Годы жизни: 1919 - 1943
Воинское звание: саллаат, сапер

Сэрии хонуутуттан эргиллэн кэлбэтэх буойун МАКСИМОВ ИВАН ИВАНОВИЧ Тылгыны нэһилиэгэр 1919 сыллаахха, Толоон учаастагар - Садынҥа төрөөбүтэ. Уруучаан оскуолатыгар үөрэнэн 4 кылааһы бүтэрбитэ. Сэрии саҕана ийэтинээн олорбута. Сэриигэ барыан иннинэ хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьыбыта. Комсомол чилиэнэ. Үчүгэй майгылаах, үлэһит киһи диэн кинини биир дойдулаахтара сыаналыыллара. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх этэ. Сэриигэ 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллан барбыта. Кини туһунан Бүлүү "Память" мемориал кинигэтигэр (200с.стр.81) "Максимов Иван Иванович - родился 1919 г, член ВЛКСМ,образование начальное. Бригадир колхоза им.Чапаева. Призван 27 июня 1942. Вилюйским РКВ. Погиб 12 января 1943г. Похоронен у платформы "Черная Речка" Ленинградской области "- диэн суруллубут. Онон 900 күннээх Ленинград блокадатын улуу кыргыһыытыгар баара суоҕа 24 сааһыгар сүүһүнэн ааҕыллар саха ньургун уолаттарын кытта сырдык тыынын толук уурбута. Сэрии аас-туор аччык сылларыгар 1941-1942 сыллаахха ийэтэ, күтүөтэ, эдьиийэ бары өлбүттэрэ. Онон кырыыстээх сэрии Тылгыны нэһилиэгин биир ыалын имири эспитэ. Биир дойдулаахпыт, сапер Максимов Иван Иванович, Ленинграды өстөөхтөн көмүскүү сылдьан, 1943 сыллаахха сырдык тыына быстыбыта. Иван Иванович соҕотох эдьиийэ уол оҕолооҕо. Ол оҕо дьонноро өлбүттэрин кэннэ Бүлүүгэ детдомҥа бэриллибит эбит. Бу алдьархайдаах сэрии кэмигэр суох буолбут ыал оҕолоро баҕар киһи-хара  буолан, ыччаттардаммыта буолуо диэн эрэнэ саныаҕыҥ. Урукку сылларга оскуолабыт директора Гаврильев Н.И. "... Тылгыны үөскүүр ыччата киһи-сүөһү таптаан таалалыыр Саллаҥ Уйбаан Сайыытааҕы өтөҕөр тохтоон-сынньанан ааһар ытык сирдэрэ буолуохтун" диэн ахтыытыгар суруйбута. Биир дойдулаахтара буойун Максимов Иван Ивановиһы умнубаттар.

Годы службы: 1942 - 1943
Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Үөһэ Бүлүү
Место службы: Ленинград
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ