Васильев Михаил Тихонович
- Годы жизни: 1919
- Воинское звание: саллаат
Биир дойдулаахпыт, сэрии кыттыылааҕа, буойун ВАСИЛЬЕВ МИХАИЛ ТИХОНОВИЧ 1919 сыллаахха төрөөбүтэ, Тииппээн оҕонньор бастакы кэргэниттэн уола. Холкуоска араас үлэҕэ көхтөөхтүк үлэлиирэ. Сэриигэ 1943 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллан 4258 нүөмэрдээх байыаннай чааска сулууспалаабыт. 1944 сыллаахха 1218 госпитальтан эвакуацияламмыт. Ити кэнниттэн сылгы үүрүүтүгэр сылдьыбыт, салгыы Киренскэйгэ мас заготовкатыгар үлэлээбит. Дойдутугар төннөн кэлэн холкуоһугар от-мас тиэйиитигэр, ферма тас үлэтигэр, хонуу араас үлэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сэрии кэнниттэн Егорова Анна Николаевнаны кытта ыал буолан, икки оҕону улаатыннаран, сиэн харайар дьолу билбиттэрэ. Кыыстара Маруся эдэр сааһыгар хомолтолоохтук ыалдьан өлбүтэ. Харайбыт сиэннэрэ Туяра СГУ саха салаатын бүтэрэн учуутал идэлээх. Кэргэннэнэн икки оҕолоох ыал. Уоллара Васильев Николай Михайлович Тылгыны нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ОДьКХ Тылгынытааҕы учаастагын соҕотох солбуллубат тракториһа этэ. Техниканы үчүгэйдик көрөн-истэн, уһун кэмҥэ үлэлэтэринэн уратылаах механизатор диэн биир дойдулаахтара билэллэр. Буойун Васильев Михаил Тихонович олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар, бэтэрээн аата дойдутугар умнуллубат.
- Годы службы: 1943-1944
- Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
- Место призыва: Үөһэ Бүлүү
- Место службы: 4258 нүөмэрдээх байыаннай чаас
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY