Годы жизни: 1912 - 1943
Воинское звание: саллаат

Аҕа Дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, буойун БОРИСОВ ПАВЕЛ НИКИФОРОВИЧ 1912 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Маҥааһыгар төрөөбүт. Начаалынай үөрэхтээх, 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Бүлүү ОРВХ сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Борисов Павел Павлович (уола) маннык суруйбут: "Дьоннор кэпсииллэринэн, аҕам үрдүк уҥуохтаах, модьу-таҕа эттээх-сииннээх кыһыл киһи үһү, дэлэҕэ "Кыһыл Байбал" диэн таптал ааттаах буолуо дуо? Сыыдам, чэпчэки атынан Маҥаастан Тылгыныга, күтүөттэрэ буолан, дьонун билсэ куруук киирэр-тахсар эбит.  Биирдэ сэрии бэтэрээнэ Кононов И.Г. "Тоҕо Үөһээ Бүлүү киһитин Бүлүү военкомата бэбиэскэлээтэ?" - диэн ыйыппыппар: "Туох билиэ баарай? Эн аҕаҕын кытта Уруучаан оскуолатыгар начаалынай кылаастарга "подростоктар" диэн ааттанан икки сыл бииргэ үөрэммиппит. Кини Маҥаастан киирэн, Дьулаҥҥа аймахтарыгар олорон, хааман үөрэммитэ," - диэбитэ. "Баҕар ол үөрэнэр сылыттан Тылгыны нэһилиэгэр сурукка киирэн хаалбыт буолан Бүлүүлэр повесткалыахтарын сөп" - диэн олохтоох эппиэти биэрбитэ. Сэриигэ барарыгар Максим диэн 1939 сыллаахха төрөөбүт уоллаах, Софья диэн 1940 сылга төрөөбүт кыыстаах эбит. Оттон миигин аҕам барарыгар: "Баар буоллаҕына мин ааппын биэрээр, уол буоллаҕына" -  диэбит, ол иһин мин Байбал эбиппин. (Максим диэн - Баһылай Павлович. Кини аата кэлин уларыйбыт эбит.) Кыра эрдэхпинэ ийэм араас кумааҕыларын мунньар (бэйэтэ этэринэн, "Бүтээсийэлэрин" мунньар) суумка курдуктааҕа. Онтун олус харыстыыра. Ол онно икки-хас сурук курдук уонна мэтээл (бука, Сталин төбөлөөҕө) буолуо, киниттэн хаалбыт биир хаартыска бааллара. Госпитальга сытан түспүттэр. Ис тиибигэр ыалдьыбыт курдук ийэм кэпсиирэ, бука манна өлбүтэ буолуо. Борисов П.Н. 1943 сыл атырдьах ыйын 28 кунугэр госпитальга ыалдьан өлбүт. Молотов куорат эргэ кылабыыһатыгар көмүллүбүт. Борисов П.Н. оҕолоро Тылгыны дьоно-сэргэтэ ытыктыыр дьоно буола улааппыттара. Баьылай Павлович икки оҕоломмута, совхоз тутаах исписэлииһэ этэ. Софья Павловна түөрт оҕону улаатыннаран олох суолугар бигэтик үктэннэрбитэ. Оттон Павел Павлович, Тылгыны бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна, сэттэ оҕону улаатыннаран, үгүс сиэн истиҥ эһэтэ. Буойун Борисов П.Н. олоҕун ыччаттара салгыыллар, дьон-сэргэ кинини умнубат.

Годы службы: 1942 - 1943
Место рождения: Маҥаас, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Бүлүү
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ