Сэрии бэтэрээнэ

Илья Никитич Карамзин 1920 сыллаахха Уус-Алдан оройуонун Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт уон биир этилэр. Бу нэһилиэккэ оскуола диэн суоҕа. Үөрэниэн баҕалаахтар Чараҥайга уонна Томторго өйүөлээх сылдьан үөрэнэллэрэ. Элбэх оҕолоох ыал Ылдьааны кыайан үөрэттэрбэтэхтэрэ. Онон кини үөрэх сырдыга диэни билбэтэҥэ. Салайар дьоҕурдаах уолу холкуоска биригэдьииринэн анаабыттара.

Аҥа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар бастакы хомуурга икки бииргэ төрөөбүт убайдарын Тихону уонна Хабырыыһы ылбыттар. Сотору буолаат, кинилэр сэрии хонуутугар охтубут сурахтара кэлбитэ.

1942 сыллаахха Ылдьааҕа армияҕа ыҥырыллар бэбиэскэ тиийэн кэлбитэ. Ленинград фронугар тиийбитэ. Бастаан кинини 152 №-дээх саппааска сылдьар стрелковай полкаҥа ылбыттара. Онтон Ленинград оборонатыгар сэттэ ый устата ахсыс огнеметнай батальоҥҥа огнеметчиктаабыта.

Волховскай фроҥҥа атаакаҕа киирэн иһэн снаряд эстиитигэр түбэспитэ. Сиһигэр уонна атаҕар бааһырбыта. Ити 1944 сыл этэ. Ленинградка биэс ый устата госпиталга сытан эмтэммитэ. Эдэр киһи доруобуйата көнөн, иккистээн уоттаах сэриигэ эргиллибитэ. Ылдьаа бастакы Балтийскай флот муора пехотатыгар түбэспитэ. Кронштады ылыыга кыттыыны ылбыта.

Төһө да кыайыы буоллар 1946 сыл от ыйыгар диэри стрелогунан армияҥа сулууспалаабыта. Илья Никитич «Германияны кыайыы иһин», «Ленинград оборонатын иһин», о.д.а. мэтээллэринэн наҥараадаламмыта.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ