Сэрии иннинээҕи сылларга холкуостар бырабылыанньалара, дьоҥҥо үлэлэрин күнүнэн ааҕан таһааран, сылга биирдэ нотууранан – этинэн, арыынан, туораах бурдугунан, о.д.а. ас-үөл бытархай көрүҥүнэн – төлөбүр оҥороллоро, ол эбэтэр дохуот түҥэтэллэрэ. Холкуостаахха, кини үлэтин иһин, харчынан төлөбүр букатын хойут киирбитэ. Ону даҕаны сир ахсын буолбатах. Сыл түмүгүнэн сэргэх түмүгү ситиспит холкуос бырабылыанньата, үлэһит дьонугар куһаҕана суох дохуоту үллэрэн биэрэр түбэлтэтэ баар буолара. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа, экэниэмикэтин туруга, оччоттон баччаҕа диэри, айылҕа, күн-дьыл уустуктарыттан, салайыы, хааччыллыы уо.д.а. үгүс төрүөттэртэн быһаччы тутулуктанар кэбирэх производстволаах уратылаах эйгэ буолар. Ол быһыытынан, сыл түмүгүнэн эбэтэр ончу мэлийэн тахсыбыт, эбэтэр барбах аатыгар эрэ, ытыс салааһына дохуот үллэстиилээх хаалбыт холкуостар аҕыйаҕа суох буолаллара. Тыа олохтооҕо кэтэх хаһаайыстыбатынан эрэ тыынньаланан олороро.

Ити уураахха этиллэрин курдук, холкуостаах килиэби, саахары атыылаһар харчыта төрдүттэн суоҕа. Эйэлээх кэмҥэ, икки хараҥаны ыпсаран үлэлээн, көлөһүнүн күнүгэр аахсыбыт этин, арыытын сорҕотун, тоҥ үүтүн куоракка эбэтэр оройуонун киинигэр киллэрэн кэмчи харчыга батардаҕына, баҕар, лааппыттан килиэп, саахар, минньигэс ас сыыһа атыылаһыан сөп буолуо. Оччотооҕу быыкаа нэһилиэктэр лааппылара туох улахан атыылаах буолуохтарай. Кондитерскай дэнэр минньигэс оҥоһуктары бэйэтин лааппытыгар көрбүт оччотооҕу оҕо баара эбитэ дуу…

Сэрии ыар сылларыгар Саха Сиригэр нотууранан да, «харчынан» да дохуоту үллэҥнэтэ үллэстэр холкуос диэн суох буолбута. Дьон хоргуйууттан, ыар үлэттэн, ыалдьан сылбах курдук өлөн охтубута, сороҕо сыккырыыр тыына эрэ ордон кыайыыга тиийбитэ.  Ону архыып дөкүөмүөннэриттэн көрүөҕүҥ.

Дьокуускай куоракка, Алдан, Ааллаах-Үүн бырамыысыланнай оройуоннарга килиэпкэ, саахарга уонна

минньигэс оҥоһуктарга карточканы олохтооһун, САССР атын оройуоннарыгар бу бородуукталары испииһэгинэн атыылааһын туһунан

САССР НХС уурааҕа

 

1941 с. алтынньы 24 к.              Кистэлэҥнээх

ССРС Наркомтора, ССРС  бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, бу сыл алтынньы 20 күнүнээҕи 11390 №-дээх тэлэгирээмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, Саха АССР НХС уураахтыыр:

1941 сыл сэтинньи 16 күнүттэн Дьокуускай куоракка, төһө бэлэмнээхтэринэн көрөн, ол эрээри ахсынньы 15 күнүттэн хойутаабакка, Алдан уонна Ааллаах-Үүн бырамыысыланнай оройуоннарга килиэпкэ, саахарга, минньигэс оҥоһуктарга карточканы киллэрэргэ уонна сэтинньи 15 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыгар бу бородуукталарга испииһэгинэн атыылааһыны олохтуурга.

Нэһилиэнньэни килиэбинэн, саахарынан уонна минньигэс оҥоһуктарынан хааччыйыыга маннык категориялары олохтуурга:

Бастакы категорияҕа киирсэллэр: обо­руона, өҥнөөх, чох уонна ньиэп бырамыы­сыланнаһын, шахта тутуутун, өҥнөөх уонна хара металлургия оробуочайдара, ИТР, сулууспалаахтара уонна кинилэр иитимньилэрэ. Маны таһынан, сыл кэмнэринэн көрөн, ойуур уонна балык бырамыысыланнастарын производстволарыгар тардыллыбыт оробуочайдар уонна ИТР.

Иккис категория: бастакы категорияҕа киирбэтэх оробуочайдар, ИТР, сулууспалаахтар уонна кинилэр иитимньилэрэ.

ССРС бырабыыталыстыбатын уурааҕар сөп түбэһиннэрэн, биир киһиэхэ карточканан уонна испииһэгинэн бородууктаны биэрии нуормата маннык олохтонор:

Килиэп,

күҥҥэ                   1 категория           2 категория                                    

Оробуочайдарга

уонна ИТР-га        800 кыраам.         600 кыр.

Сулууспалаах­-

тарга                     500 кыр.               400 кыр.

Иитимньилэ-

ригэр                    400 кыр.               400 кыр                                         

12 саастары-

гар диэри оҕо-

лорго                    400 кыр.                400 кыр.                                                          

 

Саахар уонна минньигэс оҥоһуктар холбуу ылыллан, 1 киһиэхэ 1 ыйга

 Оробуочайдар,

ИТР                      500 кыр.                500 кыр.

Сулууспалаах-

тар                        300 кыр.                300 кыр.

Иитимньилэр       300 кыр.                300 кыр.

12 саастарыгар

диэри оҕолорго   400 кыр.                400 кыр.

Өрөспүүбүлүкэ ыһыыта суох хотугу оро­йуоннарын холкуостаахтарыгар уонна ки­нилэр иитимньилэригэр (сыһыарыыга сөп түбэһиннэрэн) хааччыйыы маннык нуорматын олохтуурга:

а)  килиэп, күҥҥэ   —   300 кыраам                                                     

б)  Саахар уонна минньигэс оҥоһуктар  холбуу ылыллан — 300 кыр.

Кэлиҥҥи үс сылга кураантан эмсэ­ҕэлээбит тыа хаһаайыстыбатын соҕурууҥҥу оройуоннарыгар, чиэһинэйдик үлэлии сылдьар холкуостаахтарга, оройуоннарга олохтоммут ыйдааҕы лимиит иһинэн, ол эрэн хотугу оройуоннар холкуостаахтарыгар олохтоммут нуорманы таһынан барбакка туран килиэби, саахары уонна минньигэс оҥоһуктары атыылыыры  көҥүллүүллэригэр оройуоннардааҕы сэбиэттэр толоруулаах кэмитиэттэригэр тиэрдэргэ.

 САССР НХС Председателэ В. Муратов.

НХС дьыалаларын 

управляющайа  М.Карлов

 

СӨ НА.  63 п. 35 оп. 36 д. 46-47 д.

 

Үөһээ Бүлүү оройуонун ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Окоемов САССР

Верховнай Сэбиэтин Бүрүсүүдьүмүн бэрэссэдээтэлэ С.П.Сидороваҕа, НХС бэрэссэдээтэлэ В.А.Муратовка оройуонтан Кыһыл аармыйаҕа

дьону ыҥырыы уонна ыытыы түмүктэрин туһунан дакылааттаах суруга

БКП(б) уо.к. сэкирэтээрэ т.Степаненко тэлэгэрээбинэн дьаһалын ылаат, БКП (б) оройкуома уонна оройуоннааҕы ситэриилээх кэмитиэт бары нэһилиэктэри бэлитиичэскэй боло- муочунайдарынан хааччыйдылар. Бэлитиичэскэй боломуочунайдар өссө иһитиннэрии кэлиэн инниттэн, байыаннай эбээһинэстээхтэр уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин ортолоругар бэлитиичэскэй-маассабай үлэни ыыппыттара.

1942 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр бойоҥкуом-политрук т. Андросов байыаннай эбээһинэстээхтэргэ үөскээбит быһыыны-майгыны биллэрэр туһунан тэлэгэрээбинэн дьаһалын туппуппут.  Онно ыйыллар: биһиги оройуоммут нэрээтэ 450 киһи, бэбиэскэнэн хабыллааччыта 580 киһи. Хамыыһыйа үлэтин бастакы күнэ 1942 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр олохтонор.

Аармыйаҕа ыҥырыллартан боруонньалаахтартан ураты, бары байыаннай эбээһинэстээхтэргэ, доруобуйаларын туругунан устуруойдаах сулууспаҕа хапсааччыларга, 1942 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр хамыыһыйа үлэтин бастакы күнүн олохтуур туһунан 1942 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр т. Андросов тэлэгирээмэтин туппуппут. Инньэ гынан эбии иһитиннэрии оҥоһуллубута.

761 киһиэхэ бэбиэскэ суруллубута, 760 бэбиэскэ туттарыллыбыта. Иһитиннэриигэ анаммыт 761 киһилээх этибит. Мэдиссиинэ көрүүтүн 747 киһи барда, 8 киһи куотунна, 5 киһи ыалдьан кыайан кэлбэтэ. Мэдиссиинэ көрүүтүн түмүгүнэн, доруобуйатынан 619 киһи устуруойдаах сулууспаҕа сөп түбэстэ, 27 киһи көннөрү сулууспаҕа, 87 киһи ыалдьан болдьохторун көһөрөн эрэргэ, 14 киһи доруобуйаларын туругунан учуоттан уһулунна.

Устуруойдаах сулууспаҕа сөп­төөх­төртөн 601 киһи РККА-ҕа (Рабоче-крестьянская Красная армия) ыҥырылынна. Бэлитиичэскэй, сиэр-майгы төрүөттэринэн 11 киһи сиидэлэннэ, 4 киһи ыалдьарынан,  уонна 1 киһи (райпотребсойуус ыскылаатын сэбиэдиссэйэ) матырыйаалынай сыаннастары туттарарынан быстах кэмҥэ тохтотулуннулар.

Бэлитиичэскэй-маассабай үлэни мөлтөх­түк ыытыы түмүгэр, биир нэһи­лиэктэн 4 киһи ыҥырыыттан күрэннэ, өссө 2 киһи эрдэттэн дэсэртиирдээбиттэрэ. Бу аармыйаҕа ыҥырыыттан куотуммут уонна дэсэртиирдээбит дьон холкуос сүөһүтүн өлөртөөн эрэллэр. НКВД үлэһиттэрэ бөлөҕүнэн бу нэһилиэккэ хомондьуруопкаланнылар.

РККА-ҕа ыҥырыллыбыттар истэригэр: нэһилиэктэрдээҕи сэбиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ  4 киһи, нэһилиэктэрдээҕи сэбиэттэр сэкирэтээрдэрэ 9 киһи, холкуостар бэрэссэдээтэллэрэ 18 киһи, холкуостар суоччуттара  26 киһи, пиэримэлэр   сэбиэдиссэйдэрэ 10 киһи, оҕорунуомнар 2 киһи, учууталлар 26 киһи баар. Кэккэ эппиэттээх үлэһиттэр эмиэ бааллар.

Бу ыҥырыллыбыттар оннуларыгар саҥа дьону сүүмэрдиибит. Эһиги истиигитигэр манныгы тиэрдэбит:

Биһиги санаабытыгар, оройуоннааҕы холбоһуктаах байаҥкамаат, оройуоннарынан нэрээти сыыһа олохтообут. Биһиги оройуоммут Бүлүү, Ньурба, Сунтаар оройуоннарын кытта тэҥнээтэххэ, нэһилиэнньэтинэн кыра, байыаннай эбээһинэстээҕин ахсаанынан лаппа аҕыйах. Ол үрдүнэн, биир тэҥ нэрээт түһэриллэн хаалбыт. Чуолаан эттэххэ, Бүлүү оройуонуттан аҕыйах киһи барда. Бүлүү оройуонугар холкуостар уонна  оройуоннааҕы аппараат эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ бүтүннүү кэриэтэ миэстэлэригэр хааллылар.

Уобаластааҕы военкомҥа инникитин оройуон туһааннаах усулуобуйатын  учуоттууругар ыйыы  оҥороргутугар көрдөһөбүн.

Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы

сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Окоемов.

СӨ НА. 50 П. 1.Оп. 1790.Д. 4-4 Л.

* * *

Үлэҕэ түмэ тардыы

Саха АССР соҕуруу оройуоннарын оскуолаларын, педагогическай учуулуссаларын үөрэнээччилэригэр тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр үөрэтиини киллэрии туһунан үөрэх норуодунай хамыһаара Тукайнов

бирикээһэ

 

1941 сыл ахсынньы 10 күнэ.

&1

РСФСР Үөрэҕин норуодунай хамыссырыйаатын бу сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи тэлэгэрээбинэн дьаһалыгар уонна САССР НХС ахсынньы 6 күнүнээҕи уурааҕар олоҕуран, 1942 сыл тохсунньу 1 күнүттэн соҕуруу оройуоннар бары толорута суох орто уонна орто оскуолаларын, Дьокуускайдааҕы, Алданнааҕы,(?) Бүлүүтээҕи уонна Чурапчытааҕы пед. учуулуссалар үөрэнээччилэригэр  тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр үөрэтиини киллэрэргэ бирикээстиибин.

&2

Үөрэнээччилэри тыа хаһаайыс­тыба­тын үлэлэригэр үөрэтии маннык бэрээдэгин олохтуурга: толорута суох орто уонна орто оскуолалар 7–10 кылаастарын, пед.учуулуссалар үөрэнээччилэрин 1942 сыл сааһыгар ат көлө массыыналарын, состоруллар уонна илии инбэртээрдэрин кытта үлэлиир буола үөрэнэллэрин, агро-тиэхиньикэ төрүттэрин кытта билсэллэрин ситиһэргэ.

Покровскай, Майа, Төҥүлү, Нам, Ньурба, Мүрү, Ытык Күөл, Амма, Өлүөхүмэ, Алдан, Дьокуускай  орто оскуолаларын 8 – 10 кылаастарыгар, Дьокуускайдааҕы уонна Чурапчытааҕы пед.учуулуссаларга үөрэнээччилэри көлүөһэлээх  тыраахтырдары ыытыы үөрүйэхтэригэр үөрэтэргэ. Дьокуускай уонна Өлүөхүмэ куораттар орто оскуолаларыгар, Дьокуускайдааҕы  пед.учуулуссаҕа штурвальнай соҕурууҥҥу тииптээх уонна хотугу тииптээх хамбаайыннарга эбии биирдии бөлөх оҕолору үөрэтэргэ. Бу бөлөх үөрэнээччилэргэ үөрэтии, 1942 сыл сааһыгар оҕолор көлүөһэлээх тыраахтырдары  уонна хотугу хамбаайыннары үлэлэтэр кыахтаналларын ситиһэр гына тэриллиэхтээх.

&3

Үөрэнээччилэри тыа хаһаайыс­тыбатын үлэлэригэр үөрэтиигэ, толорута суох орто уонна орто оскуолалар 7-10 кылаастарын, пед.учуулуссалар үөрэхтэрин былааннарыгар үөрэх күнүн уһатан биэрии суотугар, преподавателлэргэ төлөбүрү уопсай төрүккэ олохтоон туран, нэдиэлэҕэ эбии 2 чааһы  көрөргө. Омук тылыгар преподавателэ суох оскуолаларга, тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр үөрэтиини, үөрэх күнүн уһаппакка эрэ, омук тылын чаастарын суотугар ыытарга.

Үөрэх дьыла түмүктэниитэ, оскуолалар 7-10 кылаастарын уонна пед.учуулуссалар үөрэнээччилэрэ, МТС-тарга, сопхуостарга уонна холкуостарга, үөрэхтэн босхолонон туран, 12 күннээх производственнай быраактыканы баралларын олохтуурга.

&4

Норуот үөрэҕириитин отделларын бары салайааччыларын, оскуолалар уонна пед.учуулуссалар дириэктэрдэрин үөрэнээччилэри тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр бэлэмнээһиҥҥэ уонна үөрэтиигэ уһулуччу болҕомтону  уураҥҥыт, 1942 сыл сааскы үлэлэрин эрэсиэрбэлээх каадырынан хааччыйаргытыгар ыҥырабын.

САССР Үөрэҕин

норуодунай хамыһаара   Тукайнов

 

СӨ НА. 52.П. 21.Оп. 273.Д. 167 - 167 Л.

Прокопий ИВАНОВ бэлэмнээтэ

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ