Кондратьев Степан Никифорович
- Годы жизни: 1916
- Воинское звание: саллаат
Сэрии бэтэрээнэ, Ленинград, Сталинград, Бухарест, Вена, Бреславль, Берлин, Прага куораттары босхолоспут буойун КОНДРАТЬЕВ СТЕПАН НИКИФОРОВИЧ 1916 с. Өлүөхүмэ оройуонугар төрөөбүтэ. 1941 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр сэриигэ үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылар ыҥырыллан барбыттар. Уоттаах сэриини ахсынньы 8 күнүттэн саҕалаан Москва анныттан көрсүбүтэ. Вяземскай куорат анныгар тиийэн бааһырар. Үтүөрэн баран И.В. Сталин бирикээһинэн Владимировскай пехотнай училищеҕа үс ый үөрэммитэ. Үөрэҕин кэнниттэн Ленинград блокадатыгар быраҕыллыбыта. Өстөөх тыылыгар үс ый икки хонук сэриилэһэн баран Ленинград фронун кытта холбоһон салгыы сэриилэспиттэрэ. Блокада кэнниттэн Сталинград анныгар пехотаҕа станковой пулеметчигынан сылдьыбыта. Манна бааһыран, Дубовка диэн сэлиэнньэҕэ үс ый эмтэммитэ. Үтүөрэн баран чааһыгар төннүбүтэ уонна Паулюс окружениетын ылан баран Румынияҕа Бухарест куоракка дылы тиийбитэ. Онтон Венгрияҕа тиийэн, Вена куораты босхолоспут. Салгыы Одер өрүһү туораан, Алау, Бреславль куораттары төгүрүйэн, К.К. Рокоссовскай аармыйатыгар туттарбыттар. Бу кэнниттэн Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитэ. Берлиҥҥэ 3 км тиийбэтэҕэ. Контузия ылан полевой госпитальга сыппыт. Бу кэннэ Праганы босхолоспута. Манна кыайыыны көрсүбүтэ. Прагаттан демобилизацияланан 1946 сыл от ыйын 26 күнүгэр кэлбитэ.
Сэрииттэн кэлэн баран Табаҕаҕа леспромхозка үлэлээбитэ. Онтон кэргэнин Никифорова Акулина Степановна дойдутугар Тылгыныга 1972 сыллаахха көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Сталинграды, Ленинграды, Берлини, Японияны ылыы иһин, "За отвагу" мэтээллэрдээх. Степан Никифорович, сэрии иэдээнин илэ хараҕынан көрбүт саллаат, "... элбэҕи кыайан кэпсээбэппин... биир да сэриилээх киинэни тулуйан көрбөппүн..." диир эбит. Кини Сталинград анныгар фашистар кыыллыы быһыыларын элбэҕи көрбүтэ. Соруйан саллааттарга көрдөрөөрүлэр улахан баҕайы кулуһуну оттон баран, оҕолору тыыннаахтыы уокка тамныылларын туһунан харах уулаах олорон кэпсиирин аҕа саастаах дьон билэллэр. Олоҕун доҕоро Акулина Степановнаны кытта биир уол, түөрт кыыс оҕону төрөтөн, иитэн улаатыннарбыттара. Тылгыныга кыргыттар Матвеева Е.С., Васильева Л.С. дьиэ кэргэттэрэ олороллор. Буойун Кондратьев С.Н. аатын Тылгынылар умнубаппыт.
- Годы службы: 1941 - 1946
- Место рождения: Өлүөхүмэ
- Место призыва: Өлүөхүмэ
- Место службы: Ленинград, Сталинград, Бухарест, Вена, Бреславль, Берлин, Прага
- Боевые награды: Сталинграды, Ленинграды, Берлини, Японияны ылыы иһин, "За отвагу" мэтээллэрдээх
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY