Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев күн сириттэн аттаммыта биир сылын туолар атырдьах ыйын 4 күнүгэр, төрөөбүт дойдутугар, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр, кэриэстэбил буолан ааста. Манна өрөспүүбүлүкэ салалтата, кинини кытта бииргэ үлэлээбит суудаарыстыбаннай диэйэтэллэр, Ил Түмэн дьокутааттара, доҕотторо, аймахтара муһуннулар.

Ытык киһибитигэр сүгүрүйэн

Свято-Троицкай Таҥара дьиэтигэр буолбут литургияны Саха Сиринээҕи уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман ыытта. Таҥара үөрэҕэ этэринэн, киһи сырдык тыына өлбөт, орто дойдуга дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүнэн, сылаас сыһыанынан ырай дойдутугар барар.

Бастакы Бэрэсидьиэн көмүс уҥуоҕа бу Таҥара дьиэтин таһыгар харалла сытар, онно дьон-сэргэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда.

7

Ил Дархан Айсен Николаев кэм-кэрдии ааһарынан, күн-дьыл баранарынан, Михаил Ефимович балысханнаах 1990-ус сылларга өрөспүүбүлүкэни сөптөөхтүк салайан, өрө таһаарбытын дьэҥкэтик өйдүүрбүтүн бэлиэтээтэ.

«Биһиги кыайыыларбытыгар-хотууларбытыгар барытыгар кини этиитэ, тыына баар курдук. Саха омук баарын тухары өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа кини аата куруук көмүс буукубаларынан суруллуоҕа. 

Кини хас биирдии киһи үөрэхтээх, доруобай, чөл туруктаах буолуохтаах, дойдутугар туһаны аҕалыахтаах диэбитэ национальнай сорук буолла. Кини араас омук олорор өрөспүүбүлүкэтин уустук кэмҥэ салайан, үгүс тургутууну ааһан, саҥа кэрдиискэ таһаарбыта» — диэн Айсен Сергеевич Бастакы ­Бэрэсидьиэн сүдү былааннара, тосхоллоро туолуохтаахтарын, салҕаныахтаахтарын санатта.

Бастакы Бэрэсидьиэн албан аатын үйэтитэргэ 2023 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Уопсастыбаннас аатыттан киирбит тыһыынчанан этиилэртэн тирэнэн, күн бүгүн сорох саҕалааһыннар олоххо киирдилэр. Михаил Николаев аатынан проспект баар буолла, ону таһынан, Сэргэлээх суолун кытта быһа охсуһууга кини аатынан болуоссат оҥоһуллуоҕа, пааматынньыга туруоруллуоҕа.

Михаил Ефимович дууһатын ууран туруорсубут үнүбэрситиэт кампуһа, киинэ павильона бу болуоссат тулатынан тутуллуоҕа. 1990-ус сыллар саҥаларыгар Михаил Николаев инникини өтө көрөн, «Сахафильм» хампаанньаны төрүттээбитэ.

Эдэр талааннаах оҕолору сайыннарарга дойдутугар, Өктөмҥө, «Ленский край» диэн научнай-тиэхиньиичэскэй киини тутуохтара. Кини төрүттээбит «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларыгар быйыл 25 араас дойдуттан 2000-тан тахса спортсмен кытынна. Бу күрэхтэһии национальнай сүүмэрдэммит хамаанда таһымыгар оҕолорго аан дойдуга саамай улахан тэрээһин. «Азия оҕолорун» кэмитиэтэ быйылгыттан оҕо успуордун сайыннарарга дьоһун кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо уордьан биэрэр үтүө үгэһи саҕалаата. Бастакы уордьаны Михаил Николаевка анаан, дьиэ кэргэнигэр туттарбыттара.

2002 сылтан саҕалаан, Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр «Билиигинэн кыайыаҥ» диэн истипиэндьийэ туттарар этэ, ол билигин судаарыстыбаннай таһымҥа киирэн, сыл ахсын туттарыллыаҕа.

2 1

Дьиэ кэргэнэ 

Оҕолорун, сиэннэрин аатыттан Маша Куличкина эһэтэ күннэтэ элбэх дьону кытта алтыһар үлэтин быыһыгар, ыраах командировкаҕа  да сылдьан, куруук сиэннэриниин билсэ турарын, хайдах үөрэнэллэрин туоһулаһарын туһунан кэпсээтэ.

«Кини аан дойдуну анааран, инникитин туох буоларын сэрэйэн, хайа баҕарар уустук балаһыанньаттан сатаан тахсар дьоҕурдааҕа. Дьону кытта чиэһинэй, көнө сүрүннээҕэ, алҕаспытын хайдах баарынан этэн биэрэрэ, олоххо үөрэтэр муударай сүбэлэри биэрэрэ. Куонкурустарга, олимпиадаларга кыайдахпына тэҥҥэ үөрэрэ, хайгыыра уонна өссө үрдүк кирбиигэ тахсарга үөрэтэрэ.

Кыһыҥҥы киэһэлэргэ киниэхэ кинигэ ааҕан биэрэрим, оҕо сылдьан фортепианоҕа үөрэнэр кэммэр дьиэбитигэр кэнсиэр тэрийэрэ, сырыы аайы саҥа айымньыны толорорум», — диэн уйадыйан туран эһэтин аҕынна. Ону таһынан, тиэргэнигэр тахсан, сайын итииттэн, кыһын тымныыттан толлубакка, чааһы чааһынан сөбүлээн хаамарын кэпсээтэ.

Кыыһа Ольга Андросова Михаил Ефимович улахан судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ быһыытынан сүрэхтэригэр өрүү баарын туһунан эттэ. Кини «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы кэмитиэт туттарбыт уордьанын «Николаев киинигэр” дьон көрүүтүгэр анаан туттаралларын иһитиннэрдэ.

Кини туһунан дьиэ кэргэнин, бииргэ үлэлээбит дьонун, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сырдык өйдөбүллэрэ баарын тухары, Михаил Николаев дьон сүрэҕэр өрүү тыыннаах.

1

100 сылга биирдэ кэлэр Киһи 

Оттон мин Ил Түмэн дьокутаатыгар, «Якутцемент» тэрилтэ дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх тутааччыта Алиш Забид оглы Мамедовка чугаһаан, Бастакы Бэрэсидьиэммитин хайдах өйдөөн хаалбытын туһунан ыйыталастым.

«Михаил Ефимович дойдутугар 45 сыл олорон кэллим, кини мин учууталым, олох араас боппуруостарыгар элбэххэ үөрэппитэ. Бу кэм устатын тухары элбэх уһуйааны, оскуоланы, балыыһаны, Мохсоҕоллооххо бассейыны тутан киллэрбиппит. 1990-ус сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыыны тохтоппотоҕо, саптарбатаҕа.  Кини сорудаҕынан элбэх эбийиэги туппуппут.

Хаҥалас олохтоохторо «Орто дойдуга” түмсэн, ыһыахтыыр үгэстэрин саҕалаабыта, онтон зоопарканы арыйан, куораттан дьон кэлэн дьиэ кэргэнинэн сынньанарыгар усулуобуйа тэрийбитэ. Уруккута Орджоникидзевскай оройуоҥҥа Хаҥалас улууһун аатын төнүннэрбитэ.  Покровскай, Ньурба куорат статуһун ылбыттара», — диэн туран,  Михаил Ефимович курдук киһи 100 сылга биирдэ кэлэрин, кини аттыгар сылдьан элбэххэ үөрэммитин, сүбэтин истибитин дьолунан ааҕарын эттэ. 

«Киниттэн толлор этим. Улууска кирпииччэни, испиэскэни, минеральнай баатаны, арболиты оҥорор собуоттар утуу-субуу сабыллыбыттара. Михаил Ефимович биһиги собуоппутун куруук өйүүрэ, дурда-хахха буолара, кини көмөтүнэн тыыннаах хаалыахпыт диэн эрэл баара. Күн бүгүн сиэмэнэ суох тутуу барбат, онон собуот кыамтата этэҥҥэ улаатта.

Кэлиҥҥи 15 сылга өрүскэ киирэн, тыыга олорон чааһы-чааһынан арааһы бары кэпсэтэр этибит. Мин дойдубуттан Азербайджантан саҕалаан, аан дойду бэлиитикэтин барытын ырытарбыт», — диэн, Михаил Николаев дойдутун дьонун омугунан араарбакка өрүү өйөөбүтүн, Хаҥалас улууһа сайдарыгар сүрэҕин ууран туран үлэлээбитин бэлиэтээтэ.

Елена Голомарева, Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Михаил Николаев саамай ыарахан 1990-ус сылларга саха норуотун туһугар саҥа хардыылары оҥорбутун санатан, Аартыка сайдыытыгар эппит этиилэрэ бары үйэлээх уонна инникилээх буолан тахсыбыттарын эттэ.

4

Аны күһүн киинэ тахсыаҕа

Юрий Семенов, «Николаев киин», СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин М.Е. Николаев архыып-бибилэтиэкэтин салайааччыта:

– Бастакы Бэрэсидьиэммит аатын үйэтитэргэ Ил Дархан ыйааҕын чэрчитинэн, Дьокуускайга Автодорожнай уулусса Михаил Николаев проспега диэн ааттанна. Онно баар ипподромҥа пааматынньыгын туруоруохтара, ону таһынан, дьон сынньанарыгар араас социальнай-култуурунай эбийиэктэри тутуохтара. Михаил Ефимович баҕатынан барыта дьон туһугар оҥоһуллуоҕа.

1992 с. кини Москуба куоракка баар «Бэс чагда» сонотуоруй өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирэрин ситиспитэ. Аан дойдуга аатырбыт кардиохирург, бэрэпиэссэр Лео Бокерия улахан эпэрээсийэ кэнниттэн дьон тута дьиэлэригэр ыраах көтөллөрө сэрэхтээх, чөлүгэр түһүүнү ааһыахтаахтар диэн этиитин ылынан, ити сонотуоруй өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ананан аһыллыбыта. Ол иһин ити сонотуоруй билигин Михаил Николаев аатын сүгэр.

Дьокуускайга Мэдиссиинэ киинигэр кини аатын иҥэрбиттэрэ. «Николаев кэмэ», «Мин норуоппар өрүү махтаныам», маны таһынан 6 томнаах халыҥ кинигэ тахсыахтаах. 

Өрөспүүбүлүкэ албан аатын аатырдан, дойдуларыгар туһаны оҥорбут дьоҥҥо Ил Түмэн Михаил Николаев аатынан Бочуоттаах бэлиэни олохтуур туһунан сокуон ылыммыта. Быйыл бастыҥ үлэлээх дьоҥҥо ити улахан судаарыстыбаннай наҕарааданы туттарыахтара.

Режиссер Никита Аржаков «Бэрэсидьиэн суола» диэн киинэни устубута, ону өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр, балаҕан ыйын 27-гэр көрдөрүөхтэрэ.

Өктөмҥө, көмүс уҥуоҕа харалла сытар сиригэр мемориальнай киини тутарга куонкурус биллэриллэн, эһиил тутуллан бүтүө дии саныыбыт. Үйэлэргэ хаалар өйдөбүнньүгү ыксаабакка, хаачыстыбалаахтык оҥоруохха наада.

Онон Сахабыт Сирин сайдыытыгар дьоһун суолу хаалларбыт Бастакы Бэрэсидьиэммит аата үйэлэргэ ааттана, суон сураҕа сураҕыра туруо.  

Ариан Иванов хаартыскаҕа түһэриитэ.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ