Годы жизни: 1924-

Софронова Елизавета Степановна 

 1924 сыллаахха Ι Малдьаҕар нэһилиэгэр «Өктөөп» учаастагар Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ – Иванова Екатерина Николаевна «Өктөөп суола» колхозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ, аҕата – Иванов Степан Андрианович дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстаҕас, сахалыы иитиилээх нуучча киһитэ этэ. 1941 сыллаахха сэрии кутаа уотугар ыҥырыллан барбыта, онно пулеметчигынан сылдьыбыта, Ленинград оборонатыгар Кировскай оройуон Вороновка дэриэбинэтигэр 1943 сыллаахха атырдьах ыйыгар бааһыран тыына быстыбыта. Кинилэр алта оҕолоох үлэһит ыал этилэр. Екатерина Николаевна алта оҕотун кытта тулаайах хаалар. Бу оҕолор атахтарыгар туралларыгар улахан кыыс Елизавета Степановна ийэтигэр улахан өйөбүл,  күүс-көмө буолбута. Кытаанах усулуобуйаҕа уон икки сааһыттан «Өктөөп суола» колхозка туһунан аҕыйах ынаҕы тутан ыанньыксытынан үлэлээн барбыта, ийэтигэр көмөлөһө сылдьыбыт буолан сүөһүгэ сыстаҕас, үтүө суобастаах этэ, мэлдьи былаанын толорон инники кирбиигэ сылдьыбыта. 1947 сыллаахха Софронов Михаил Андреевичтыын холбоһон туһунан ыал буолан «Үүнэр» учаастагар дьиэ туттан олохсуйбуттара. Кинилэр биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран ыал оҥортообуттара. Кэлин сиэннэрин көрсөн сүөһү-ас тутан олорбуттара. Михаил техникаҕа сыһыаннаах буолан бастаан трактористаан, онтон уот станциятыгар үлэлээбитэ, кэлин пенсияҕа тахсан баран кэргэнигэр көмөлөһөн бостуугунан үлэлээбитэ. Елизавета Степановна үлэлээбитин устата аҥаардас ыанньыксытынан үтүө суобастаахтык  үлэлээн, кэлин эдэр ыччаттарга холобур буолан старшайынан сылдьыбытын элбэх почетнай грамоталар, сыаналаах бэлэхтэр, махтал суруктар туоһулууллар. Сыралаах уонна таһаарыылаах үлэтин кэрэһилиир наҕараадалара: «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, «Коммунистическай үлэ бастыҥа», «Пятилетка бастыҥа» бэлиэлэр, «Үлэ ветерана» мэтээл. Пенсияҕа тахсан баран таах олорботоҕо, хойукка дылы сүөһү-ас тутан, оҕо-сиэн көрөн көмө-имэ буолара. Биһиги, Елизавета Степановна оҕолоро, сиэннэрэ, ыччаттара кини сырдык мөссүөнүн умнубаппыт, кининэн киэн туттабыт, куруутун үтүө холобур оҥостобут.

 

Место рождения: I Мальжегарский наслег Орджоникидзевского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ