Винокуров Дмитрий Афанасьевич
- Годы жизни: 10.02.1927- дата смерти неизве
Винокуров Дмитрий Афанасьевич
Биһиги аҕабыт Винокуров Дмитрий Афанасьевич 1927 сыллаахха олунньу ый 10 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас улууһун Ι Малдьаҕар нэһилиэгэр Дьобулҕаҕа төрөөбүт. Ийэтэ аҕабыт олох кыра эрдэҕинэ иккис оҕотун оҕолоноору өлбүт. Олох кыра сааһыттан тулаайах оҕону аймахтара Сергеевтэр Бөртө арыытыгар ылан илдьэ сылдьыбыттар. Онно хас да сыл сылдьыбыт, онтон иитэр аҕата өлөн дьонугар төттөрү кэлбит. Онтон ыла аймахтарыгар аҥаардаан аҕатынаан сылдьыбыттар. Аҕата Винокуров Афанасий Николаевич 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Барарыгар уолун быраатыгар Винокуров Василий Николаевичка хаалларан барбыт. Сэрии ыар сылларыгар 14-15 саастаах уол тыылга төһүү үлэһит буолар, сайынын от оттоон, кыһынын мас мастаан үлэ үөһүгэр сылдьар. Аҕата фроҥҥа тиийээт уоттаах сэриигэ киирэн Тверскай уобалас Глазури диэн дэриэбинэтин иһин кыргыһыыга сэрии толоонугар охтубута. Глазури дэриэбинэҕэ братскай могилаҕа көмүлүннэ диэн докумуон баар эбит, ол сүтэн, кэлин улаатан баран оскуолаҕа следопыттар кружоктарыгар сылдьан сиэнэ Винокуров Аркадий Дмитриевич ирдэһэн докумуон копиятын ыыппыттара. Аҕабыт 1945 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан барбыт. Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа. «Фронтовик 1941-1945г.г.» диэн знага баар. «50 лет Победы» мэтээл, А-0313111 нүөмэрдээх Жуков уонна да атын юбилейнай мэтээллэрдээх этэ. 1949 сыллаахха армияттан бүтэн төрөөбүт Дьобулҕатыгар кэлбит. Кэлээт да тулаайах оҕо өрүү-сынньана барбакка тута «Үүнэр ыччат» холкуоска сылгыһыттаабытынан барар. 1950 сыллаахха биһиги ийэбитин Сергеева Антонина Дмитриеваны көрсөн, сөбүлэһэн элбэх сүпсүлгэнэ суох иккиэн тулаайах дьон быһыытынан холбоһон ыал буолбуттар. 1952 сыллаахха бастакы кыыстаммыттар,онтон утуу-субуу биэс уол: кэлин өссө икки кыыс төрөөбүттэр. Аҕабыт өр кэмҥэ сылгыга үлэлээбит. Онтон биһиги өйдүүр буолуохпутуттан ыла наар фермаҕа иккиэн үлэлиир этилэр. Аҕам бостууктуура, ийэм ыанньыксыттыыра. Иккиэн наар бииргэ сылдьаллара. Ынахтар төрүүр бириэмэлэригэр саас наһаа хойут кэлэллэрэ, биһиги кэтэһэн аҕай биэрэр этибит. Аҕабыт наар «оҕолорум улааттахтарына өйдүөхтэрэ» диир буолара. Хаһан да, тугу да боппот, хаайбат этилэр. Оҕолор курдук хойукка дылы оонньуурбут, үҥкүүгэ, киинэҕэ хааччаҕа суох сылдьарбыт. Аҕам оҕолорум өйдүөхтэрэ, куһаҕаны-үчүгэйи араарыахтара диэн наар итэҕэйэр этэ. Оннук дьоллоох олоҕу олорбуттара биһиги дьоммут. Оҕолорун барыларын үөрэттэрэн, дьиэлээн-уоттаан, атахтарыгар туруоран, сиэннэрин бостууктаһан 46 сыл бииргэ олорон дьылҕа-хаан кытаанах ыйааҕынан арахсыбыттара. 1965 сылтан ыла коммунист партия чилиэнэ чиэһинэйдик, суобастаахтык бу сиргэ олорон ааспыта биһиги аҕабыт.
Уола Винокуров Аркадий Дмитриевич ахтыыта
- Место рождения: I Мальжегарский наслег Орджоникидзевского района ЯАССР
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY