Филиппов Гаврил Романович
- Годы жизни: 1916
- Воинское звание: саллаат
Булуу улууһун бочуоттаах олохтооҕо, сэрии бэтэрээнэ ФИЛИППОВ ГАВРИЛ РОМАНОВИЧ 1916 сыллаахха Тылгыны нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэриигэ 1941 сыл балаҕан ыйыгар барбыт. Бастаан Иркутскай уобаласка баар Мальта диэн сэлиэнньэҕэ байыаннай чааска үөрэммит, онтон 1942 сыл олунньуттан ый кэриҥэ айаннаан, Ленинграды көмүскүүр Волховскай фроҥҥа биир ый сылдьыбыт. Гаврил Романович бэйэтин ахтыытыгар: "... Биһиги түүн айанныыбыт, күнүс ньиэмэс сөмөлүөтэ элбэҕэ - киһи айанныах буолбатах этэ. ...Ньиэмэс сөмөлүөттэрэ суусчэкэлии буолан тахсан Ленинград, Калининград диэки бараллар,"- диэн суруйбут. Манна сэриилэһэ сылдьан өстөөх төгүрүйүүтүгэр түбэһэ сылдьыбыттар. Үрдүлэригэр буомба бөҕөнү быраҕаллар эбит. Итинник сыттахтарына, эбии армия кэлэн, өстөөх кэтэх өттүнэн суол аһан, сэриилэһэ-сэриилэһэ төгүрүйүүттэн тахсыбыттар. Гаврил Романович бааһыран үс ый Сталинград куоракка эмтэнэн үтүөрбүт. Дойдутугар 1942 сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлээт, тыыл ыарахан үлэтин үөһүгэр түспүтэ. 1943 сыллаахха холкуос бэрэссэдээтэлэ буолбута. Дьон үлэни күүскэ үлэлииллэрэ, онон уопсай сүөһү туох да буолбатах. 1944 сыллаахха Гаврил Романович салайар холкуоһа оройуоҥҥа үчүгэй көрдөрүүлээҕин иһин кинини баартыйаҕа ылбыттар. 1945 сыллаахха Тылгынылар оройуоҥҥа бастыҥ холкуос буолбуттар. Филиппов Г.Р. салайар кэмигэр холкуостаахтар оройуоҥҥа бастаан, икки төгүл Кыһыл Знамя ылбыттар. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уонна Обком грамотатын ылбыттар. Филиппов Г.Р. үтүө суобастаах үлэтин 1990 сыллаахха 56 сыл үлэ стажтаах түмүктээбитэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгэ барҕарарыгар, дьон-сэргэ быстыбатын туһугар сыал туруорунан чиэстээхтик улэлээбитин дьоно-сэргэтэ сыаналаабыттара. Олоҕун доҕоро Никифорова Александра Кононовнаны кытта 57 сыл дьоллоохтук олорон, тоҕус оҕону төрөтөн, биир сэрии тулаайаҕа оҕону иитэн, олох суолугар үктэннэрбиттэрэ. Филипповтар ыччаттара билигин норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Үгүс сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн эһэлээх эбэлэрин ааттарын үтүөнэн ааттата сылдьаллар. Ытык кырдьаҕас, буойун Филиппов Г.Р. үтүө аатын Тылгыны дьоно-сэргэтэ умнубат.
- Годы службы: 1941 - 1942
- Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
- Место призыва: Үөһэ Бүлүү
- Место службы: Ленинград
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY