1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дойду үрдүнэн ат хомуура диэн барбыта. Сэриигэ, киһини кытта тэҥҥэ, биир төһүү тыыннаах күүһүнэн ат буолбута. Кыһыл Армия 1 мөлүйүөн 9 тыһыынча атыттан сэриигэ мөлүйүөнтэн ордугун сүтэрбитэ.

Сэриигэ аты таһар-тиэйэр күүс быһыытынан эрэ буолбакка аттаах кавалерияҕа кытта туһаммыттара. Байыаннай-ветеринарнай сулууспа күүскэ үлэлээбитэ. Сэриигэ мобилизация бы­һыытынан ыҥырыллан 6507 ветврач уонна 10 290 ветфельдшер кыттыбыта. Оттон Кыһыл Армия Байыаннай-ветеринарнай академията сэрии сылларыгар 1178 ветеринарнай бырааһы, 1220 ветфельдшери, 7016 младшай ветфельдшери, 660 инструкторы, 26 тыһыынчаттан тахса тимир уустарын бэлэмнээн таһаарбыта. Сэрии усулуобуйатыгар ветеринарнай лазареттар сэриигэ бааһырбыт уонна ыалдьыбыт 3 555 764 аты эмтээн үтүөрдүбүттэрэ уонна сэриигэ хат киллэрбиттэрэ. Ол иһигэр 2 147 494 аты стационарга сытыаран уонна таһыттан эмтээн 1 319 870 аты. Кэмигэр ыарыыга сутуйсубаттарын курдук быһыы биэрэр, профилактическай үлэҕэ улахан болҕомто ууруллубута. Бу ордук күүскэ трофейнай (өстөөх ата) уонна атаака бириэмэтигэр мунан киһитин сүтэрэн мээнэ сылдьар аттарга сыһыаннааҕа.

afsjasjkfhj12

Сэрии иннинэ 1939 с. ССРС Сэбилэниилээх күүс­тэрин уурааҕынан «Лошадь — Красной Армии» диэн фонда тэриллибитэ, ол аата аармыйа туһатыгар аты хомуйуу. Бу тыа хаһаайыстыбатын наркоматын иһинэн ыытыллар тэрээһин этэ. Дойду байыаннай күүһүн мобилизациятыгар диэн 1941 сыл муус устар 8 күнүгэр Киин Комитет Политбюрота дьаһал таһаарбыта. Онно этиллэринэн «норуот хаһаайыстыбатыттан 45 хонуктаах  үөрэтэр хомуурга, өрөспүүбүлүкэлэринэн, кыраайдарынан, уобаластарынан тыыран туран, 57 500 аты хомуйарга». Обуос ата, артиллерия ата уонна киһи миинньэр ата диэн тус-туспа тыыраллара сааһыттан керен. Холобур, 1941 сыл муус устар 10 күнүгэр Кыһыл Армия генеральнай штабын директиватыгар: обуос ата — 20000, артиллерия ата — 4000, киһи миинньэр ата  — 4000 наада диэн ыйыллыбыта. Сэрии бастакы сылын бүтэһигэр дойду үрдүнэн  норуот хаһаайыстыбатыттан Кыһыл Армия туһатыгар 26620 ат туруоруллубута.

Бу маннык оборуонаҕа улахан суолталаах дьаһалга Саха сирэ кыттыбыта дуо? Биһиги өрөспүүбүлүкэбит оройуоннарыттан сэрии сылларыгар «Лошадь – Красной Армии» фонда нөҥүө аттар хомуллубуттарын архыып докумуоннара туоһулууллар. Барыта бу фонда нөҥүө төһө сылгы уопсай хомуллубута көстө илик. Арай САССР Минсельхоһун 1951 сыллааҕы отчуотугар «сэрии сылларыгар холкуостар араас тэрилтэлэргэ атыыга, ордук Саха сирин тас өттүгэр барыта 50726 төбө сылгыны государстваҕа туттарбыттара» диэн сурулла сылдьар.

Саха сирэ сэрии хайа саҕаланыаҕыттан «Красная лошадь» фондаҕа аттары хомуйбут. Манна сыһыаннаах саамай эрдэтээҥи докумуон 1941 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр суруллубуту көрдөрөр. Ол курдук, Саха сирин наркомземын наркомун солбуйааччы  Трапезников Бүлүү райсоветыгар сорудахтаабыт «төһө сылгыны фондаҕа хомуйбуккутун от ыйын 5 күнүттэн уһаппакка анал формаҕа толорон биллэриҥ. Хомуйбут аттаргыт туруктарын уонна аһатыытын зооветеринарнай улэһиттэр хааччыйыахтаахтар. Хабыллыбатах холкуостары уонна тэрилтэлэри эбээһинэстээҥ. Ыыттыбыт: форма №3, «Лошадь Красной Армии» фонда инструкцията». 

sahfjgfag

1942 сылга төһө сылгы хомуллубута чуолкайа архыып докумуоннарыттан толору көстөр. Ити сыл тохсунньуга РСФСР Сирин наркоматын бирикээһинэн Саха сиригэр акка былаан түспүт.  Таарыйа эттэххэ, ханнык да «атыыга» эҥин диэн тыл көстүбэт, былаан босхо туолуохтаах диэн. «Лошадь — Красной Армии» фондаҕа сыл устата 8368 сылгы түһүөхтээҕэ былааннаммыт: үс сааһыттан үөһээ – 5020 сылгы, үһүгэр дылы саастаах – 3348 сылгы. Саха сирин Наркомзема оройуоннарынан былаан түһэрбититтэн көрдөххө, саамай элбэх былаан 810 төбөҕө Сунтаар оройуонугар түспүт. Уус-Алдаҥҥа 690 төбө, Үөһээ-Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Орджоникидзевскай – 650-нуу төбө, Намҥа – 620 төбө, Бүлүү-600, Ньурба – 570, Амма, Таатта -500-түү о.д.а. 1942 сыл сэтинньи ыйын түмүгүнэн, былааннаммыт аттан аҥаара эрэ 4217 төбө хомуллубут. Ордук Бүлүү, Үөһээ-Бүлүү, Орджоникидзевскай оройуоннара үчүгэйдик хомуйбуттар. Ол курдук, бүлүүлэр былааннарын толоро сыһан 591 сылгыны туттарбыттар. Сааһынан арааран этэр буоллахха, бу оройуон 3 сааһыгар дылы 153 төбөнү, 3 саастаах 68 төбөнү, 4 саастаах 111 төбөнү, 5 саастаах 65 төбөнү, 6 саастаах 78 төбөнү, 7 саастаах 93 төбөнү туттарбыт. Лаппа үчүгэй көрдөрүүлээх  оройуоннары ыллахха: Үөһээ-Бүлүү -533 төбөнү, Таатта – 449 төбөнү, Орджоникидзевскай – 543 төбөнү, Амма -344 төбөнү, Өлүөхүмэ -398 былааннааҕыттан 303 төбөнү туттарбыт.

sdfhsjdgf33

Биллэрин курдук, сэрии инниттэн 1938 сылтан уонна сэрии сылларыгар, кэннигэр даҕаны 1950-с сылларга диэри кураан, эрдэттэн хаһыҥнаах, аһыҥалаах сыллар этилэр. Онон сүөһү иитиитигэр кытаанах сыллар кэлэн ааспыттара, хаһан аһыыр саха сылгытын ахсаана биллэрдик аҕыйаабыта. Холобур, Сунтаар оройуона 1940 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи түмүгүнэн, 3633 төбө сылгылаах эбит буоллаҕына, 1942 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи  сибидиэнньэнэн 435 төбө хаалбыт. Бу манна кураантан ураты таһаҕас тиэйиитигэр, араас бэдэрээт үлэтигэр 2342 ат тыырыллыбытыттан сылгы ахсаана аҕыйаабыт буолуон уонна 1941 с. «Лошадь — Красной Армии» фондаҕа сылгы хомуллубут буолуон сөп (ити сибидиэнньэ көстө илик). 1940-1941 сс. таһаҕас тиэйиитигэр барыта 2342 ат тыырыллыбытыттан көрдөххө, «Лензолото» таһаҕаһыгар– 150 ат, «Алданзолото» таһаҕаһыгар — 600 ат, Кэмпэндээйи тууҺугар (Баагинскайтан Кэмпэндээйигэ туус  тиэйиитигэр) — 1000 көлө, Сунтаартан Дьокуускайга диэри оройуон заготконторатын таһаҕаһын тиэйиитигэр — 292 ат, райсоюзка Сунтаарга Мухтуйаттан, Витимтэн, Бүлүүттэн таҺаҕас тиэйиитигэр 300 ат былааннаммыт эбит. Ол иһин 1942 сыллаах «Лошадь - Красной Армии» фонда хомууругар саамай элбэх былааннаах Сунтаардар баара-суоҕа 112 төбөнү туттарбыт биричиинэлэрэ итиннэ сытар. Ситинник балаһыанньалаах оройуоннар: Ньурба -108 төбөнү, Уус-Алдан – 180 төбөнү, Нам 166 төбөнү, Мэҥэ-Хаҥалас – 203 төбөнү, Горнай 28 төбөнү туттарбыттар. Сааһынан ыйар буоллахха сунтаардар, ньурбалар, намнар, горнайдар, кэбээйилэр, уус-алданнар 3 сааһыгар диэри биир да сылгылара суох, үксэ кырдьаҕас сылгылары 5-7 саастаахтары туттарбыттар.

hsajfhkjhfkhkf

Аны туран бу туттарбыт уопсай 4217 сылгыларыттан хамыыһыйа көрүүтүнэн 2098 сылгы сааһынан уонна уҥуоҕунан хапсыбатах. Уҥуоҕунан саха сылгыта намыһах буоларын бэлиэтээн маннык суруллубут «некондиционность лошадей в нашей республике по росту, очевидно, и является главной причиной того, что по районам план не выполняется, а между тем согласно приказа НКЗ РСФСР №6 от 30.1.42г. вопрос о снижении кондиций по росту лошадей, выделяемых в фонд «ЛКА» можно было и нужно было поставить перед Областным военным комиссариатом, которому предоставлено право этот вопрос решить». 

Сэриигэ сылдьар аттары отунан хааччыйыыга Саха сирэ эмиэ кыттыспыта. Докумуоннартан көрдөххө, холхуостарга оннук былаан сүктэриллибит.

Сэрии сылларын историятын үөрэппит учуонай Д.Д. Петров «Лошадь – Красной Армии» фонда туһунан суруйбатах. Онон бу арылла илик тиэмэ өссө да ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтиигэ наадыйар.

1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду сэриитигэр Саха сириттэн 62091 буойун саллааттарбыт кыттыбыттарын таһынан, Саха сиригэр үөскээбит чулууттан-чулуу сылгыларбыт талыллан, снаряд таһыытыгар, кавалерияҕа, обуоска, обороннай завод үлэтигэр, оккупацияттан босхоломмут дьон олоҕор-дьаһаҕар көмөҕө уо.д.а. сэрии кыһалҕатыгар кыттыбыттара. Аҕа дойду сэриитин историята кэлин сааһыланнаҕына мөлүйүөнтэн ордук сэрии хонуутугар охтубут акка кэнэҕэс пааматынньык да туруоруохтара дии саныыбын.

Наталия Степановна Степанова,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччыта

Хаартыскаларга:

№1. Справка Госплана при СНК ЯАССР по выполнению плана по фонду «Лошадь Красной Армии» за 1942 г. 26 января 1943 г. НА РС (Я). Ф.Р-52. Оп.27. Л.51-52.

№2. Справка Наркомзема ЯАССР о состоянии выполнения плана создания фонда «Лошадь для Красной армии» за 1944 г. по Якутской АССР. 27 марта 1945 г. НА РС (Я). Ф.Р-52 . Оп.27. Д.79. Л.22, 22 (об).

№3. Якутский верховой конь с летним верховым обрядом. Из выставки Качикатского ысыаха Орджоникидзевского района. 24-25 июня 1944 г. НА РС (Я). Ф.Р-52. Оп.22. Д.302. Конверт.

№4. Выставки-показ коней, снаряженных старинными якутскими верховыми обрядами и кумысных кобылиц. Качикатский ысыах Орджоникидзевского района. 24-25 июня 1944 г. НА РС (Я). Ф.Р-52. Оп.22. Д.302.Конверт.

№5. Выставочные кони. Качикатский ысыах Орджоникидзевского района. 24-25 июня 1944 г. НА РС (Я). Ф.Р-52. Оп.22. Д.302. Конверт.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ