Дети войны

 
 
Годы жизни: 15.02.1940

Григорьев Николай Софронович (15.02.1940) Горнай оройуонун Кировскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини аҕата сэриигэ ыҥырыллан баран, Дьокуускайга мунньар сирдэригэр ис-тиибигэр ыалдьан өлбүтэ. Ийэлэрэ Дьэбдьиэй икки оҕолоох огдообо хаалбыта. Бэрдьигэстээххэ киирэн кыыл тириитин тутар тэрилтэҕэ  уонна оҕолорун иитээри эбии хас да үлэҕэ үлэлээбит. Кэлин икки уола обургу буолбуттарын кэннэ кэргэн тахсыбыт. Аҕаларын суол оҥорор үлэһиттэрэ буолан Уус-Алдан оройуонугар Хоноҕорго ыытаннар көһөн кэлбиттэр. Онно кэлэн түөрт оҕолоноллор. Эһээбит суоппар үөрэҕин бүтэрэн 40-тан тахса сыл суоппарынан  үтүө суобастаахтык үлэлээн пенсияҕа барбыта. Үлэ ветерана, Аварията суох үлэ иһин диэн бэлиэнэн, Саха Сирин Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ бэлиэнэн наҕараадаламмыта уо.д.а. бочуотунай грамоталардаах.

Место рождения: Горнай оройуона Кировскай нэһилиэгэ
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ