Елисеева Акулина Степановна
- Годы жизни: 01.1928--1991
Елисеева Акулина Степановна
Биһиги ийэбит Елисеева Акулина Степановна 1928 сыллаахха тохсунньу саҥатыгар алта оҕолоох ыалга иккис оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата Степан Андрианович Иванов Өлүөхүмэ Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх, ийэтэ Екатерина Николаевна Горнайтан киирбит. Аҕата сэриигэ бастакы хомуурга баран, дьиэ ис-тас үлэтэ ийэбэр сүктэриллибит. Сэрии ыар кэмигэр Ким Кын Хо диэн кэриэйгэ оҕуруокка үлэлээбит. Күһүн бырааттарын-балтыларын аһатаары кууллаах хортуоппуйу сүгэн аҕалара дииллэрэ. 1946 сыллаахха Далгычыакка уон аҕыстаах кыыс эр дьону кытта тэҥҥэ мас тиэйиитигэр сылдьыбыт. Онно аҕабытын Елисеев Иваны көрсөн 1947 сыллаахха ыал буолбуттар. Сатаҕа бастаан кийиит буолан кэлэн паровой миэлиҥсэҕэ мас эрбээн хайытара, онтуҥ күҥҥэ түөрт-биэс саһаан буолар диирэ. Онтон Алексеев Семен Петровиһы кытта телеграф остуолбатын иинин хаспыттар. Онно Сэмэни икки-үс иининэн куотар үһү. «Коминтерн», онтон «Правда» холкуоска, кэлин «Булгунньахтаах» совхозка пенсияҕа тахсыар дылы үтүө суобастаахтык ыанньыксыттаабыта. Саха АССР Верховнай Сэбиэтин председателлэрэ Нартахова, Овчинникова илиилэриттэн ылбыт грамоталара, дипломнара ону туоһулууллар. Бастакы «артыковецтарга» наставниктаабыта. Ийэбит алта оҕо амарах ийэтэ. 1991 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Ийэбит туһунан дьон кэпсээнин ахтыаҕы баҕарыллар. Урут дьахталлар ыһыахха мас тардыһаллара үһү. Ийэбит Өкүлүү онно биир да дьахтарга иннин биэрбэтэх. Чепалов Гаврил Романович кэпсииринэн, Горнайтан биир дьахтар мас тардыһа кэлбит. Саталар ийэбин киллэрбиттэр. Ол дьахтар суп-суон уонна улахан үһү, кытара-кытара тарпыт да ийэм тиһэҕэр кыайыылаах тахсыбыт. «Куодар» диэн алааска аҕата сэриигэ барарыгар көтөхпүт тааһа баара. Кырдьаҕастар ол тааһы 9 буукка холууллара. «Ийэҥ ол тааһы үс мастаах күрүө уҥуор төкүнүппүтэ», - диэн Алексеев Сэмэн кэпсээбитэ.
Уола Елисеев Петр Иванович ахтыыта
- Место рождения: I Мальжегарский наслег Орджоникидзевского района ЯАССР
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY