Годы жизни: 25.05.1935 - 22.07.1992

Антонов Василий Николаевич – Турбут Баһылай, 1935 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр үhүс оҕонон төрөөбүт. Аҕата сэрии хонуутугар геройдуу охтон, үс оҕону ийэлэрэ Анисья Ивановна (Ордьоох Уйбаан тыла суох кыыhа) атахтарыгар туруоран, киhи-хара гыммыт. Кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн улааппыта.

Тулаайах буолан, сэрии сылларын аhыытын-ньулуунун барытын билбитэ. Туохтан да толлубат , сытыы уолчаан, улахан дьонноо5ор да ордук улэлиирэ.

1956 сыллаахха 1 Хаҥалас сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Ол кэннэ, колхуоска ыанньыксыттаабыт. 1958 сыллаахха эдэр животноводтар курстарыгар үөрэммит. Салайар дьоҕурдаах, сытыы-хотуу уолу ыанньык биригэдьииринэн анаабыттар. 1967 сыллаахха Маарга ПТУ бүтэрэн тракторист-водитель идэтин баhылаабыта уонна колхуоhугар водовоз массыынаҕа суоппардаабыта. 1970-с сыллартан Мархаҕа рабкоопка шофердаабыта. Кэлин экспедитордаабыта, завхозтаабыта. Доруобуйатын туруга мөлтөөн, 1981 сылтан «Марха» совхоз Таркаайы отделениетыгар көспүтэ. Бастаан дизелистээбитэ, оскуола кэнниттэн производствоҕа үлэлии тахсыбыт эдэр ыччакка наставниктаабыта. Олоҕун кэлиҥҥи сылларыгар, ыарахан ыарыыттан 1992 сыллаахха от ыйын 22 күнүгэр күн сириттэн күрэниэр диэри, совхоз кадровай булчута этэ. Ханнык да үлэни тахсыылаахтык, үтүө суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик толороро, туохха барытыгар олохтоохтук, ис – дууhатыттан ылынан туран сыhыаннаhара. Ыарахантан толлубакка, бэйэтин харыстаммакка, төрөөбүт нэhилиэгэ чэчирии сайдарын туhугар үлэлээбитэ сыаналанан, элбэх наҕараадалардаах, Грамоталардаах.

Аҕам ох тыллаах, көрдөөх – нардаах, сымыйаны – атаҕастабылы төрдүттэн утарар, уу сахалыы дьоhун, көнө майгылаах киhи этэ. Сүрүн үлэтин таhынан нэhилиэгин общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара, художественнай самодеятельность, сцена ветерана этэ. Чабырҕахсыт, ырыаhыт, үҥкүүhүт быhыытынан биллэр. Пьесаларга, драмаларга араас өрүттээх оруоллары көрөөччү ылынар, биhириир гына толороро. Оройуон, республика, союз таhымыгар тиийэ художественнай самодеятельность араас көрүүлэригэр ситиhиилээхтик кыттыбыта. 1957 сыллаахха оройуон фестивалыгар нэhилиэкпититтэн кэргэним, Семен Егоров уонна И.Васильев чабырҕахтаан уонна үҥкүүлээн биhирэбили ылбыттара. Ити нүөмэринэн оройуон уус-уран самодеятельноhын коллективын састаабыгар киирэн, республикаҕа оройуон чиэhин ситиhиилээхтик көмүскээн кэлтэрэ. 1964-65 с.с.  Сергей Зверев үҥкүүтүн ансамблыгар нэhилиэктэн үс буолан: Антонов В.Н., Иванова Е.М., Григорьева Е.Н. буолан сылдьыбыттара. 1965 сыллаахха Москва куоракка бүтүн Россиятааҕы тыа сирин художественнай самодеятельноhын көрүүгэ «Оhуор үҥкүүтүн», «Батыйалаах үҥкүүнү», «Доҕордоhуу» уонна «Булчут» үҥкүүлэрин толорон лауреат үрдүк аатын ылбыттара. Лауреаттарга барыларыгар Диплом, түөскэ анньынар бэлиэ, 40 – нуу солкуобай бириэмийэ биэртэрэ.

Уус уран самодеятельность араас концертарыгар, фестивалларыгар кырдьыар диэри кыттыбыта. И.Гоголев «Кыталыктар кырдаллара» айымньытынан туруорууга Куhаҕан Хочугур, Т.Сметанин «Ньургуhун уонна Лоокуут» драматыгар Мөлчөс оруолларын толорбутун билигин да кэпсэл оҥостоллор.  Ордук комедийнай оруоллары табан оонньуура. Ыалларбыт: «Бүгүн киэhэ Баhылай оонньуур дуо?» - диэн ыйыта-ыйыта кулуупка барааччылар. «30-ча сыл самодеятельноска кыттан, дьон-сэргэ ортотугар сылдьыбыппынынан, сири – дойдуну көрбүппүнэн дьоллооҕунан ааҕынабын. Сценаҕа тахсан оруолгун, нүөмэргин киhи сэргииринии толордоххуна, дьонуҥ-сэргэҥ сынньалаҥар тугу эмэ киллэрбит курдук сананаҕын. Өссө инникитин тугу эмэ оҥорор баҕа санааланаҕын» - диэн ыарахан ыарыыга ыллара сытан ахтара. Аҕам ыарахан ыарыыттан 1992 сыл от ыйын 22 күнүгэр олохтон барбыта.

Место рождения: Якутская АССР, Ленинский район, Таркаинский наслег
Боевые награды: медали "Ветеран труда", "Ветеран тыла"
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ