Годы жизни: -
Воинское звание: -

Александра Львовна кэргэнэ Тимофей Анисимович Мяринныын Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин "Жданов"холкуоһугар төрдүлэрэ олохсуйбут сирдэригэр, "Нуучча арыыта" диэн кэрэ айылҕалаах сиргэ олорбуттар. Кинилэр 10 оҕону: 5 кыыс уонна 5 уол оҕону күн сирин көрдөрбүттэр. Аҕалара Тимофей Анисимович сэрии иннинэ 1931 сыллаахха олохтон барбыт эбит. Онон ийэлэрэ барахсан, оҕолорун кытта бэйэтэ хаалаахтаабыт. Фроҥҥа бастакынан, 1942 сыл орто уола Ивана уонна кыра уол Яков ыҥырыллан барбыттар. Иван арҕаа фроҥҥа тиийэн кыргыһыы хонуутугар охтор. Дьонугар Иван Смоленскай уобаласка Тетери дэриэбинэҕэ көмүллүбүтүн туһунан биллэрии кэлэр.  Яков Мальта станциятыгар убайын кытта бүтэһигин көрсөн хаалбыт эбит.  Яков Забайкальскай фронт пограничнай заставатыгар сулууспалыы сылдьан, дьонун суругуттан, убайа Иван сэрии сиэртибэтэ буолбутун истибит. Аны 1943 сыл убайдара Семен бэбиэскэ тутан, Илиҥҥи фроҥҥа тиийэр. Семен 1944 сыл Бурятия сиригэр Заиградскай уобаласка өлбүтүн биллэрбиттэр. Онон Александра Львовна 3 уолун сэриигэ атаарбыт, кинилэртэн икки уола барахсаттар төрөөбүт алаастарыгар эргиллибэтэхтэр. Александра Львовна Мярина 3 уолун фроҥҥа атаарбыт - Ытык Ийэ буолар. Тыылга хаалбыт оҕолоруттан, 3 кыыһа, Уля, Анна, Евдокия уонна саамай кыра уола Егор холкуоска улэлээннэр: "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларга Килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыттар. Биһиги биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт. Кинилэри төрөөбүт сирдэрин дьоно-сэргэтэ өйдүүбүт-саныыбыт.

 

Годы службы: -
Место рождения: Таттинский район Сасыльский наслег с. Маена
Место призыва: -
Место службы: -
Боевые награды: -
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ