Павлов Иван Григорьевич
- Годы жизни: 12.02.1938 - 13.06 2018
Павлов Иван Григорьевич 1938 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр Үөгэн бөһүөлэгэр Чөкө алааһыгар Григорий Алексеевич уонна Анна Федоровна Павловтар дьиэ кэргэттэригэр 4 оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини бэрт кыра сааһыттан оҕус сиэтээччинэн сарсыарда 5 чаастан киэһэ халлаан хараҥарыар диэри, холкуос малатыыркатыгар бурдугу ньыһыйыыга, үлэлээн бастакы үлэтин саҕалаабыт киһинэн буолар. Ол да иһин буолуо, аҕабыт бэрт эдэр сааһыттан саҕалаан холкуос, сопхуос бары хара үлэтигэр илиитин араарбакка үлэлээбит Үөгэн бөһүөлэгин биир ытык кырдьаҕаһа буолар. Биһиги аҕабыт 60-с сылларга ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ үрдүк кирбиилэри ситиһэн, 1967сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар барар путёвканан наҕараадаламмыта. Бэйэтин биир идэлээхтэрин кытта улахан делегация састаабыгар киирэн Москва, Ленинград куораттарынан баран кэлбитин үгүс хаартыскалара туоьулууллар.
Аҕабыт Иван Григорьевич кыһынын ыччат сүөһүнү улаатыннаран ылыыга онтон сайынын от үлэтигэр буһан – хатан, звено салайааччытынан өр кэмҥэ утумнаахтык үлэлээн, коммунистическай үлэ ударнига, 150 т оттуур былаанын 200 т толорон, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа буолан, 1973сыллаахха Советскай Союз профсоюзтарын Киин Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан уонна угүс фонданан наҕараадаламмыта.
Аҕабыт төрөөбүт – үөскээбит сирэ былыр – былыргыттан булдунан- аһынан, көмүс хатырыктааҕынан аатырбыт, эрэйдээх – суоллаах иистээх бүөм сир. Ол да иһин буолуо, аҕабыт булт абылаҥар ылларбыт, айылҕаҕа, сиргэ-уокка сылдьарын сүрдээҕин сөбүлүүр, бултуйан кэллэҕинэ сүргүтэ көтөҕүллэр ураты киһи. Сайын аайы оҕолорун- сиэннэрин мунньан ходуһатыгар оттуу барарыттан олус диэн үөрэр - көтөр.
Биһиги ийэлээх аҕабыт сүрдээх сэмэй, үлэһит, эйэҕэс, эйэлээх дьон буолан, уон оҕону (8 кыыс, 2 уол) төрөтөн, киһи – хара гына иитэн, үөрэттэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Хомойуох иһин, күн кубэй ийэбит Анна Трофимовна олус эдэр сааьыгар ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Бу кэм устатыгар биһиги аҕабыт соҕотоҕун уон оҕотун улаатыннаран көрөн – харайан, үөрэттэрэн, ыал оҥорон атахтарыгар туруорбута. Аҕабытыгар улахан махталбыт диэн, биһигини олох кыра эрдэхпититтэн кыыс, уол диэн араарбакка үлэҕэ сыһыаран үөрэппитэ буолар.Онон биһиги билигин, кини ыччаттара ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбакка, олоххо эрэллээхтик хардыылаан баран иһэбит. Ол курдук оҕолоро, сиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорон үлэлии – хамсыы айа – тута сылдьаллар.
Уон оҕо амарах аҕата,21 сиэн уонна 8 хос сиэн эһэлээтэр эһэтэ, ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ бастакы кылаастаах маастар, социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Коммунистическай үлэ ударнига», колхознай, совхознай үлэ бэтэрээнэ, «Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бочуоттаах бэлиэ «Сэрии оҕолоро»бочуоттаах бэлиэ уонна «Улуу Октябрьскай социалистическай революция 100 сыла» мэтээллэр хаһаайына.
Тапталлаах күндү киһибит аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Үөгэн бөһүөлэгин ытык кырдьаҕаһа, Иван Григорьевич Павлов 80 хаарыгар үктэнэн баран, уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги кэккэбититтэн бэс ыйын 13 туораабыта. Биһиги аҕабытын куруук ахтабыт, саныыбыт кини олорон ааспыт олоҕунан киэн туттабыт.
Кыыһа Фекла Еремеева - СР үөрэҕэриитин туйгуна,
СР Президенин гранын хаһаайката.
- Место рождения: с.Крест- Хальджай, Томпонского района
- Боевые награды: "Победитель социалистического соревнования 1973 года", медали "100-летию великой Октябрьской революции", дети войны"
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY