Корякин Егор Васильевич
- Годы жизни: 1925
Тылгыны олохтооҕо, буойун КОРЯКИН ЕГОР ВАСИЛЬЕВИЧ Гаврильева Д.Г. 2004 сыллаахха суруйан хаалларбытын билиһиннэрэбит. Корякин Е.В. 1925 сыллаахха төрөөбүт. Бөчөөкө уола диэн. Амыһаахха учууталлыы сылдьан бу дойдуга киирбитэ. Уһун ньолбоҕор, маҥан сирэйдээх, орто уҥуохтаах уол эбит. Аҕалара Үөһээ Бүлүү Боотулуу киһитэ Бөчөөкө Баһылай, ийэтэ Чэкэлээн кыыһа Мааса диэннэр. Элбэх баҕайы бииргэ төрөөбүттэр этилэр: Мария, Александра, Сэмэн уонна эмиэ кыра кыыс баара. Быраата "Дакылаатчыт Сэмэн" диэн ааттаах. Пионер. Устуул үрдүгэр туран дакылаат ааҕааччы. Оччолорго пионердар тэрилтэлэрэ оҕолору саҥарда үөрэтээччилэр. Эдьиийэ Өлөксөөн Үөһээ Бүлүүгэ эргиэҥҥэ үлэлээбитэ. Бу уол мантан 1943 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр армияҕа барбыт эбит. 1945 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлбит. Кэнники дьылҕатын билбэппит. Биһиги, биир дойдулаахтара - Тылгынылар, Корякин Егор Васильевич дьоно-сэргэтэ баҕар Тылгыны дьонун кытта билсиэхтэрэ, эһэлэрин, хос эһэлэрин туһунан кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт.
- Годы службы: 1943 - 1945
- Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
- Место призыва: Үөһэ Бүлүү
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY