Годы жизни: 1914 - 1944
Воинское звание: саллаат

Сэрии хонуутуттан эргиллэн кэлбэтэх буойун БОРИСОВ ВАСИЛИЙ ДМИТРИЕВИЧ 1914 сыллаахха Тылгыныга дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Уон икки оҕолоох ыал иккис оҕото. Сулгунда оскуолатыгар үөрэнэн түөрт кылааһы бүтэрбитэ. Сэрии иннинэ "Чапаев" аатынан холкуоска биригэдьииринэн, завхоһунан үлэлээбитэ. Улахан, модьу-таҕа көрүҥнээх киһи эбитэ уһу. Атах оонньуутугар өрүү бастыырын олохтоохтор умнубаттар. Куруук күлэ-үөрэ сылдьар, эйэҕэс киһи быһыытынан дьон-сэргэ санаатыгар хаалбыт.

Кини 1934 сыллаахха Матвеева Анастасия Петровнаны кэргэн ылбыта. Икки оҕолонон баран, 1942 сыл от ыйын 17 күнүгэр Бүлүүтээҕи ОРВХ бэбиэскэтинэн сэриигэ барбыта. Дьиэтигэр үс саастаах Акима, саҥа төрөөбүт Любата уонна доҕоро Настаа хаалбыттара. Рядовой Борисов Василий Дмитриевич 1944 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр Украинаҕа геройдуу өлбүтэ. Украина Волынскай уобалаһын Мацеевскай оройуонун Смидынь дэриэбинэтигэр көмүллэн сытар. Бойобуой саллаат оҕолоро үтүө-мааны дьон буола улааппыттара. Борисов Аким Васильевич үрдүкү кылаастаах суоппар буолан өр сыл "Мастаах", "Күүлэт" совхозтарга үлэлээбитэ. Борисова Любовь Васильевна иистэнньэҥ идэтин баһылаан, Дьокуускайга "Саха булт" түүлээх таҥаһы тигэр комбинатыгар таһаарыылаахтык өр сылларга үлэлээбитэ. Кинилэр бииргэ төрөөбүт балтыларын, бырааттарын оҕолорун улаатыннарсан, үөрэттэрэн, эйэлээх, улахан дьиэ кэргэн аҕа саастаах кырдьаҕастара буолбуттара. Аким Васильевич аатын ааттатар Аким диэн Тылгыны оҕото билигин Дьокуускайга олорор. Сэрии хонуутугар хаалбыт буойун аатын уйэтитэн дойдутугар Кыайыы болуоссатыгар мемориальнай плита туруордубут уонна анал харыйа олортубут. Ийэ дойдутун тыынын толук ууран туран көмүскээбит буойун Борисов Василий Дмитриевич аатын дойдутугар умнубаппыт.

Годы службы: 1942 - 1944
Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Бүлүү
Место службы: Украина
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ