Билюкина Анна Трофимовна
Сэрии содулун этинэн-хаанынан, илэ хараҕынан билэн-көрөн улааппыт оҕолортон биирдэстэринэн, мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим Агафья Трофимовна Билюкина буолар. Кини 1937 сыллааха бэс ыйын 15 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.
Агафья Трофимовна бэйэтин олоҕун туһунан маннык кэпсиир: «Мин оҕо саас диэни билбэтэҕим, арыы тыа иһигэр Аһыма күөлүн үрдүгэр быыкаайык балаҕаҥҥа улааппытым, чугаһынан ыал да суоҕа. Аҕам Билюкин Трофим Дмитриевич, норуокка биллэринэн Күүстээх Тороппун, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ иккис хомуурга түбэһэн, 1942 сыллаахха барбыта. Ийэбинээн Мария Михайловналыын иккиэйэх хаалбыппыт. Ийэм эрэйдээх ыарахан үлэттэн наһаа сылайара, миэхэ биллэрбэт буола сатыыра, аччыктыыра, тоҥоро-хатара ханна барыай... Тула барыта сут-хоргуйуу, өлүү-сүтүү. Мин оҕо киһиэхэ өйбөр ол хатаммыта. Наар аччык, тугу эмэ аһаабыт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа тутара.
Сайын сыыллан үүнэр торуччу от сиэмэтин хомуйан, кэлиигэ сынньан, бурдук тардар тааска тардан, ийэм лэппиэскэ оҥороро. Онтубут хап-хара буолара, гынан баран, ол лэппиэскэ наһаа да минньигэс амтаннаах буолара. Ийэм күнүстэри-түүннэри наар үлэлиирэ. Сайын от үлэтэ, күһүн бурдук түүтэҕин баайыы, кыһын бурдук сынньыыта… Сэрии содулуттан күн күбэй ийэбит барахсаны ыарыы булан, эрдэ олохтон бараахтаабыта...
Биир түбэлтэни куруук өйдөөн-санаан ааһабын. Ол күн балаҕаммар соҕотоҕун хаалбытым, көмүлүөк оһоҕум таһыгар олоро сатаабытым, арай иһиттэхпинэ, киһи сөтөллөн ааспыта, ону абааһы дии санааммын, ийэм сиэр диэн хаалларбыт кып-кыра лэппиэскэм сыыһын оһоҕум күлүн чөмөхтөөн, онно биэрбитим уонна бэйэм ол түүн ытыы-ытыы туос аччык хоммутум.
Билигин сут сыллар кэмнэригэр ийэбин эмэ сылдьыбыт буолан, тыыннаах хаалбыт эбиппин диэн, 83 хаарбын ууллараары олорон саныыбын.
Кыра сааспыттан үлэҕэ эриллэн улааппытым. Эдэр эрдэхпинэ, дьахтарга сэниэлээх, күүстээх-уохтаах этим. Ол да иһин буолуо, сэрии кэнниттэн, холкуос, сопхуос бары үлэлэригэр бастыҥ үлэһиттэри кытта тэҥҥэ, кинилэри баһыйа үлэлээн кэллэҕим.
Сэттэ кылаас үөрэхтээхпин, арыы собуотун лабараанын идэтигэр үөрэнэн, биэс сыл Бүтэйдээх аттыгар баар Халымаайы диэн сиргэ собуокка, Өлөчөйтөн 15 км сатыы сылдьан үлэлээбитим. Онтон Өлөчөйгө уһуйаан аһыллан, асчытынан үлэлээбитим. Биэс сыл үлэлээн баран, Моорук Суолатыгар саҥа уһуйаан аһыллан, онно үлэлии барбытым. Асчыт быһыытынан ханна да сирдэрбэтэҕим, минньигэс астаах, ыраас түргэн туттуулаах этим. Оһох оттуулары, мас киллэриилэри, ас астааһыны, барытын бэйэм соҕотоҕун оҥорорум.
Кэлин атыылааччы курсугар үөрэнэн, 18 сыл устата Алтан нэһилиэгэр үлэлээбитим. Эргиэн эйгэтигэр үлэ ыарахан этэ, барыта нуорма, дьоҥҥо тиийиэхтээх аскын-таҥаскын аҕалар массыынаны бэйэн көрдөһөн булаҕын, суол-иис куһаҕана, кыһын тымныы ыскылаакка, суолга-иискэ тоҥуу-хатыы… Бу барыта кэлин доруобуйабар охсон, билигин инбэлиит буолан олордоҕум. Ол да буоллар, үлэбэр былааны толорон, үрдүк көрдөруулэри ситиспитим.
1987 сыллаахха Алтан нэһилиэгэр, кураан буолан от үүммэтэх дьылыгар, ыраах Кэбээйи сиригэр Сииттэҕэ от үлэтигэр барсыбытым. Эр дьон асчытынан баралларыттан саллан аккаастаммыттар этэ, эгэ, дьахталлар сөбүлэһиэхтэрэ дуо? Бүтэйдээхтэн, Өлөчөйтөн, Табаҕаттан хомуллан, 40 киһи буолан барбыппыт. Мин бу дьоҥҥо килиэп буһаран, ас астаан, уу баһан, үлэ дьоно тотор гына аһаппытым. Күҥҥэ 28 килиэби кирпииччэ оһоххо оһоххо астаан таһаарарбыт, көмөлөһөөччүм Пономарев Афанасий этэ. Атырдьах ыйын 2 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри тоҥ балааккаҕа олорон үлэлээбиппит. Ол оппутун Байкалов сопхуос үс отделениетын сүөһүтэ сиэн сылы туораабыттара.
Төрөппүттэрим холобурдарынан чөл олоҕу тутуһабын. Табаҕы тардыбаппын, аргыны испэппин, эдэрбэр үлэни эрэ өрө тутар этим. Дьонум өлбүттэрин кэннэ сүөһүнү-аһы энчирэппэккэ, кэтэх хаһаайыстыбаны тутан, оттоон-мастаан, сиэннэри, хос сиэннэри аһатан, көрөн-харайан улаатыннарбытым. Үлэ үөрүйэхтэригэр батыһыннара сылдьан үөрэппитим-такайбытым.
Кэнчээри ыччаттым сэрии ынчыгын билбэтиннэр, кырыыстаах сэрии хаһан да буолбатын, эйэ-дьол — олох аргыһа буолуохтун.
Ахтыыны Мария Трофимовна Билюкина, үлэ бэтэрээнэ, Мэҥэ-Хаҥалас Алтан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна суруйда.
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY