).

В.Н.Леонтьев аатын тилиннэрии үс түһүмэхтээх:

1. 1932 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр ССРС Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиума  В.Н.Леонтьев ааһыныытын ылынан, А.С.Енукидзе илии баттааһыннаах чэпчэтии оҥоһуллубута: «В.Н.Леонтьевы концентрационнай лааҕыртан болдьоҕун иннинэ босхолуурга уонна хаалбыт болдьоҕор Саха сириттэн ураты ССРС ханнык баҕарар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олорорун көҥүллүүргэ диэн. Бу чэпчэтиинэн Василий Никанорович туһамматаҕа. 1932 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр Сибиир лааҕырыгар сытан, сырдык тыына быстыбыта.

2. 1958 сыллаахха бэс ыйын 13 күнүгэр Облит туруорсуутунан САССР Үрдүкү Суутун Президиума «буруйа дакаастамматаҕынан” В.Н.Леонтьев дьыалата көтүрүллүбүтэ. Бу толору реаблитация буолбатах.

3. 1989 сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр САССР борокуруорун быһаарыытынан «За отсутствием состава  преступления» диэн В.Н.Леонтьев сырдык аата толору ыраастаммыта.

 

Василий Никитич Протодьяконов,

СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх,   РФ Үрдүк профессиональнай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ,  

П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ