Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1907 - 1942

Никифоров Давыд Иннокентьевич

 II Наахара нэһилиэгин хоту уһугар олохтоох Ситтиик Лэгэнтэйтэн сэбиэскэй кэмҥэ икки уол оҕо төрөөн, үөрэхтэнэн, Никифоровтар ааттарын салгыыр үлэһит дьон буолбуттара. Никифоровтар өбүгэлэрэ былыр былыргыттан дьадаҥы аймах. Эһэбит Никифоров Давыд Иннокентьевич 1905 сыллаахха II Наахара нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэриигэ барыар диэри “Күөдэй” холкуоска биригэдьииринэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Бэйэтин кыанар киһи эбит.Лоомтукаттан төрүттээх Варвара Гаврильевнаны кэргэн ылан, сэттэ уол оҕоломмуттар. Онтон үһэ аҕалара сэриигэ барыан иннинэ ыалдьан өлбүттэр. 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барар. Улахан уола Василий оччолорго 10 саастааҕа. Сэрии сылларыгар үс уол араас ыарыыттан суох буолбуттар. Онон соҕотох Василий эрэ хаалбыт. Ийэтинээн Варвара Гаврильевналыын аччыктааһыны, тоҥору- хатары эт хааннарынан билбиттэрэ. Эһэбит Давыд Иннокентьевич 1942 сыллаахха Сталинград (Волгоград) уоттаах кыргыһыытыгар өлбүтүн туһунан хара сурук кэлбит.  Бииргэ төрөөбүт быраата Никифоров Петр Иннокентьевич 1938-1942 сылларга сэриигэ кыттан, старшай сержант званиелаах, сэриигэ улаханнык бааһыран тыыннаах ордон кэлбитэ. Учуутал үөрэҕин бүтэрэн, идэтинэн үлэлээбитэ. Кэргэн ылан, биэс оҕоломмута. Давыд Иннокентьевич соҕотох уола Василий Давыдович үөрэхтэнэн, үлэлээн-хамсаан, ыал буолан, оҕолордонон, сиэннэрдэнэн толору олоҕу олорбута. Онон эһэбит Давыд Иннокентьевич ситимэ салҕанар.  1986 сыллаахха аҕабыт Василий Давыдович ийэбитинээн Елена Васильевналыын эһэбит Давыд Иннокентьевич көмүллүбүт сиригэр илдьэн дойдутун буорун уурбуттара. Биһиги, Давыд Иннокеньевич сиэттэрэ, хос, хос-хос  сиэттэрэ, эһэбитинэн киэн туттабыт. Кини эйэлээх олох иһин олоҕун толук уурбутун хаһан да умнуохпут суоҕа.

Суруйда сиэнэ Н.В.Пахомова.

 

 

 

 

 

Годы службы: 1942
Место рождения: 2-й Нахаринский наслег
Место призыва: Чурапчинский РВК
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ