Годы жизни: 1919-1967 гг.
Воинское звание: рядовой

     1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 4 чааска фашистскай талабырдьыттар биллэрбэккэ эрэ сэриинэн саба түспүттэрэ. Дойду үрдүнэн харах уута, эрэй-муҥ, кыа хаан аргыстаах сэрии ыар күннэрэ хара былыт курдук халыйан тахсан, саба бүрүүкээбитэ.

    Бу аймалҕаннаах, кутурҕаннаах, хорсун-хоодуот ытык кэмнэргэ нэһилиэкпит дьоно"Биһиги кыайыахпыт, дойдубутун өстөөххө биэриэхпит суоҕа. Барыта кыайыы туһугар!"- диэн бигэ санааннан олороллоругар ити кэмнээҕи коммунистар,  салайааччылар, учууталлар иилээччи-саҕалааччы, тирэх күүс буолбуттара саарбаҕа суох.

    Биһиги аҕабыт, коммунист, нэһилиэк  бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ,  Саха АССР Верховнай Советын  депутата, уон оҕо, ол иһигэр Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов аҕата, Павлов Николай Афанасьевич  кинилэртэн биирдэстэрэ буоларынан муҥура суох киэн туттабыт.

    Аҕабыт Николай Афанасьевич Павлов 1919 сыллаахха Бүлүү Тааһаҕарыгар Өксүүнньэ уонна Охонооһой (Бусхаан) Павловтар дьадаҥы кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Эһэбит Бусхаан Охонооһой бастакы кэргэниттэн Миитэрэй, Дьэрэмэй, Кирилл диэн уолаттардаах уонна өссө кыыстаах эбит. Иккис кэргэниттэн Өксүүттэн биһиги аҕабыт төрөөбүт уонна аймахтарыттан кыыс оҕо ылан ииппиттэр, онон аҕабыт Өкүлүүнэ диэн тапталлаах балыстаах этэ. 

    Кини оҕо сааһа Тааһаҕарга ааспыта. Онно оскуолаҕа киирэн, алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэн, салгыы Хампа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэр. Ити оскуоланы бүтэрэн баран, дойдутугар "Хомустаах" колхозка счетоводунан икки сыл үлэлээбит.  Сэрии иннигэр Бүлүүтээҕи училищеҕа үөрэнэ киирэр. 

    Училищены ускореннай курсунан бүтэрэн 1938 сыллаахха Тоҕус начальнай оскуолатыгар учууталынан ананан үлэтин саҕалыыр. Педучилище толору курсун бүтэрбэтэх, опыта суох эдэр специалистка үлэлииргэ олус уустук этэ.  Ол эрээри эдэр эрчимнээх учуутал, бүттүүн үөрэхтээһин идеятын өрө тутан, дьону түмэр дьоҕурдаах буолан, үөрэнээччилэргэ иһирэх сыһыанынан, төрөппүттэргэ элэккэй майгытынан кинилэр дириҥ ытыктабылларын ылыан ылбыта. 1941сыллаахха Улуу сэрии саҕаланар, ол эрээри эдэр учуутал уол бу сэрии уһуо суоҕа, сотору бүтүөҕэ диэн дьон санаатын бөҕөргөтөр уонна бэйэтэ бүк эрэнэр этэ.

    Дьэ ол иһин, сырдык санааннан салайтаран, 1942 сыллаахха оскуоланы Орто Күөл диэн алаастан нэһилиэк киинигэр Тоҕус  бөһүөлэгэр көһөрөн аҕалан туттарбыта. Оччотооҕу оҥоһуута суох суолга оҕус сыарҕатынан бүтүн оскуола дьиэтин көһөрөн тутуу - уустук уонна эппиэтинэстээх хардыы. Ол эрэн аҕам дьону түмэр, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, колхозтаахтары улэҕэ сатабыллаахтык көҕүлүүр, дьаһайар буолан, ылыммыт соругун толорбута: оскуола көһөрүүтэ от бэлэмигэр, хомуур үлэтигэр мэһэйдээбэтэҕэ. Ити сыл балаҕан ыйыгар оҕолор бөһүөлэккэ үрдүттэн олорон үөрэнэр дьолломмуттара.

    Сэрии саҕаланыытыгар доруобуйатынан мөлтөх буолан бастакы хомуурдарга армияҕа ыҥырыллыбатаҕа. Суостаах сэрии иккис сыла, 1942 сыл, төһө да хаан тохтуулаах, харах уулаах буолтун иһин, аҕам олоҕор саамай дьоллоох сыла этэ: оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, 23 саастаах эдэр киһи ийэбин, сүүрбэччэлээх кыысчааны таба көрөн, дьылҕа-хаан ыйааҕынан холбоһон, саас муус устарга аал уоту оттубуттара.

    Нэһилиэккэ биир да туруу үлэһит суоҕун кэриэтэ этэ: үлэ-хамнас барыта оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин санныгар сүктэриллибитэ. Ол да буоллар нэһилиэкпит дьоно бары биир киһи курдук, өстөөҕү үлтүрүтэр, кыайыыны түргэтэтэр туһугар төһө да аччык аҥардаах, таҥнар таҥас тутах буоллар, таһаарылаахтык үлэлээн, үөһээттэн туһэриллэр былааны-нуорманы барытын толорон, оройуоҥҥа орто үлэлээх хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар киирсэрэ.

    1941сыллаахха атырдьах ыйын 26 күнүгэр эдэркээн учуутал уол партия чилиэнигэр кандитатынан, 1943 сыллаахха олунньу 3 күнүгэр ССКП чилиэнинэн ылыллар. Анаммыт үлэтигэр дьоһуннаахтык сыһыаннаһар, дьон-сэргэ ытыктабылынан туһанар эдэр эрчимнээх үлэһит 1943 сыллаахха партия райкомун пропагандиһынан ананан, Бүлүү куоратыгар үлэлии киирэр.

    1943 -1945 сылларга иккитэ-үстэ армияҕа ыҥырыллан, эр дьон өттө фроҥҥа баран испитэ.  1944 сыллаахха аҕам, Павлов Николай Афанасьевич, райком чилиэнин быһыытынан сэриигэ ыҥырыыттан бронялаах эрээри, баҕа өттүнэн фроҥҥа барбыта. Ийэм биирин ааспыт Ксениятыныын, хотуна Өксүүнньэлиин, балта Өкүлүүнэлиин аҕабын сэриигэ атаарбыттара. Аҕам барахсан айаннаан иһэн өйө-санаата дьонугар, дойдутугар эбит. Хас тохтообут сириттэн телеграмма, Дьокуускайтан, Киренскэйтэн оннооҕор сурук суруйбутун билигин биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ ааҕан күндү дьоммут олохторун биир кэрдиис кэмин билэр кыахтанныбыт. Аҕам ити күчүмэҕэй кэмҥэ дойдутуттан, дьонуттан тэлэһийэ сылдьан суруйбут 20-тэн тахса суруктара, уонча телеграммата, ийэм аҕабар суруйбут биэс суруга билигин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ туохха да тэҥнэммэт сыаналаах докумуон буолан уурулла сытар.

    1944 сыллаахха аҕам фроҥҥа айаннаан иһэн Дьокуускайтан суруйар: "Миигин букатын барбыт курдук санаан, санаарҕаабаккытыгар көрдөһөбүн. Мин хайдах баарым курдук олоруохтааххыт. Ийээ! Мин букатын барбытынан ааҕыммаппын. Хаһан эрэ эһиэхэ төттөрү устан тиийиэм дии саныыбын. Онон эн мин тиийэрбин күүтэҥҥин, ыалдьыбакка олоруох тустааххын". Бу кэмҥэ кини дьиҥнээх байыаннай комиссияны ааһа илик эбит. Ити кэнниттэн  Мальтаттан суруйбут суругар чааска тутуллубутун, ол эрэн туох үөрэххэ ыыталларын билбэтин, кэлэн баран казармаҕа киллэрэ иликтэрин, таһырдьа олорон аһаабакка да суруйбут. Кини тыҥатынан сылаабай буолан комиссияны ааспатах, онон үлэ фронугар анаммыт.

    Атырдьах ыйыттан 50 саха буолан мас заготовкатыгар сылдьыбыттар. Сарсыарда 6 чаастан киэһэ 8 чааска дылы тохтоло суох үлэлииллэр эбит. Нормалара күҥҥэ алта кубометр маһы 3,5 метр уһуннаах дүлүҥүнэн чохчолууллар эбит.

    Ити сыл ахсынньытыгар:"Сэрии сотору бүтүө, оччоҕо көҥүллүк дьоллоох олоҕу олоруохпут. Эһиги онуоха тиийиэххэ дылы бу Аҕа дойду сэриитин кыһалҕатын билбэттик олорорго үлэлээҥ ,"-диэн суруйар.

    Эмиэ ити ыйга холуокка сыарҕалаах атынан хайаттан маһы массыына тиэйэр сиригэр түһэрэллэрин туһунан суруйар. Нормалара  биирдии киһиэхэ күҥҥэ 12 кубометр мас эбит. Батальоннарыттан ыалдьааччылар сыыйыллан дойдуларыгар бара тураллар эбит. Ол курдук Бүлүү Мастааҕыттан Степанов, Үөһээ Бүлүүттэн Петров Спиридон уонна биһиги нэһилиэкпититтэн Афанасьев Петр сыыйыллан барбыттарын суруйар. 130 солкуобайга түөрт буолан хаартыскаҕа түспүттэрин ыыппыт.

    Ыарахан үлэҕэ сыыһа туттан дэҥ-оһол да тахсар түгэннэрэ баар эбит. Ол курдук, аҕам Өргүөт киһитэ Иванов Афанасий массыынаҕа дэҥнэнэн өлбүтүн туһунан суруйар.

    Аҕам барахсан ийэбэр хас суругун ахсын нэһилиэгин салайарыгар, хаһаайыстыбатын дьаһанарыгар сүбэ-ама биэрэр эбит. Ити сыл ахсынньытыгар бу курдук суруйар: " Мария, барыта тахса турар законнарынан толору туһаныахха наада. Быйыл үүнээйи үчүгэй буолуо, бурдуккутун кытаатан хомуйуҥ. Ынахтаргытыгар отто булан иитэлии сатааҥ, өлөрүмэҥ, сүөһүтэ суох бүтүн хаһаайыстыба дьон сатаныаххыт суоҕа".

    Ийэм аҕабар суруйбут суруктара сороҕо тиийбэтэхтэр, ол иһин аҕам хас суругун ахсын чаастатык суруйалларыгар көрдөһөр эбит. 1945 сыл атырдьах ыйыгар:" Маруся! Бу сэрии эрэ бүттүн, ол кэнниттэн Аан дойду үрдүнэн уһун эйэлээх олох кэлиэҕэ. Оччоҕо биһиги эрэйи-буруйу көрбүт, икки сэриини түмүктээн бүппүт дьон быһыытынан, дьэ дьоллоох эдэркээн олохпутун салҕаан, күндү көлүөнэлэри иитэн, килбиэннээх алаһа дьиэни тэринэн, иккистээн ыал буолуохпут..."

    Дойдутун, дьонун ахтан, түүн түүлүгэр көрөр эбит:"...Маруся! Мин түүн төһөөн дьиэбэр тиийэн алаадьылаах, барбыт хойуу чаайы, эбэтэр эти, суораты,

үүтү иһэр, аһыыр буолабын. Эһиги толору бааргытын көрөбүн, дөссө кыыспын Ксенияны улааппыт урукку дьүһүнүттэн лаппа уларыйбыт сэбэрэлээҕин көрөбүн, олус да үөрүүлээх сытан хомойон уһуктабын, бука ити хаһан эрэ тиийиэхпин үтүктэрим буолуо дии саныыбын...   "

    Бүтэһик суруга 12.08. 45 чыыһылаҕа суруллубут:"Эһиги истибиккит курдук субу күн хараҕар военнай времянан, эбэтэр Японияны кытта сэрии буолбута ус хонно, ол гынан баран Япония капитуляцияҕа киирэн эрэр диэн сурахтар иһиллэн эрэллэр... Мин билигин субу действующай фроҥҥа олоробун, өскөтө Япония ити этэр курдук капитуляцияҕа киирбэтэҕинэ сэриилэһэ барарым бүччүрүйбэт... Бука бу сэриигэ граница таһыгар сытар биһиги уолаттарбыт кииристэхтэрэ буолуоҕа, хайаан да Сергин Афанасий, Унаров Яков киирбит буолуох тустаахтар, кинилэр дьылҕалара бу күннэргэ хайдах быһаарыллыбытын билбэтим... бу сэрии итинэн буттэҕинэ бука бааһырбыт фронтовиктар барыахтара буолуо диэн таайабын, бу мин курдук эдэр саастаах дьоннору субу сэрии бүтээтин ыытыахтара суоҕа".

    1945 сыллаахха сэрии бутэн, күһүн аҕам демобилизацияланан этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.  Кэлээт да 1946 сыл күһүөрү оскуола арыйар соруктаах, аҕам сэбиэдиссэйинэн, ийэм учууталынан ананан,  дьонум ыаллыы сытар Бүлүү Бороҕонугар көһөн бараллар.

    Ити иннигэр Бороҕоҥҥо оскуола суох буолан, оҕолор барахсаттар Мукучуннан, Тоҕуһунан кыһын тоһуттар тымныыга, саас-күһүн ардаҕы-хаары аннынан сатыы сылдьан үөрэнэллэр эбит. Онно тиийэн дьонум нэһилиэк киинин Чай бөһүөлэгин төрүттэспиттэр. Аҕам Тоҕустан Хаахынайдаахха турбут Баһылай Дьөгүөрэп дьиэтин көһөрөн аҕалан туттаран, ийэбиниин оскуола арыйбыттар уонна ити сыл бөһүөлэккэ дьонум кыыстара Ксениялыын, аҕам ийэтэ Өксүүнньэлиин, балта Акулиналыын  бэйэлэрэ эрэ кыстаабыттар. Онон кинилэр Бороҕон бөһүөлэгин бастакы ыала буолаллар эбит, ити сыл  бөһүөлэккэ эмиэ бастакы оҕонон улахан убайым Валерий төрөөбүт. 

    Ити туһунан сэрии-тыыл ветерана Каратаев Дмитрий  Афанасьевич маннык ахтар: "Бороҕон нэһилиэгэр 1946 сыллаахха оскуола маҥнайгы аһыллыыта буолбута. Онно Павлов Николай Афанасьевич, кэргэнэ Иванова Мария Гаврильевна буолан учууталлыы кэлбиттэрэ. Николай Афанасьевич оскуола сэбиэдиссэйинэн анаммыт этэ. Саҥа аһыллан эрэр оскуола элбэх үлэни эрэйбит буолуохтаах, ону барытын үмүрүтэн, срогар оскуола аһыллан үлэлээбитэ. Ол таһыгар аны оройуон салалтата колхозка араас үлэлэргэ, мероприятиелар ыытыллыыларыгар   Николай  Афанасьевиһы представителинэн анаабыт этэ. Ол иһин кинитэ суох туох да үлэ барбат курдук этэ..."

    Дьэ ити курдук иччитэх турбут сиргэ саҥа бөһүөлэк тэриллэн, оскуола аһыллан, иһийэн турбут сир оҕо-ыччат күлүүтүнэн-оонньуутунан, чуораан тыаһынан чугдаара түспүтэ. Ийэлээх аҕам нэһилиэк кэнчээри кэскиллэрин үтүөҕэ-сырдыкка уһуйбутунан барбыттара.

    Ити кэмнэр тустарынан билигин ытык кырдьаҕас,  учууталларын утумнаан олоҕун оҕо иитиигэр анаабыт педагогическай үлэ ветерана Иннокентий Николаевич Иванов маннык суруйар: "Эдьиийим Даша Семенованы кытта учууталларбыт манна көһөн кэлбиттэригэр наһаа үөрбүппүтүн өйдүүбүн. Тоҕуска үөрэнэрбитигэр оннук үтүө өйдөбүлү хааллардахтара.

    Манна  Николай Афанасьевичка үөрэммититим. Наһаа үчүгэйдик кэпсиирэ. Кэпсии туран киһи күлүөх курдук тылын булан кыбыталыыра.  Онтон бары, учууталлыын-оҕолуун күлсэрбит".

    1947 сыллаахха колхозтаахтар сыллааҕы отчуот мунньаҕар Николай Афанасьевиһы председателинэн талаллар. Дьэ онон аҕам оскуолатыттан уурайан, Бороҕон "Сталин" колхоһун председателэ буолар. "Поселок чертеһа оҥоһулла илик буолан, куораттан землеустроитель таһааран, поселок саҥа чертеһа оҥоһуллубута. Уһаайба сирин былдьаһыы тохтообута. Сэрии саҕана айгыраабыт колхоһу өрө көтөҕөргө саҥа председатель элбэх сыралаах үлэтин биэрбитэ.

    Николай Афанасьевич бригадиры, онтон да атын үлэһиттэрин комсомоллартан уонна ыччаттартан сүүмэрдээбит этэ.  Правления чилиэннэрин урут үлэҕэ опыттаах колхозтаахтартан уонна комсомольскай тэрилтэ секретарыттан сүүмэрдээн быыбардаппыта. Саҥа талыллыбыт председатель Николай Афанасьевич колхозтаахтары ыга түммүтэ. Поселогы тутуу үлэтэ күүскэ барбыта. Ыалларга дьиэ тутуутугар хастыы да бөлөхтөргө хайытан, ыаллар дьиэлэрин тутууну ыыппыт буолан, сотору кэм иһинэн дьиэлэр тутуллан барбыттара. Пилорама суох, барыта илии эрбиитинэн хайытыыга туруммуттара. Онон дьиэ муосталааһына утары баран испитэ",- диэн ахтар үлэ-тыыл ветерана Д.А.Каратаев.

    Оттон ити сылларга аҕабын кытта бииргэ тутуу биригэдьииринэн үлэлээбит үлэ-тыыл ветерана Мальцев Кирилл Кириллович маннык ахтар:"...Кини 1947 сыл саҥатыттан үлэтин саҕалаабыта (Колхоз председателин быһыытынан - автор). Учууталлар олороллоругар уопсай, ыаллар  4 дьиэлэрэ көһөрүллэн аҕалан тутуллубуттара. Контора тутуллубута. 1948 сылга бөһүөлэк былаанын оҥорторбута. Ити кэнниттэн тутуу балачча күүскэ ыытыллан барбыта. 1951 сыллаахха Модут нэһилиэгин кытта холбоһоот, Сталин аатынан  колхоз бэйэтин көҕүлээһининэн уонна күүһүнэн, оччотооҕу кэмҥэ оройуоҥҥа суох, 150 миэстэлээх кулууп дьиэтин тутуутун саҕалаабыта". Бу тутуу сүннүнэн түөрт ыйынан бүппүт, күһүнүгэр үлэҕэ киирбит.  "...Бу дьиэ улахан аҥара колхоз конторатыгар анаммыта, кирпииччэ оһохторунан ититиллэрэ, сарайа суоҕа. 1952 сыл күһүнүгэр оскуола кулуупка аһыллыбыта,"- диэн салгыы ахтар К.К.Мальцев.

    Ити сыл председатель колхозка харчы киллэрэр сыалтан, Бүлүү куоратыгар икки этээстээх оскуола корпуһун тутарга 220000 солкуобайга дуогабар түһэрсэн тахсыбыта. "1952 сыллаахха күһүн оҥочоннон өксөйөн куоракка киирэн оскуола тутуутун саҕалаабыппыт уонна икки сылтан ордук үлэлээн бүтэрбиппит", - диэн суруйар Кирилл Кириллович. "...Ити оскуоланы       

1954 сыллаахха тутан бүтэрэн туттарбыппыт. Ити дьиэ тутуутугар 20-чэ буолан сылдьыбыппыт. Олортон билигин биһигини салайан үлэлэппит киһи Мальцев Кирилл Кириллович, тутааччылартан Иванов Иван Гаврильевич, Мальцев Прокопий Титович тыыннаах хаалан сылдьаллар,"- диэн суруйар сэрии, үлэ-тыыл ветерана  Мальцев Прокопий Титович.

    "Биһиги оччотооҕу олохпутугар эдэр, эрчимнээх, үөрэхтээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү эрэ баҕарар, кэскиллээҕи эрэ түстүүр дьон кэлиилэрэ улахан суолталаммыта. Саҥа бөһүөлэктэнэн эрэр нэһилиэк, колхоз сайдыы суолугар киирэн испитэ.

    Ол туһунан оччотооҕу оройуон хаһыатын саһарбыт страницалара кэпсииллэр:

"Колхоз суола" ахсынньы 1 1950 сыл. Хаһыат инники ыстатыйата.

...Кировецтар ыҥырыыларын Бороҕоннооҕу Сталин аатынан колхоз дьыаланнан  өйөөтө, бэриллибит былааны – 6 типовой дьиэни тутан, үч;гэйдик толордо. Тутуу Тааһаҕар Ворошилов аатынан колхозка эмиэ ситиһиилээхтик ыытылынна...

        "Колхоз суола"олунньу 14 күнэ  1951 сыл.  Эмиэ инники ыстатыйа

Колхозтарга үлэ тэрээһинин тупсарарга биһиги соруктарбыт.

Ааспыт сылга от хомуурун бириэмэтигэр  үлэ тэрээһинин туруга оройуон 16 колхозтарыгар бэрэбиэркэлэммитэ.

    Бороҕон Сталин аатынан, Дьөккөн Киров аатынан, Уоттутааҕы Сталин аатынан бөдөҥсүйбүт колхозтарга үлэ тэрээһинэ балачча тупсарылынна,"- диэн хаһыаттартан чахчылары аҕалар педагогическай үлэ ветерана Иннокентий Николаевич Иванов.

    "Николай Афанасьевич киэҥ толкуйдаах, кэскиллээх, үлэни сөпкө былаанныыр, туруоруммут соругун хайаан да толорор, толорторор салайааччы этэ. Кини биһиги колхозка оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн киһи ааҕан сиппэт.

    Бөдөҥ- бөдөҥүттэн ахтар буоллахха...

               Кини үлэлиир кэмигэр бурдугу үүннэрээри Өргүөттээххэ уонча гаалаах  ойууру солоон бааһына оҥостубуппут. Үүнүү бөҕөнү ылар этибит.

    Муҥхалааһын киэҥник тэрилрэрэ. Хас да муҥха бултуура. Оттоһун эмиэ бэркэ тэриллэрэ. Атын колхозтартан хаалсыбат этибит. Хата үксүн чорбойорбут.

    Сүөһү иитиитэ сылтан сыл аайы үрдүк көрдөрүүлэнэн испитэ. Бастыҥ опыты олоххо киллэрэрбит. Мин Тимофеев Г.П. диэн сүрдээх үлэһит киһини кытта сүөһүнү таһырдьа кыстатарбыт. Титииккэ. Туох да буолбаттар этэ. Хата уойуу бөҕөнү уойаллар этэ.

    Тутууну күүскэ ыыттарбыта. Модуту кытта холбоһоотун, улахан кулуубу туттарбыта. Аҥара – оскуола, аҥара – кулууп.

    Кырдьаҕас колхозтаахтарга диэн анаан-минээн 9 олорор дьиэни туттарбыта. Олортон биирэ мин кынныбар Николай Николаевич Степановка анаан тутуллубута. Балыыһа дьиэтин туттарбыта.

    Николай Афанасьевич манна нэһилиэгэр эрэ буолбакка, бүтүн оройуоҥҥа тутуу ыыттарбыта. Бэйэтин дьонунан. Куоракка икки этээстээх оскуола дьиэтин, икки этээстээх общежитиены биһи дьоммут туппуттара. Маны таһынан Хампа балыыһатын эмиэ,"- диэн кэпсиир үлэ ветерана, нэһилиэк ытык-мааны кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэ Афанасий Петрович Каратаев.

    Итинник үлэлээн колхозка харчы киллэрэн колхозтаахтар олохторун уйгута тупсарыгар үгүс кыһамньытын уурбутун бииргэ үлэлээбит дьоно бэлиэтииллэр. "Павлов Н.А. салайан үлэлэппит кэмигэр колхозтаахтар бурдугунан уонна харчыннан кыра да буоллар дохуот аахсар буолбуттара. Ол иннигэр дохуот диэн суох этэ,"- диэн ахтар К.К.Мальцев.

    "Маны таһынан колхоз бэйэтин ис үлэтэ эрэ буолбакка, куорат сорох тэрилтэлэрин уокка оттор мастарын кэртэрии-тастарыы барыта колхоз эбээһинэһэ этэ. Онон илии-көлө үлэтин солбуйар техника наадата кэлбитэ. Ол иһин Л-6 бензиновай икки мотуору булан, биирин алта ат тардар молотилка моторунан  үлэлэтии, кыһын көлөннөн таһар таһаҕаһы ууннан Бүлүү куоратыттан, Лоҥхолоохтон, сайын оҥочоҕо биир Л-6 моторунан үлэлэтэн, Дэлгэр бириистэнигэр таһар буолбуттара. Кэнники биир ЗИС-5 грузовой массыына, Т-14 трактор булан, илии элбэх үлэтин солбуйбуттара,"- диэн ахтар Д.А.Каратаев.

    Оттон ийэбит-аҕабыт туһунан кинилэр улахан кыыстара, эдьиийим Еремеева Ксения Николаевна маннык ахтар:"Мин икки аҥар саастаахпар дьоммут Тоҕустан Бороҕоҥҥо көһөн барбыттар. Онно аҕам Павлов Николай Афанасьевич, ийэм Иванова Мария Гаврильевна оскуоланы аспыттар, аҕам сэбиэдиссэйинэн, ийэм учууталынан үлэлээбиттэр. Мин кыра эрдэхпинэ ийэбин кытта оскуолаҕа барсан кылааска киирэн олорор үһүбүн.

    1947 сыллаахха аҕабын колхоз председателинэн талбыттара. Саамай өйдөөн хаалбытым Ильич уота кэлбитин. Ол иннинэ кыраһыын лаампанан, чүмэчинэн олорбуппут. Онон Ильич уота кэлиитэ улахан үөрүү этэ. Сып-сырдык уот. 

    Аҕабыт дьиэтигэр-уотугар сымнаҕас сыһыаннаах этэ. Киниттэн улаханнык мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн.

    Бороҕоҥҥо кыра баҕайы дьиэҕэ  элбэх буолан олорбуппут. Бастаан аҕам ийэтэ Өксүү эмээхсин, онтон ийэм ийэтэ,аҕата, икки быраата, балта бааллара.  Аҕам кинилэри абааһы көрөн кыыһырарын хаһан да истибэтэҕим.

         Ийэм тыҥата ыалдьан учууталлыы сылдьан уурайбыта".

Эдьиийим ахтыбытын курдук, сэрии буппутэ төрдүс  сылыгар, ийэм тыҥатынан ыалдьан учууталыттан уурайбыта: сэрии аччык аҥардаах сут-кураан дьыллара кини доруобуйатын айгыраппыттара мэлдьэҕэ суох. 

    Аҕам "Сталин"  колхоз председателинэн 1956 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Ити сыллар устата сэрии кэмигэр айгыраабыт колхоһу өрө көтөҕөргө, колхозтаахтар олохторун уйгутун тупсарарга, иччитэх сиргэ оскуола арыйарга, оройуоҥҥа оччолорго соҕотох 150 миэстэлээх кулууптаах сабыс – саҥа  бөһүөлэги тутарга, колхоһу оройуоҥҥа үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар таһаарарга төһөлөөх сыратын–сылбатын уурбута, үрүҥ-хара көлөһүнүн тохпута, кыһамньытын уурбута буолуой? 

    Аҕам туһунан ити сылларга кинилиин ыкса алтыспыт, кини салалтатынан үлэлээбит-хамнаабыт, уйгулаах олоҕу тэрийсибит үөлээннээхтэрэ, билигин ытык мааны кырдьаҕастар ахтыыларын билсиэҕиҥ:

    Үлэ-тыыл ветерана Мальцев Прокопий Титович:"Город орто оскуолатын (Билигин гимназия буолан турар, уруккута Г.И.Чиряев аатынан орто оскуола икки этээстээх дьиэтэ - автор  ) тутууга учуутал буоларын быһыытынан улахан өҥөлөөх киһиннэн ааҕабын. Кини салайбыт, үлэлээбит үлэтэ эдэр ыччакка улахан өйдөбүнньүк буолуоҕа".

    "... Николай Афанасьевич киһи быһыытынан наһаа үчүгэй киһи этэ. Куруук күлэ-үөрэ сылдьар, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэрдэри кытта эдэрдии сыһыанаһара, ол иһин буоллаҕа, ханнык да балаһыанньаҕа дьону кытта этиспитин-иирсибитин мин 20-чэ сыл устата үксүгэр бииргэ үлэлии сылдьан көрбөтөҕүм уонна истибэт да этим. Үлэҕэ арааһынай уустуктар баар буолар этилэр, ону барытын киэҥ-холку майгытынан аһарар буолара. Кини убаастабылы ылыан ылбытын Саха АССР Верховнай Советын депутатынан кытта быыбардаммыта туоһулуур", - диэн суруйар ытык кырдьаҕас Дмитрий Афанасьевич Каратаев.

    "... Николай Афанасьевич Павлов оройуоҥҥа авторитеттаах салайааччы, Саха АССР Верховнай Советын депутата этэ, ылыннарыылаах тыллааҕа",-диэн ахтар Кирилл Кириллович Мальцев.

    "... Биһиги нэһилиэкпит сайдарын туһугар кэскиллээх улэни ыыппыт салайааччылартан биир чаҕылхайдара Николай Афанасьевич Павлов буолар.

    Биһиэхэ председателлии олорон, Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллыбыта. Бу кини кэскиллээх үлэтин, "Сталин"  колхоз чилиэннэрин үлэлэрин үрдүктүк сыаналааһын буолар,"- диэн суруйар пед.үлэ ветерана Иннокентий Николаевич Иванов.

    "...Сэрии кэнниттэн Николай Афанасьевич Бороҕон нэһилиэгэр колхоз председателинэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, онно Мария Гаврильевна учууталлаабыта. Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллан, бэрт дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар салайааччы буолбута.

    Тоҕус уонна  Бороҕон нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Мария Гаврильевна, Николай Афанасьевич диэн үтүөкэнээх дьон үлэлээн-олорон, салайан ааспыт үтүө кэмнэрин умнубаттара буолуо диэн бигэтик эрэнэбин. Кинилэр сырдык кэриэстэрэ үөрэппит оҕолоро, бииргэ үлэлээбит, олорбут дьонноро баалларын тухары үйэттэн-үйэҕэ умнуллуо суоҕа,"- диэн ахтар эдьиийдээх күтүөтүн туһунан тыыл-үлэ ветерана, ССРС кинематографиятын уонна Советскай потребительскай кооперация туйгуна  Дарья Алексеевна Быкалырова.

   1956 сыллаахха, Бороҕоҥҥо уон сыл олорон баран,  аҕам «Ленин» колхоз председателинэн ананан, дьонум Тоҕуска төттөрү көһөн кэлбиттэрэ. Аҕам, үөлээннээхтэрэ ахталларын курдук,   дьиҥнээх коммунист, киниэхэ  итэҕэйбит,  сүктэрбит соруктарын ис сүрэҕиттэн кыһаллан, дьоҥҥо, дойдуга туһалаах буоллун диэн, түүнү-күнү аахсыбакка, аһыырын-утуйарын да умнан туран, булгуччу тиһэҕэр тиэрдэр дьүккүөрдээх эбит.

   Онон партия ханна ыытар да, уон оҕолоохпун, дьиэлээхпин-хаһаайыстыбалаахпын диэн батыммакка, барытын чиэстээхтих толорор үлэһит буолан, ханна үлэ-хамнас кыаллыбатах, ыарахан учаастактарыгар улгумнук баран үлэни-хамнаһы  элбэхтик өрө көтөхпүт өҥөлөөх  диэн кырдьаҕастар сыаналыыллар. Ол курдук кини  «Сталин», «Ленин»,  «Правда», «Мастаах» колхозтар салалалталарыгар күүһүн – күдэҕин харыстаабакка бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кэлиҥҥи сылларга уон оҕону, кырдьаҕастары көһөрө сылдьар айгыта бэрт буолан, бэйэтэ эрэ баран, “уунан”  сылдьан, ыал муннугар кыбыллан олорон  үлэлиирэ. Ити сылларга ийэм барахсан эһэбиниин биһигини, уон оҕону, ону таһынан балыстарын, бырааттарын,  тугунан да тутахсыппакка, көрөн-истэн, иитэн–такайан олордохторо.

Дьаныһан туран эмтэнэн, үтүөрэн да баран ийэм үлэтигэр төннүбэтэҕэ: уон кыта кырбас  оҕо, кырдьаҕас төрөппүттэр, улахан хаһаайыстыба көрүүнү-истиини эрэйэллэрэ, эппиэттээх үлэҕэ сылдьар кэргэнин өйүүр, көмө-тирэх буолар дьоһун соруктааҕа. Ол да иһин аҕам таһаарыылаах, ситиһиилээх  үлэтинэн колхозтаахтар олохторун уйгута улааттаҕа, улуус, дойду сайдыытыгар суҥкэн кылаатын киллэрдэҕэ. Итиннэ ийэм үтүөтэ – өҥөтө үтүмэн буоллаҕа

 Аҕам кинилэргэ эркин курдук эрэнэр буолан, үлэтэ таһаарылаах, ситиһиилээх буоллаҕа: 1956 сыллаахха  Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта кини дьүккүөрдээх үлэтин туһунан элбэҕи этэр.

Ол эрэн аҕам барахсан итинник бэйэни харыстаммакка кыаҕы таһынан үлэлээһин түмүгэр,1967 сыллаахха  Тоҕуска управляющайдыы олорон, уон оҕотун тулаайах хаалларан,  соһумардык кун сириттэн суох буолбута. Баара эрэ 48 саастааҕа...

Аҕам өлөрүгэр уон оҕоттон биирбит да үлэһит буола илигэ, саамай кырабыт, билигин Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов биирин эрэ ааспыт саҥа хааман бадьаалыыр киһи этэ; мин, уончалаах кыысчаан, төрдүс кылааска үөрэнэрим.

Аҕабыт дьиэтигэр-уотугар киэҥ-холку, сымнаҕас майгылааҕа, кимиэхэ да хаһан эмэ куолаһын соноппутун өйдөөбөппүн. Биһиги, оҕолор, ардыгар мэниктээн, таҥаһы-сабы мутукка-силискэ хайа тардан, тустаах эбээһинэспитин оонньууга аралдьыйан уһатан-кэҥэтэн толорорбут, онтон да атын буруйу-сэмэни оҥорорбут ханна барыай? Оннук тугэннэргэ аҕабыт биир кытаанах көрүүтүнэн сөп буоларбыт, онтон атыннык дьарыйбытын олох өйдөөбөппүн. Оттон ситиһиилэрбититтэн олус үөрэрэ: күн сириттэн күрэнэр сылыгар ( кини олунньу ыйга суох буолта) оскуола Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар ийэм миэхэ хомурдуос, балтыбар Мусяҕа бабочка мааскаларын журналтан көрөн тикпитэ, күнүскү түбүгүн кэнниттэн түүннэри кыраһыын лаампатынан иистэнэрэ. Аҕабыт манна сүрүн көмөлөһөөччү буолара, бабочка кынатын, хомурдуос муоһун боробулуохаттан иэҕэн оҥорбута, кынатын кыраасканан дьэрэкээн ойуулаабыта.  Оскуола  бал-маскарадыгар биһиги мааскаларбытыгар хамыыһыйа бастакы миэстэни биэрбитэ, наҕараадабыт нэһилиэккэ бастакы быһылаах, электрическай гирлянда этэ! Гирлянда диэни онно саҥа көрбүппүт, оскуолабыт көрүдүөрүн ортотугар турар үчүгэйкээн харыйа араас уоттаах лаампаларынан симэммит этэ, оо, бу көрүөхтэн кэрэ көстүүттэн айахпытын атан, сүргэбит көтөҕүллэн бэрт да бырааһынньык буолбута! Аны оруобуна оннук гирлянданы бэлэх тутан букатын да үөрүүбүтүттэн көтөн хаалыахпытын кынаппыт эрэ суоҕа! Аҕам барахсан онно үөрбүтүөн! Ийэбитин үөрдээри Тымныы оҕонньор бэлэҕин тутаат, дьиэбитигэр барбыппыт, күндү малбытын аҕабыт түөһүгэр тутан, киэҥ-киэҥник хардыылыырын балтым биһикки нэһиилэ ситэрбитин өйдүүбүн... Иллэҥ эрэ буоллар үөрэхпитигэр тугу кыаммаппытыгар көмөлөһөр этэ: дьиэбит саалатыгар быа тардан, тэлэгириэйкэлэри муостаҕа тэлгэтэн баран, миигин үрдүгү ойорго эрчийэрэ... Оҕолоро бары өттүнэн сайдыылаах дьон буолалларыгар ураты болҕомтотун уурара: дьиэбитигэр  элбэх кинигэ, уруһуйдуур, суруйар тэриллэр, диафильм, хайыһардар, хаҥкылар, гармошка, баян бааллара. Эдьиийим Зоя Хампаҕа үөрэнэ сылдьан скрипкаҕа оонньуур учуутал кэлбитигэр, үөрэниэн баҕарбыта. Онуоха аҕам скрипка ылан биэрэн, эдьиийим дьарыктаммыта. Кыралары ордук биэбэйдиирэ, бэйэтэ анаан таптал аат биэртэлиирэ.

Дьиэҕэ ийэбитигэр иллэҥ эрэ буоллар туохха барытыгар көмөлөһөрө: оннооҕор улахан остуолбут үрдүгэр уһун ыскамыайканы ууран баран дьиэ үрдүн сууйа турара харахпар бу баар... Ийэбит үлэтин өрүү чэпчэтэ сатыыра: мас муостаны сууйарга чэпчэки буолар диэн кырааскалаппыта, таҥас сууйаргар диэн Сибирь диэн ааттаах улахан стиральнай массыынаны аҕалбыта уонтан тахса сыл туһалаабыта.

Онтон-мантан кэллэҕинэ өрүү кэһиилээх буолара, ийэбитигэр мэлдьи туох эрэ сонун, сыаналаах таҥас дуу, туттар тэрил дуу булгуччу аҕалара. Ийэбит аҕаҕыт үлэтигэр ханнык да балаһыанньа буолбутун иһин, барытын таһырдьа хаалларан кэлээччи, хаһан да дьиэтигэр кыыһыран-тымтан кэлбэт этэ диэн өрүү ахтааччы.

     Биһиги аҕабыт Николай Афанасьевич Павлов учуутал быһыытынан улууска үөрэҕирии сайдыытыгар ураты болҕомтотун ууран, сүҥкэн кылаатын киллэрбитин кылгас олоҕун устата түөрт оскуоланы  туттарбыта да туоһулуур:

  • 1942 сыллаахха Орто Күөл диэн алаастан оскуоланы нэһилиэк киинигэр Тоҕус бөһүөлэгэр көһөрөн аҕалан туттарбыта;
  • Бороҕоҥҥо Тоҕустан Хаахынайдаахха турбут Баһылай Дьөгүөрэп дьиэтин көһөрөн илдьэн туттаран, оскуола арыйбыта;
  • 1952 сыллаахха Бүлүү куоратыгар икки этээстээх оскуола корпуһун тутарга договор түһэрсэн, 1954 сыллаахха үлэҕэ киллэрбитэ;
  • 1958 сыллаахха Ленин колхозка председателлии олорон, Тоҕуска сабыс саҥа 8 кылаастаах оскуола дьиэтин тутан үлэҕэ киллэрбитэ.

   Ийэлээх аҕабыт Республика үөрэҕириитигэр бэйэлэрин утумнарыттан 18 педагогу, ол иһиттэн биир педагогическай наука кандидатын, 2 педагогикаҕа аспираны, 4 үөрэҕирии туйгуннарын, 1 Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын, 1 «Учууталлар учууталларын», 1 Саха Республикатын үтүөлээх артыыһын хаалларбыттара.  

Кинилэр сэрии ыар сылларыгар санааларын түһэрбэккэ инники кэскиллэрин ыраҥалаабыттара, тускулларын түстээбиттэрэ туолбута: күн анныгар ааттарын ааттатыах 10 оҕону көччөх гынан көтүппүттэрэ. Кинилэртэн улахан уол нэһилиэк, тэрилтэ салайааччытынан, икки кыыс медицинаҕа, биир уол сибээскэ, биир уол тыа хаһаайыстыбатыгар, үс кыыс норуот үөрэҕириитигэр ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, үлэлииллэр. Оттон саамай кырабыт, онус оҕо, мелодист, ырыаһыт  Аскалон Павлов буолар.

Ийэлээх аҕабыт билигин отучча сиэннээхтэр, сүүрбэттэн тахса хос, үс хос-хос сиэннээхтэр. Билигин биһиги оҕолорбутун, сиэннэрбитин  эмиэ ситиһиилээх, эппиэтинэстээх, бу олоххо дьоллоох-соргулаах буолалларыгар ийэбит, аҕабыт  үөрэхтэринэн иитэбит, такайабыт.

Аҕабытын билэр дьоннор :"...Мындыр өйдөөх, киэҥ көҕүстээх, сатабыллаах салайааччы этэ,"- диэн ахтан кэпсииллэр, нэһилиэк, улуус, дойду сайдыытыгар үгүс өҥөлөөҕүн бэлиэтииллэр.

Итини таһынан кини оҕолоругар тапталлаах амарах аҕа, ийэбитигэр истиҥ доҕор, эркин курдук эрэллээх дурда-хахха, дьоҥҥо сэргэҕэ аламаҕай сүбэһит быһыытынан күн бүгүҥҥэ дылы ахтылларын биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ үөрэ, долгуйа истэбит. 

Аҕабыт, Саха АССР Верховнай Советын  депутата, Николай Афанасьевич Павлов нэһилиэкпит, дойдубут  сайдарыгар, олохпут тупсарыгар үтүмэн өҥөлөөҕүнэн, кинини билэр дьон бары истиҥник ахталларынан  муҥура суох киэн туттабыт уонна кэнэҕэс кэнчээри ыччаппытыгар кини олорбут олоҕун кэрэ кэпсээн оҥорон хаалларар иэспит диэн санааттан бу ахтыыны суруйдубут.

 

Ахтыыны суруйда  кыыһа Зинаида Николаевна Сергина

Годы службы: 1944 - 1945
Место рождения: Якутская АССР, Вилюйский район, с.Тасагар
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ