Герасимова Матрена Кононовна
- Годы жизни: 1877 - 1963
- Воинское звание: -
Быйыл Улуу кыайыы 75 сыла буолар. Уоттаах сэрии үгүс саха ыалыгар алдьархай буолан ааҥнаабыта, олохторун сатарыппыта. Ол курдук, билигин Хаҥалас улууһун Уулаах Ааныгар олорор Герасимовтар, Терентьевтар аймах төрүттэрин эмиэ тумнубатаҕа. Тумнуоҕунааҕар, олус охсуулаах буолбута.
Бу аймах төрдө буолбут Матрена Кононовна уонна Прокопий Петрович Герасимовтар Хаҥалас улууһун Дьэр нэһилиэгин Ала-Тый диэн сайылыгар олорбуттара. Кыстыктара Эркээни хочотун ортотугар баар Куудук сирэ этэ.
Матрена Кононовна Герасимова 1877 сыллаахха төрөөбүт. Кэргэнинээн Прокопийдыын биэс уол уонна түөрт кыыс оҕоломмуттар. Борокуоппуй сэрии иннинэ өлбүт. Сэрии саҕаланыытыгар оҕолоро улахаттар эбит, сорохторо бэйэлэрэ туспа ыал буолбуттар, оҕоломмуттар. Бүөтүр диэн уоллара холкуостан хомуллан тиийэн “далгынчыакка” үлэлии сылдьан маска баттатан өлбүт. Атын уолаттара – төрөппүт оҕолоро Миитэрэй (Дмитрий), Дэлиһиэй (Елисей), Ньукулай (Николай), Хабырыыс (Гавриил), ииппит уоллара Сэмэн (Семен) (Борокуоппай убайын сиэнэ), саастарын сиппит дьон буолан, сэрии бастакы сылларыгар хомуурга түбэспиттэр. Балары кытта аны кыыстарын Мааппа (Марфа) кэргэнэ Терентьев Федот Гаврильевич эмиэ ыҥырыллыбыт. Инньэ гынан биир ыалтан 6 (алта) киһи уоттаах сэриигэ Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыттар. Кинилэртэн Дэлиһиэй эрэ улаханнык бааһыран сыкырыыр тыына эрэ ордон төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлбит, ийэтин илиитигэр киирэн баран тыына быстыбыт. Мотуруона атын уолаттара, күтүөтэ бука бары уоттаах сэрии толоонугар охтубуттар, Аҕа дойдуларын туһугар тыыннарын толук уурбуттар. Хомойуох иһин хаартыскаҕа да түһэн хааллараахтаабатахтар. Кинилэртэн собус-соҕотох Ньукулай эрэ туһунан архыып докумуоннарыгар суруллан хаалбыт – Герасимов Николай Прокопьевич, красноармеец, 1919 сыллаах төрүөх, Саха АССР, Орджоникидзевскай оройуон, Куудук олохтооҕо, 1942 сыл олунньу 22 күнүгэр кыргыһыыга ылбыт бааһырыыттан өллө. Көмүллүбүт сирэ – Ленинград уобалаһын Мгинскай оройуонун Зенино дэриэбинэтин аттыгар бырааттыы көмүү (братская могила). Атын уолаттар ханна тиийэн сэриилэспиттэрэ, ханна өлөн көмүллүбүттэрэ да биллибэт, архыып докуменнарыгар туох да суруллубатах.
Ити курдук Мотуруона сэрии бүтэригэр кыра кыыһын Марфаны (1922 с.т.), Ньукулай уола Дьөгүөрү (1932 с.т.), Бүөтүр уола Өлөксөйү (1936 с.т.) кытта төрдүөйэҕин эрэ хаалбыттар. Онон сүөһүлэрин “Карл Маркс” холкуоска холбоон Ала-Тыйтан Куудукка көһөн киирбиттэр.
Марфа холкуоска ыанньыксыттаабыт, холкуос сорудаҕынан Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыспыт. Ыанньыксыттаан, бэриллибит былааны 120% толорон, коммунистическай үлэ ударнига буолбута, Саха АССР Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан, “Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Протодьяконов Пантелеймон Петрович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан дьоллоохтук олорбута, биэс оҕоломмута. Оҕолоро билигин бэйэлэрэ ыал эһээлэрэ, эбээлэрэ буолан Уулаах Аанынан, Абыйынан тэнийэн олороллор. Марфа сэриигэ сураҕа суох сүппүт бастакы кэргэнин Федот Терентьев араспаанньатын оҕолоругар хаалларбыта билигин Терентьевтар аймах буолан, ууһаан - тэнийэн, үлэлээн-хамсаан, утуму салҕыыллар.
Эбээлэригэр Мотуруонаҕа, кэлин эдьиийдэригэр Марфаҕа иитиллибит сэрии тулаайахтара Егордаах Алексей киһи бэрдэ буола улааппыттара.
Егор Николаевич Герасимов үлэлиирин тухары тутуу биригээдэтин салайан Уулаах Аҥҥа, Өктөмҥө, Төхтүргэ оскуолалары, 4-түү кыбартыыралаах дьиэлэри, баанньыктары, хотоннору уонна да атын тутуулары үлэҕэ киллэрбитэ. “Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. “Бочуоттаах тутааччы”, Дьэр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Кэргэнинээн Мария Петровналыын 3 оҕоломмуттара бары үтүө-мааны, үлэһит дьон, бэйэлэрэ элбэх оҕолонон, сиэннэнэн олороллор. Уоллара Николай Егорович Герасимов Дьэр нэһилиэгин баһылыгынан 25 сылтан тахса кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ, нэһилиэк сайдыытыгар элбэҕи оҥордо.
Алексей Петрович Герасимов холкуоска 13 сааһыттан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатыгар уопсайа 42 сыл үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсыар диэри отуттан тахса сыл илии-көлө звенотун салайан оттоппута, элбэхтэ оройуон чемпион отчута буолбута. Кыһынын субай сһһү көрүүтүгэр үлэлээн “Социалистическай күрэхтэһии кыайыылаҕа”, “Коммунистическай үлэ ударнига” буолбута. Республикаҕа бастаан Москва куоракка ВДНХ баран кэлбитэ. “Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” ааты сүкпүтэ. Дьэр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Эмиэ бэйэтин курдук сэрии тулаайаҕын, Чурапчы көһөрүүтүгэр сылдьыбыт Христина Дмитриевна Пестереваны кэргэн ылан биэс оҕоломмуттара, элбэх сиэннэммиттэрэ Покровскайга, Дьокуускайга, Уулаах Ааҥҥа олороллор.
Кырыыстаах сэрии Мотуруона Герасимова 5 уолун кытта күтүөтүн суорума суоллаабытын да иһин хаалбыт кыыһыттан, икки сиэниттэн сыдьааннанан Герасимовтар, Терентьевтар аймах быстан хаалбакка салҕанан, тэнийэн, таайдара уонна күтүөттэрэ эдэркээн олохторун толук ууран ситиспит дьоллоох олохторугар өссө да үүнэ-сайда, элбии туруохтара диэн эрэнэбит.
Ини – бии Дмитрий, Елисей, Николай, Гаврил, Семен Герасимовтар уонна Федот Терентьев сырдык ааттарын умнуо суох тустаахпыт, кинилэргэ сүгүрүйүөхтээхпит!
Гаврил Терентьев
Уулаах Аан, Хаҥалас
*** 2020 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр, Улуу кыайыы 75 сылыгар, "Память народа" сайт архивыттан манныгы булан ыллым!:
Наградить медалью "За отвагу"
1. Пулеметчика 2 стрелкового батальона красноармейца Герасимова Гаврила Прокофьевича за то, что при наступлении 15.02.43 года метко вел огонь, тем самым помог нашим подразделениям продвинуться вперед. 16.02.43 года подавил 2 огневых точки противника и уничтожил до 15 фашистов.
1919 года рождения, беспартийный, якут, призван в Красную армию 17.06.1942 года Якутским ОВК. Домашний адрес: Якутская АССР, Орджоникидзевский район, д. Кудк (докумеҥҥа суруллубутунан).
2. Пулеметчика 2 стрелкового батальона красноармейца Герасимова Николая Прокофьевича за то, что при наступлении 15.02.43 года метко бил немецких захватчиков и уничтожил огневую точку противника, которая не давала продвигаться нашим подразделениям вперед, тем самым обеспечил продвижение вперед наших подразделений.
1909 года рождения, беспартийный, якут, призван в Красную армию 17.06.1942 года Якутским ОВК. Домашний адрес: Якутская АССР, Орджоникидзевский район, д. Кудк (докумеҥҥа суруллубутунан).
Медаль «За отвагу» с момента своего появления стала особо уважаемой и ценимой среди фронтовиков, поскольку ею награждали исключительно за личную храбрость, проявленную в бою. Это главное отличие медали «За отвагу» от некоторых других медалей и орденов, которые нередко вручались «за участие». В основном медалью «За отвагу» награждали рядовой и сержантский состав.
Боевой путь диэнинэн көрдөххө:
Николай уонна Гаврил бииргэ ынырыллан баран сэриигэ бииргэ сылдьыбыттар. Волховский фронт диэннэ сэриилэспиттэр. Великий Новгород куорат аттыгар.
Николай 21.02.43 сыллаахха бааһырыыттан өлбүт. Ити медаль ылбыт кыргыһыытын кэнниттэн 5 хонугунан.
Докуменҥа киирбитинэн Николай Ленинградскай обл. Зенино диэн дэриэбинэтин аттыгар көмүллүбүт. Онтон кэлин онтон илдьэн Любань диэн куоракка "Березовая аллея" диэн мемориальнай комплекса харайбыттар. Онно 14 000 советскай солдат көмүллэн сытар. Саха буойуннарыгар туспа өйдөбүнньүк плитка баарыгар Николай Прокопьевич Герасимов аата сурулла сылдьар.
Гаврил ханна, хаһан өлбүтэ биллибэт. Сэрэйдэххэ убайын кэннэ уһаабатаҕа буолуо. Кинилэр кыттыбыт 1943 сыл сааһыгар буолбут операцияларыгар советскай частьтар 80-90 % сүтүктэммиттэр. Ол иһин ити туһунан үгүстүк суруйбаттар, кэпсээбэттэр эбит. Докуменнар өр кэмҥэ Секретно грифтанан сыппыттара хата арыллан ити сонуну биллэхпит.
Ити курдук соһуччу таайдарбыт туһунан киһи үөрэр, киэн туттар докумена Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир күнүгэр костүбүтэ олус долгутуулаах, үөрүүлээх!
- Годы службы: -
- Место рождения: -
- Место призыва: -
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY