Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии. Сэрии хаамыытыгар тосту уларыйыыны киллэрбит  улуу кыргыһыылар

1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр басыыстыы Германия сэриини биллэрбэккэ эрэ Сэбиэскэй Сойууска уодаһыннаахтык саба түспүтэ.

1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн Ленинграды өстөөх төгүрүктээн хаайан олоруута саҕаламмыта.

1941 сыл балаҕан ыйын 30 күнэ - 1942 сыл муус устар 20 күнэ. Москуба аннынааҕы кыргыһыылар.

1941 сыл алтынньы 30 күнэ - 1942 сыл от ыйын 4 күнэ. Севастополь дьоруойдуу оборуоната.

1941 сыл сэтинньи 7 күнэ.  Сэбиэскэй сэриилэр Кыһыл болуоссакка парааттара.

1942 сыл от ыйын 17 күнэ – 1943 сыл олунньу 2 күнэ. Сталинградтааҕы кыргыһыы.

1943 сыл от ыйын 5 күнэ – атырдьах ыйын 23 күнэ. Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыы.

1944 сыл тохсунньу 27 күнэ. Ленинград төгүрүктээһинтэн босхолонуута.

1944 сыл муус устар 8 күнэ – ыам ыйын 12 күнэ. Кырыымы босхолооһун.

1944 сыл бэс ыйа – 1945 сыл ыам ыйа. Дьобуруопа дойдуларын фашизмтан босхолооһун.

1945 сыл муус устар 16 күнэ – ыам ыйын 4 күнэ. Сэбиэскэй сэриилэр Бэрилииннээҕи эпэрээссийэлэрэ.

1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ. Басыыстыы Германия биир тыла суох бэринэрин туһунан аактаҕа илии баттаһыы.

1945 сыл бэс ыйын 24 күнэ. Москубаҕа Кыһыл болуоссакка аттаах парааттааһын.

1945 сыл атырдьах ыйын 8 күнэ – балаҕан ыйын 2 күнэ. милитаристскай Японияны кытта сэрии.

1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнэ.  Милитаристскай Япония бэринэрин туһунан аактаҕа илии баттаһыы.

Плакат даты

Сэрии хаамыытыгар тосту уларыйыыны киллэрбит  улуу кыргыһыылар

Москубатааҕы кыргыһыы.

Саха Сирин буойуннара – Кашира куораты босхолооһун кыттыылаахтара.  1941 – 1942 сс.

1941 сыл алтынньы 30 күнүгэр ньиэмэс сэриилэрин  Москубаҕа быһаарыылаах кимэн киириилэрэ саҕаламмыта. Өстөөх 80-100 км иннин диэки сыҕарыйан Яхромаҕа, онтон Москуба-Волга ханаалга тахсан,  Шереметьево аэропорт, Крюково ыстаансыйа, Наро-Фоминскай кирбиилэринэн уонна Кашира куорат кытыытынан суостаах сэриилэһиини соҥнообута.

Кашира 1024x726

Ставка сэтинньи ый былаһын тухары сэриилэһэ сылдьар боруоннар састааптарын саҥа сибиэһэй күүстэринэн толоро олорбута. 1941 сыл сэтинньи 8 күнүгэр 500-тэн тахса Саха Сирин буойуннара (атын дааннайынан 1000 кэриҥэ киһи) маршевай эскадроннар састааптарыгар киирсэннэр, генерал П.А.Белов хамаандалыыр  2-с кавалерийскай куорпуһун толорон биэрбиттэрэ. Чуолаан бу куорпус Кашира оройуонуттан Венев хайысхатынан өстөөххө бастакы утары охсууну оҥорбута. Ол түмүгэр, өстөөх Москубаны соҕуруулуу-илиҥҥи өттүнэн тумнан, Коломна оройуонугар көҥү көтөн тахсыахтаах былаана тохтубута. Ньиэмэс генерала Гудериан, тааҥкаларын быраҕан туран, арҕаа диэки тохтобула суох куотуута чуолаан Кашираттан саҕаламмыта. 1941 сыл сэтинньи 26 күнүгэр кыргыһыыларга эр санааны, хорсун буолууну уонна дьоруойдааһыны көрдөрбүтүн иһин, 2-с кавалерийскай куорпуска бочуоттаах «гвардейскай» диэн аат иҥэриллибитэ уонна 1-кы гвардейскай кавалерийскай куорпуска уларытан тэриллибитэ. 1941 сыл ахсынньы 4 күнүгэр Кашира оройуона ньиэмэс оккупациятыттан толору босхоломмута.

Ийэ дойдубут тэбэр сүрэҕэ Москуба куораты ньиэмэс басыыстарыттан Сэбиэскэй Сойуус бары норуоттарын, омуктарын бэрэстэбиитэллэрэ көмүскээбиттэрэ, үгүстэр олохторун толук уурбуттара. Москубаны көмүскээччилэр истэригэр ыраах Саха Сирин буойуннара эмиэ бааллара. Эбии күүс быһыытынан кэлбит сүрүн маасса Кашира уонна Серпухов оройуоннарыгар сэриилэспиттэрэ. Толорута суох дааннайынан,  Москуба аннынааҕы кыргыһыыларга уонна  Кашира куораты босхолооһуҥҥа 2 тыһыынчаттан тахса Саха Сирин дьоно охтубута биллэр. Бу сүнньүнэн өрөспүүбүлүкэ киин оройуоннарыттан ыҥырыллыбыт саха дьоно этэ.

Кашира олохтоохторо, Белов генерал аттаах гвардеец-саха буойуннарын туһунан өйдөбүнньүгү сырдык кэриэс гынан илдьэ сылдьаллар. Ол туһунан «1941 сылга Москубаны көмүскүүр кыргыһыыларга охтубут саха буойуннарыгар Кашира үлэлээн иитиллээччилэриттэн» диэн Зендиково дэриэбинэ бырааттыы иинигэр туруоруллубут суруктаах билиитэ туоһулуур.

Сталинградтааҕы кыргыһыы

1942 сыл от ыйын 17 күнэ – 1943 сыл олунньу 2 күнэ

1942 сыл сайыныгар басыыс сэриилэрэ боруон соҕуруу учаастагар, Дон арҕаатынан Кыһыл Аармыйа күүстэрин үлтүрүтэн, Хапкаас ньиэптээх оройуоннарыгар тахсар уонна Хапкаас хайалаах арҕаһын быһар былааннаах бөдөҥ кимэн киириини оҥорбуттара. Кимэн киириигэ тиистэригэр диэри сэбилэммит биэс аармыйа, ол иһигэр Паулюс 6-с полевой аармыйата баара. Паулюс аармыйатыгар уһулуччу стратегическай суолталаах Сталинграды ылыы соруга туруоруллубута. Манна, Волга кытылыгар, Иккис аан дойду сэриитин хаамыытыгар быһаччы сабыдыаллаабыт биир саамай улахан кыргыһыы барбыта.

Сталинградская битва 1024x723

Көмүскэнии бастакы түһүмэҕэ. (1942 сыл бэс ыйын 17 – балаҕан ыйын 12 күннэрэ).

Дон улахан тоҕойугар, Чир уонна Цимла өрүстэр кирбиилэригэр, Сталинградтааҕы боруон 62-с уонна  64-с аармыйалара Сталинград ыраах өттүтүнээҕи көмүскэлигэр турбуттара. Кыһыл Аармыйа чугуйар диэни билбэт күүстээх утарылаһыыны оҥороро. От ыйын бүтүүтэ, Сталинград соҕуруу өттүттэн ньиэмэс тааҥкабай  4-с аармыйата өтөн киирбитэ. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр ньиэмэс сэриилэрэ арҕааттан уонна соҕурууттан Сталинградка  кимэн киириилэрэ саҕаламмыта. Маннык күүстээх өтөн киириини тохтотор кыахтарыттан тахсыбыт биһиги сэриилэрбит чугуйаннар, куоракка бэйэтигэр оборуоналанарга күһэллибиттэрэ.

Көмүскэнии иккис түһүмэҕэ. (1942 сыл балаҕан ыйын 12 – сэтинньи 18 күннэрэ).

Кыргыһыы, буомбалааһынтан урусхалламмыт куорат уулуссаларыгар көспүтэ. Хас биирдии ордон хаалбыт дьиэ иһин кырыктаах хапсыһыылар бараллара. Биһиги сэриилэрбит, улахан сүтүгү көрсөллөрүн үрдүнэн, эр санааларын түмүнэн адьас тиһэххэ диэри киирсэллэрэ. Сэбиэскэй саллаат Ийэ дойдутугар бэриниитэ, туохтан да чугуйбат дьоруойдуу быһыыта Сталинград иһин кыргыһыыларга маассабайдык уонна дьэҥкэтик көстүбүтэ. Балаҕан ыйын бүтүүтэ өстөөх куорат киинигэр үктэммитэ, сорох сирдэринэн Волгаҕа тахсыбыта. Алтынньыга ньиэмэс биэрэктээҕи лиинньийэни бүтэһиктээхтик баһылыыр туһугар, биһиги сэриилэрбит плацдармнарыгар бөдөҥ кимэн киириини оҥорбута эрээри, сэбиэскэй саллааттар модун санааларын күүһүн түмүнэннэр кыайтарбат истиэнэ буолан турбуттара. Өстөөх уоҕа хараабыта, күүһэ өһүллүбүтэ, ыарахан сүтүгү сүкпүтэ. Сталинграды кыайар кыаҕыттан тахсыбыта.

Сэбиэскэй сэриилэр хардары кимэн киирэллэр. (1942 сыл сэтинньи 12 күнэ. – 1943 сыл олунньу 3 күнэ).

1942 сыл сэтинньи 19 күнүгэр Соҕуруулуу-Арҕаа, Сталинградтааҕы уонна Доннааҕы боруоннар сэриилэрэ өстөөххө хардары кимэн киириини оҥорбуттара. Сталинградка ньиэмэс аармыйатын флангаларын хаххалыыр күүстэр оборуоналарын тоҕу көтөннөр, сэтинньи 23 күнүгэр биһиги сэриилэрбит Калач уонна Сэбиэскэй бөһүөлэктэр сидэригэр-уоттарыгар бэйэ бэйэлэрин кытта көрсүспүттэрэ уонна ньиэмэс 6-с полевой аармыйатын, Вермахт 4-с тааҥкабай аармыйатын чаастарын төгүрүктээһиҥҥэ ылбыттара. Өстөөх үрдүкү хамаандабанньатын сорудаҕынан, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит аармыйаны салгынтан хааччыйарга сорунуу уонна эмиэ ол курдук сэбиэскэй сэриилэр курдааһыннарын төлө көтөргө дьулуһуу кыаллыбатахтара. 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр ньиэмэс куораттааҕы бүтэһик чаастара бэриммиттэрэ. Сталинградтааҕы кыргыһыы, сэрии историятыгар атылыыта суох, өстөөх аармыйатын толору урусхалланыытынан түмүктэммитэ. Сталинградтааҕы кыайыы аан дойдуну сөхтөрбүтэ, араас норуоттар Сэбиэскэй Сойууһу сөбүлүүр, убаастыыр санаалара үөскүүрүгэр төрүтү уурбута. Биир сойуустаахтарбыт «иккис боруону» аһар туһунан олус нэс былааннара олоххо киириитин түргэтэтэргэ күһэллибиттэрэ. Оттон Сэбиэскэй Сойуус бэйэтин норуоттара санаалара көтөҕүллүбүтэ, киэн туттуулара хаһааҥҥытааҕар да күүһүрбүтэ, кыайыыга эрэллэрэ бүтэһиктээхтик бигэтийбитэ.

Ржевтээҕи кыргыһыы

1942 сыл тохсунньу 8 күнэ – 1943 сыл кулун тутар 31 күнэ. Ржевтээҕи кыргыһыы – Иккис аан дойду сэриитин историятыгар биир саамай улахан хаан тохтуулаах охсуһуу. Бу кыргыһыы норуокка «ржевтээҕи мясорубканан» ааттаммыта. Бу кыргыһыы чэрчитинэн түөрт эпэрээссийэ ыытыллыбыта:

Ржевская битва 1024x724

1.Ржев-Вязьматааҕы стратегическай кимэн киирии эпэрээссийэ ( 1942 сыл тохсунньу 8 – муус устар 20 күннэрэ).

2.Ржев-Сычевтааҕы (Гжатскайдааҕы) кимэн киирии эпэрээссийэ (1942 сыл от ыйын 30 – балаҕан ыйын 30 күннэрэ).

3.Ржев-Сычевтааҕы кимэн киирии эпэрээссийэ («Марс»). 1942 сыл сэтинньи 25 – ахсынньы 20 күннэрэ).

4.Ржев-Вязьматааҕы кимэн киирии эпэрээссийэ (1943 сыл кулун тутар 2 – 31 күннэрэ).

Бойобуой эпэрээссийэлэр сыаллара – «Киин» ньиэмэс аармыйатын бөлөхтөрүн төгүрүйүү уонна үлтүрүтүү.

Москуба, Тула, билиҥҥи Калуга, Калинин (билиҥҥи Тверь), Смоленскай уобаластар сирдэрин-уоттарын хабан барбыт бойобуой дьайыыларга Арҕааҥҥы уонна Калининскай боруоннар сэриилэрэ кыттыбыттара. Флангаларга өйөбүлү Хотугулуу-Арҕааҥҥы, Брянскайдааҕы уонна Киин боруоннар оҥорбуттара. Ржевтээҕи кыргыһыыга сэбиэскэй сэриилэр үчүгэй кыайыыны ситиспэтэхтэрэ, ол оннугар бу кыргыһыы тыыннаах хаалбыт кыттыылаахтарыгар тугунан да кыайан оһоруллубат дириҥ бааһы, хараастыылаах өйдөбүлү хаалларбыта.

15 ый тухары салҕанан барбыт кырыктаах кыргыһыылар кэннилэриттэн, биһиги сэриилэрбит Ржев куораты кыайан ылбатахтара. Ржев аннынааҕы кыргыһыылар кэннилэриттэн, сэбиэскэй сэриилэр уопсай сүтүктэрэ 2 мөлүйүөнтэн тахса киһиэхэ тэҥнэспитэ. Ржев аннынааҕы сүтүкпүт Сталинградтааҕы сүтүкпүтүн икки төгүл куоһарар.

1943 сыл тохсунньутугар Калининскай боруон чаастара Ржевтэн 240 км арҕаа сытар Великие Луки куораты босхолообуттарын кэнниттэн, Ржевтээҕи тумуска гитлеровскай сэриилэр балаһыанньалара тосту ыараабыта. Ньиэмэстэр төгүрүйүллэр кутталтан Ржеви хаалларан туран, эрдэ бэлэмнэммит позицияларыгар чугуйан биэрбиттэрэ.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Ржев куоракка ураты ыарахан өлүү-чаас тиксибитэ. Куорат өстөөх оккупациятыгар түбэспитин таһынан, уһун кэмҥэ барбыт хааннаах кыргыһыылар анныларыгар олорбута. Үрдүгэр сэрии буора ыһылла турар боруоннааҕы куорат буолбута. 1978 сыллаахха, Ржев босхоломмута 35 сыла туолуутугар, куорат Аҕа дойду сэриитин 1-кы истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Куорат уонна уобалас сирдэригэр-уоттарыгар 42 бырааттыы ииннэр бааллар.

1994 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр, Ржевтэн  7 биэрэстэлээх Филькино дэриэбинэ  аттыгар, Ржев аннынааҕы кыргыһыыларга охтубут саха буойуннарыгар анаммыт Мемориал  кутурҕаннаахтык аһыллан турар. Мемориал ааптара уонна төрүттээччитэ – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун уонна Ржев куорат бочуоттаах кырасданьыыннара М.Р.Петухов. Ржев сиригэр-уотугар тыһыынчанан ахсааннаах саха саллаата өлбүтэ уонна сураҕа суох сүппүтэ сабаҕаланар.

Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыы

1943 сыл от ыйын 5 – атырдьах ыйын 23 күннэрэ. 1943 сыллааҕы сайыҥҥы хампаанньаны басыыстыы Германия хамаандабанньата «Цитадель» эпэрээссийэнэн саҕалаабыта. Ньиэмэс хамаандабанньатын суоттааһынынан, арҕаа диэки субуллан сытар Курскай Тоҕойо, Киин уонна Воронежтааҕы боруоннар сэриилэрин төгүрүктээһиҥҥэ ыларга уонна үлтү охсорго табыгастаах усулуобуйалааҕа. Бу эпэрээссийэни кыайыылаахтык ыытан өстөөх Сталинградка кыайтарбытын ситиһэргэ суоттаммыта.

Курская битва 1024x722

Курскайдааҕы кыргыһыы икки түһүмэҕинэн барбыта. Далааһыныннааҕынан уонна тыҥааһыннааҕынан Курскайдааҕы кыргыһыы, Иккис аан дойду сэриитин историятыгар ураты миэстэҕэ турар.

Бастакы түһүмэх:1943 сыл от ыйын 5-12 күннэрэ.

От ыйын 5 күнүгэр 2 чаас 20 мүнүүтэҕэ, ол эбэтэр ньиэмэстэр өттүлэриттэн артылыарыйанан ытыалааһын саҕаланыа 10 мүнүүтэ иннинэ, биһиги өттүбүттэн 13-с уонна 70-с аармыйалар 600 орудиелара уонна минометтара урутаан өстөөххө сууһарыылаах уоту аспыттара. Уотунан уһууруу 30 мүнүүтэ устата барбыта. Өстөөх биллэр хоромньуну сүкпүтэ. Ньиэмэс хамаандабанньата бэйэтин чаастарыгар бэрээдэги олохтууругар 2 чаас наада буолбута. От ыйын 12 күнүгэр Прохоровка дэриэбинэ сиригэр-уотугар историяҕа киирбит, биһиги ыстаал куйахпыт уонна мотуорбут кыайыыларынан түмүктэммит, номоххо киирбит тааҥкалар кыргыһыылара барбыта.

Иккис түһүмэх: 1943 сыл от ыйын 12 – атырдьах ыйын 23 күннэрэ. Сэбиэскэй сэриилэр хардары кимэн киирбиттэрэ. Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Брянскайдааҕы боруон сэриилэрэ, Киин уонна Арҕааҥҥы боруоннар көмөлөрүнэн, Орел уонна Белгород куораттары босхолообуттара.

Курскай Тоҕойдооҕу кыргыһыы, ньиэмэс аармыйатын сэриилэрин хотторууларынан түмүктэммитэ. Стратегическай суолталаах бөдөҥ кыргыһыыларга быһаарыылаах  кыайыылары ситиһии түмүгэр, Аҕа дойду көмүскэлин сэриитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Иккис аан дойдутааҕы сэрии хаамыытыгар тосту уларыйыы тахсыбыта.

Александр Калашников, Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах былакааттар бырайыактарын ааптара.

Прокопий ИВАНОВ бэлэмнээтэ.

 

 

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ