Матвеев Иннокентий Петрович
- Годы жизни: 1922 (1923)
Сэрии кэмин ыарахан, ол эрээри улахан суолталаах сулууспатыттан эргиллэн кэлбэтэх буойун, биир дойдулаахпыт МАТВЕЕВ ИННОКЕНТИЙ ПЕТРОВИЧ Тылгыны нэһилиэгэр 1922 сыллаахха төрөөбүтэ (эдьиийин ахтыытыгар 1923 с. диэн суруллубут). Дьоно Оччугуй Дьаандаабыкка, кэлин Сулгундаҕа олорбуттара. Кини 1939-1942 сыллардаахха Тылгыныга учууталлаабыта. Кинини кытта бииргэ Ханды Софья Гаврильевна (директор), Седалищев А.И., Жирков М.Г., Габышев Н.Г., Габышева Александра Николаевна (композитор М.Н.Жирков бииргэ төрөөбүт балта) уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Кини 1941-1942 сыл аармыйаҕа ыҥырыллан баран, доруобуйата мөлтөөн төннөн кэлбитэ. Иккистээн учууталыгар киирэн биир сыл кэриҥэ үлэлээн баран, 1943 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ Бүлүүттэн Афанасий Иннокентьевич Николаевы кытта бииргэ барбыттар. Кини тыа сиригэр улааппыт буолан, бэркэ ытара, наар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьара диэн доҕотторо ахталлара. Кини байыаннай үөрэҕин бүтэрэн баран, билигин Забайкальск куорат аттыгар баар 94 стрелковай дивизия 64 стрелковай полкатыгар түбэспитэ. Стрелковай батальоҥҥа сулууспалаабыта. Бу дивизия Сэбиэскэй Сойуус кыраныыссатын харабыллыыр, өстөөх саба түстэҕинэ бастаан көрсөр аналлаах сэрии чааһа этэ. Отставкаҕа олорор полковник А.И. Николаев биир дойдулаахпыт туһунан ахтыытыгар "...дьоллоох буоллахпына баҕар дойдубар тиийиэм эбитэ буолуо..." диэбитин ахтыытыгар суруйбута. 1944 сыллаахха кулун тутар саҥатыгар саллаат Матвеев И.П. ыалдьан санчааска киирбит. Госпитальга икки аҥар ый сытан сырдык тыына быстыбыта. Кини "...сэриилэһэр чааска ыыппатахтарыттан олус хомойор этэ..." диэн ахтыыларга баар. Ааспыт Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ төһөлөөх саҥа үүнэн иһэр саха эдэр ыччата олоҕо сарбыллыбыта буолуой?! Олортон биирдэстэрэ биһиги нэһилиэкпит эдэркээн ыччата, 22 эрэ саастаах Иннокентий Петрович Матвеев олорботох олоҕун аймахтара, уруулара, бырааттара, балтылара салгыыллар. Тылгыныга билигин олорор чугас аймахтара Степанов Альберт Егоровичтаах уо.д.а. буолаллар. Красноармеец Матвеев И.П. аата төрөөбүт дойдутугар умнуллубат.
- Годы службы: 1941, 1943 - 1944
- Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
- Место призыва: Үөһэ Бүлүү
- Место службы: Забайкальск куорат
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY