Годы жизни: 1914
Воинское звание: саллаат

Сэрии бэтэрээнэ, буойун ПЛАТОНОВ ПЕТР ГАВРИЛЬЕВИЧ 1914 сыллаахха Тылгыны нэһилиэгэр Лээмпэйгэ  төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан төрүттээхтэр. Петр Гаврильевич сэрии иннинэ холкуоска ферма биригэдьииринэн үлэлээбит. Бэйэтэ сүрдээх сымнаҕас, үтүө майгылаах киһи эбит. От охсуутугар бастыҥ охсооччу, тракторы да сатаан ыытар, үлэни көрөн турбат киһи. Фроҥҥа 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр барбыт. Петр Гаврильевич бастаан тиийэн Кавказка байыаннай үөрэххэ үөрэммит. Онтон Украинаҕа Киев куорат көстөн турар сиринэн сэриилэспит. Манна сэриилэһэ сылдьан, өстөөх оскуолактара табаннар улаханнык бааһырбыт. Бааһырбыта үс хоммут саллааты буланнар, Казань куоракка байыаннай госпитальга илдьэн эмтээбиттэр. Саллаат Платонов төбөтө улахан бааһырыылаах буолан, аҥар бүөрүн эмиэ ылбыттар. Кини 1944 сыл ыам ыйын 14 күнүгэр демобилизацияламмыт, бэс ыйыгар сэрии иккис группалаах инбэлиитэ буолан төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Платонов П.Г. "За Победу над Германией в ВОВ 1941-1945 гг.", "За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг." мэдээллэринэн наҕараадаламмыта. Дойдутугар кэлэн булчутунан, катерга таһаҕас таһыытыгар үлэлээбитэ. Петр Гаврильевич ыһыахтарга оһуокай этэрин дьон өйдүүллэрэ. Тутатына хоһуйан сэриигэ бааһырбытын "... фашист - өстөөх буулдьата баспар кэлэн түспүтэ" диэн хоһуйар эбит. Олоҕун доҕоро Платонова Александра Никитичнаны кытта түөрт оҕоломмуттара. Аҕалара сэрииттэн кэлэн баран биэс эрэ сыл олорон баран, сэриигэ ылбыт баастарыттан өлбүтэ. Бойобуой саллаат кыра уола Платонов Петр аҕата өлбүтэ нэдиэлэ буолтун кэннэ кун сирин көрбүтэ. Онон Александра Никитична соҕотоҕун бэйэтин түөрт оҕотун кытта таайын түөрт тулаайах оҕолорун ииппитэ, киһи гынаттаабыта. Платоновтар сиэннэрэ билигин Арассыыйа араас муннуктарыгар, Москваҕа тиийэ, үлэһит дьон буолан үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Эһэлэрин Петр Гаврильевич сиппэтэҕин элбэх сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн ситэллэр, олоҕун ситимин салгыыллар, эһэлэрин, эбэлэрин үтүө ааттарын ааттаталлар. Буойун Платонов Петр Гаврильевич аатын дойдутугар дьон-сэргэ умнубат.

Годы службы: 1942 - 1944
Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Үөһэ Бүлүү
Место службы: Украина
Боевые награды: "За Победу над Германией в ВОВ 1941-1945 гг.", "За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг."
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ