Ааттара хайаан да ахтыллыахтаах
Бу буолбут алдьархай туһунан биһиги олох хойукка диэри тугу да билбэт-көрбөт, истибэт этибит. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Чурапчы холкуостарын хоту оройуоннарга күүс өттүнэн көһөрүү тиэмэтэ, этэргэ дылы, хойукка диэри чып кистэлэҥҥэ сылдьыбыта. Арай ити ынырыктаах кэми тыыннаах ордубуттар уонна кини оҕолоро эрэ ыар баттык оӨосто сылдьыбыттара.
1986-1987 сыллартан саҕалаан урукку былаас быһаарыыта сыыһатын туһунан дакаастаһыы саҕаламмыта. Ити историятыттан быһа тардан бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын. Өссө 1985 сыллаахха Улуу Кыайыы 40 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ бу боппуруос аан бастаан көтөҕүллүбүтэ. Чурапчытааҕы райком иккис сэкиритээригэр Агафья Семеновна Птицынаҕа көһөрүллүү кыттыылаахтара: «Кыайыы күнүгэр тоҕо мэлдьи сэрии бэтэрээннэрин эрэ чиэстиигит, биһиги хоту көһүүгэ эрэй-муӨ бөҕөтүн көрбүппүт», - диэхтээбиттэрэ. Ити кэнниттэн бу алдьархай болҕомтоҕо ылыллыбыта.
Өр кэмҥэ чып кистэлэҥҥэ тутулла сылдьыбыт урукку былаас дьаһалын сыыһатын дакаастаһын, көтүттэрии, общественность билиитигэр таһаарыы эр санааттан, элбэх сыраттан, сүүрүүттэн-көтүүттэн, туруорсууттан тахсыбыта чуолкай. Эр санаалаах, дьиӨнээх патриоттар эрэ ылсыахтарын сөптөөх дьыалалара диэн күн-дьыл ааспытын кэннэ саныыгын. Өрүү үрдүнэн «көтүрүллүбүтэ», «дакаастаммыта» эрэ диэн суруйабыт. Дьэ, бу дьон кимнээх эбиттэрий? Кинилэр ааттара-суоллара хайаан да ахтыллыахтаах дии саныыбын. Чурапчы райкомун сэкиритээрэ Геннадий Михайлович Сысолятин, райсовет бэрэссэдээтэлэ, сенатор Егор Афанасьевич Борисов, обком сэкиритээрдэрэ Виктор Петрович Кудрин уонна Павел Михайлович Андреев этилэр. Бастакы Президеммит, оччотооҕуга Саха АССР Һрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев: «Чурапчы алдьархайа — бүтүн Саха норуотун трагедията», - диэбитэ. Дьэ, ити кэнниттэн харан турбут үрэх уута төлө баран сүүрүгүрэрин курдук, бу тиэмэ Саха сирин бүтүннүү тилийэ көтөн, дьон-сэргэ билиитигэр тахсыбыта.
1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүкү партийнай салалтата Кыһыл Армия саллааттарын аһынан-үөлүнэн хааччыйар сыаллаах Чурапчы оройуонун 41 холкуоһун чилиэннэрин хоту оройуоннарга балыктата көһөрөр туһунан быһаарыы ылыммыта.
Ытык киһибит этиитэ
Ити туһунан саха народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон бу курдук эппитэ. Кини: «Бүгүн биһиги үйэ уларыйар героическай кэмигэр олоробут. ОлоӨхолуу эттэххэ, айыы икки абааһы икки күрэс былдьаһар, күөн көрсөр үйэтигэр олоробут. Уу долгунун курдук биир күн күөрэс гыныахха, биир күн тимис гынныахха сөп курдук. Былыргы сахалар үс дойду баар дииллэрэ: үөһээ, аллараа, орто дойду. Һөһэ ырай аһыллыахтаах дииллэрэ. Ол ырай аһылларын көрбүт киһи дьоллоох буолуохтаах. Ол икки ардыгар аат айаҕын аһыллыыта эмиэ баар дииллэрэ. Сир хамсаан, хайа ыстанан, дьону биирдэ ыйыстан, үөдэн түгэҕэр мэҥиэстэн кэбиһэр түгэнэ баар дииллэрэ. Оннук алдьархай Саха сирин үрдүнэн эһиги, чурапчыларга, түбэһэн турар. Мин ити сталинизм ыксары кэмигэр, 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонун 41 холкуоһа, 4988 киһи эмискэ үлүгэр, Өлүөнэ өрүс устун таӨнары уһуннарыллан, хотугу оройуоннар тоҥ буордарыгар сүөкээн сорго-муҥҥа аат айаҕар таӨнары анньыллыбыттарын этэбин. Онно 152 кыаммат кырдьаҕас, 895 кыра оҕо, 195 инбэлиит уонна 543 армияҕа барбыт дьон кэргэттэрэ фроӨӨа балыктатар аатынан күһэйиллэн барбыттара. Бу ынырык дьаһалтан 2000 киһи хоргуйан, тоҥон, араас муҥу-сору көрөн өлбүттэр, төрөөбүт Чурапчыларын буоругар эргиллибэтэхтэр. Мантан ордук тыыннаах алдьархай Саха сиригэр, арааһа, хаһан да буолбатаҕа буолуо. Бу өлбүттэр кэннилэриттэн тулаайах хаалбыт хаан-уруу ыччаттара төһөлөөх харах уутун, сүрэх ыарыытын, санаа сөллүүтүн көрсүбүттэрэ, куттара-сүрдэрэ куойбута буолуой?! Ону былырыыӨӨа диэри тылынан да ахтар бобуулаах этэ. Дьэ маннык алдьархай аанын аспыт сыыһа уураах общественность туруорсуутунан, 49 сыл буолан баран, быйыл эрэ партия рескомун уурааҕынан көтүрүлүннэ. Бу иннинэ Кэбээйи, Эдьигээн, БулуӨ оройуоннара ветеран Г.Д. Ефимов көҕүлээһининэн кинилэр сирдэригэр өлөн сүппүт чурапчылар кэриэстэригэр өйдөбүнньүк обелиск туруорбуттарын, туруора сылдьалларын киһи улаханнык махтана саныыр. Аны Чурапчы оройуонун общественноһа бу үс төгүллээх ыар сүтүктэрэ умнуллубакка, кэлэр да үйэлэргэ тиийэ кэриэстэнэ турар курдук боччумнаах, ыраахтан көстүүлээх искусство айымньытын кэккэтигэр киирэр биир сүдү Мемориал-пааматынньыгы тутан кэннигитигэр хаалларар кэмӨит кэллэ дии саныыбыт. Маны Чурапчы оройуонун ытык иэһэ диэбэккэ, бүтүн саха норуотун иэһин курдук өйдөөн, мин тыл көтөҕөбүн», - диэн 1991 сыллаахха Чурапчы дьонугар этиитэ «Аман өс-Мысли вслух» диэн кинигэтигэр бэчээттэммитэ. Ытык киһибит бу этиитин үгүстэр билбэттэр эбит. Онон бэлиэ даатаҕа түбэһиннэрэн бэчээттииргэ сананным.
Ытык киһибит ити баҕа санаата Чурапчы көһөрүллүүтүн 65 сылыгар (2007 сыллаахха) туолбута. Улуус киинин хабайар ортотугар ТаӨара дьиэтэ турар томторугар ийэлээх оҕо мемориал-пааматынньыктара туруоруллубута. Бу айымньы ааптарынан Василий Дьячковскай буолар. Ийэлээх оҕо пааматынньыктара мэлдьи история ыар, ол эрээри туора сотуллубат трагедиятын көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ саната-өйдөтө туруохтара.
Төһөлөөх историяны мүлчү тутабыт?
Биһиги, суруйар идэлээхтэр, дьону букатын кэлбит курдук санааммыт төһөлөөх историяны мүлчү тутарбыт буолуой? Бүппүтүн, ааспытын кэнниттэн «таах сибиэ кэпсэппэккэбин, ахтыы ылбаккабын», - диэн кэмсинии-кэмиринии элбэхтик иһиллээччи.
Биллэрин курдук, ити алдьархайга түбэспит дьон үгүстэрэ биһиги кэккэбититтэн туораатахтара. 2000 сыллаахха Уус-Алдан улууһун «Мүрү саһарҕата» хаһыакка бииргэ үлэлээбит коллегам Уйбаан Бахсылыырап «Ыар кэмнэр тыыннаах туоһулара» диэн кинигэни бэчээттэтэн таһаарбытын, дойдутун дьонугар-сэргэтигэр, Бахсы нэһилиэгин, Чурапчы улууһун олохтоохторугар улахан бэлэх, өйдөбүнньүк быһыытынан ааҕабын. Атын улууска олорон, дьонун-сэргэтин тыыннаахтарына баттаһа, ахтыылары хомуйбута история кэриһитинэн буолаллар.
Бүгүҥҥү суруйуубар ол ыар кэмнэр тыыннаах туоһуларын ахтыыларыттан киирбэтэҕинэ, улахан итэҕэс-быһаҕас тахсарын өйдүүбүн. Уйбаан Бахсылыырап «Харах уута билигин да кэлэр» диэн суруйуутуттан Ульяна Павловна Лыткина кэпсээниттэн быһа тардан күндү ааҕааччыларбар билиһиннэрэбин:
- Бэстээхтэн хоннуохпут иннинэ ис ыарыыта турбута. Кырдьаҕас, оҕо өттө ордук эрэйдэммиттэрэ. Бэстээх кытылыгар биригэдьиирбит Филип Барашков эдьиийэ Арыппыана өлбүтүн уҥуох тутан баарпыт. Аара айаннаан истэхпитинэ Марфа Белолюбская уонна Өлөөнө Слепцова диэн эмээхситтэр өлбүттэрэ. Трюм иһигэр олорон айаннаабыппыт. Сарсыарда үөһээ таҕыстахха, баарса кытыытынан киһи нэһиилэ хаамар. Истэринэн ыалдьыбыт сордоохтор истэрин өӨүнэн күөх чалахайынан таһаарбыттара киһини хаамтарбат. Баарса үлэһитэ быһыылааҕа, бытыктаах нуучча киһитэ үөхсэ-үөхсэ, шланганан ол чалахайы ыстаран, ыраастыы сылдьар буолара. Атын да нэһилиэктэртэн айаннаан иһэн өлүтэлээбиттэрэ. Олору таһаара-таһаара баарса биир уһугар сытыараллара уонна аара кумах арыыга тохтоон, кумаҕынан тарыйан көмпүтэ буолан баран эмиэ айанныырбыт. Дьэ ол курдук айаннаан, Эдьигээн оройуонун киинигэр тиийэн сүөкэннибит. Барыбытын таһааран эргэ баанньык дьиэҕэ уонна бараахтарга симтилэр. Мин билигин санаатахпына, биһиги өссө оройуон киинигэр түбэһэммит кэм дьиэлээх-уоттаах сиргэ тиийдэхпит. Оттон, ити иһиттэххэ, атын нэһилиэктэр, Кэбээйигэ сылдьыбыттар төрүт ото-маһа суох сиргэ тиийээхтээбиттэр эбит. Сайын, күһүн үксүн солбуһа сылдьаммыт, түүннэри балыктыырбыт. Өрүс сорох балыга түүҥҥү сырыылаах буолан, оннук балыктаталлара. Билиҥҥи курдук эрэһиинэ саппыкы кэлиэ дуо? Этэрбэспитин харыстаан, алтынньыга диэри атах сыгынньах сылдьан муӨхалыырбыт. Билигин итини кэпсээтэхпинэ, «Ама оннук үһүө?» дэһиэхтэрэ, - диэн ахтыбыт.
Биһиги өйдүөх тустаахпыт, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтарын ааспыт олохторо күүстээх буолуу, ханнык да ыарахаттары, уустуктары уҥуордаан үтүө санааны, олоххо эрэли илдьэ сылдьыы холобурдара.