Годы жизни: 1923 - 1944
Воинское звание: саллаат

Сэрии хонуутуттан эргиллэн кэлбэтэх буойун, биир дойдулаахпыт ДРАНАЕВ АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ  1923 сыллаахха Тылгыны нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини орто уҥуохтаах, модьу-таҕа, көрсүө, эйэҕэс уол эбит. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүү педучилищетын бастакы курсугар үөрэнэ сырыттаҕына 1942 сыллаахха саас армияҕа ыҥырбыттар. Читаҕа кылгас кэмнээх үөрэтии кэнниттэн арҕаа фроҥҥа барбыт. Онтон Харьков куорат анныгар сэриилэһэ сылдьан 1943 сыллаахха немецтэргэ билиэн түбэспит. Тоҕус ыйы быһа билиэҥҥэ түбэһэн сор бөҕөнү көрбүт, ыар кыһалҕаны билбит. Кини дойдутугар бастакы суруга 1944 сыллаахха саас кэлбитэ. Дьонноро сылтан ордук уолларыттан туох да сураҕы истибэккэ олорбут дьон үөһэ тыыммыттара. Билиэҥҥэ түбэһэ сылдьан, ахсынньы ый 26 күнүгэр 1943 сыллаахха немецтэр Житомиртан чугуйбуттара. Бу кэмҥэ кини билиэнтэн куотан саһан хаалар. Дьонугар суруйбут суругуттан көрдөххө, куорат олохтоохторо аһынан-таҥаһынан көмөлөһөн, бэйэтин сэриитэ кэлэригэр тиийэр. Советскай сэриилэр 1944 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр куоракка киирэллэр. Бу кэмҥэ билиэнтэн кыл мүлчү туттарбыт, биир дойдулаахпыт үөрэн, киһи уйулҕатын көтүтэр тылларынан дьонугар суруйар. Бу кэнниттэн хас да суругу суруйбута. Биир суругар маннык этиллэр: "...Мин муус устар 1 күнүгэр диэри тыыннаахпын. 1944 сыл муус устар 1 күнэ буолар түүнүгэр биир дэриэбинэҕэ киирдибит... Билигин мин баар дэриэбинэбиттэн польскай граница уонтан эрэ тахса биэрэстэ дииллэр. Миигин 1944 сыл олунньу 25 күнүгэр комсомолга ылбыттара..." диэн кини саамай бүтэһик суругар суруйбута. Аҕыйах хонон баран Дранаев Афанасий Егорович хорсуннук сэриилэһэ сылдьан 1944 сыллаахха муус устар 16 күнүгэр Тернопольскай уобалас Бугагскай оройуонун Пыляева сэлиэнньэтигэр өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Сүүрбэччэ эрэ саастаах эдэркээн биир дойдулаахпыт Афанасий Дранаев сырдык аата биһиэхэ умнуллубат. Афоняҕа уоттаах сэриилэр былдьаһыктаах күннэригэр доҕотторо Пыляева сэлиэнньэтигэр уҥуох туппуттара. Советскай Ийэ дойдуларын көмускээбит буойуттар сырдык дууһалара поэт эппитин курдук, туруйалар буолан, саас ахсын дойдуларын маардарын кэрийэ көтөллөрө буолуо... Буойун Дранаев А.Е. сырдык аатын дойдутун дьоно-сэргэтэ умнубат.

Годы службы: 1942 - 1944
Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Үөһэ Бүлүү
Место службы: Харьков, Тернопольскай уобалас Бугагскай оройуонун Пыляева сэлиэнньэтэ
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ