Сироты войны

 
 
Годы жизни: 1932--1992

Ноева Евдокия Степановна 

1932 сыллаахха күһүн «Өктөөп суола» холкуоска төрөөбүт. Аҕата Иванов Степан Андрианович, ийэтэ Иванова Екатерина Павловна. Оскуолаҕа биир-икки сыл эрэ үөрэммит. Аҕата 1942 сыллаахха сэриигэ барыар диэри холкуоска суотчуттаабыт. Ийэлэрэ холкуос бастыҥ ыанньыксыта этэ. Евдокия – Ивановтар кыра кыыстара. Ийэтэ сүөһү үлэһитэ буолан кини эмиэ кыра эрдэҕиттэн сүөһү үлэтигэр эриллэн улааппыт. Сэрии кэмигэр бэйэтэ ыанньыксыттаан барбыт, Өктөөпкө. Аҕалара сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх. Алта оҕо тулаайах хаалбыттар. Онон эрдэттэн бары үөлээннээхтэрин курдук үлэҕэ эриллэн дьон буолбуттар. 1952 сыллаахха Бэчиэкэн уолугар Ноев Дмитрий Федотовичка кэргэн тахсан сэттэ оҕону төрөппүт. Бу оҕолортон үстэрэ эдэр саастарыгар олохтон туораабыттар. Кэргэнэ 1967 сыллаахха өлбүтүн кэннэ 1970 сыллаахха Булгунньахтаахха көһөн тахсыбыттар. Онтон ыла «Булгунньахтаах» совхоз «Сата» отделениетыгар үтүө суобастаахтык ыанньыксыттаабыт, ньирэй көрбүт. Күүстээх-уохтаах, кыайыгас, ыраас тутуулаах үлэһит этэ. Үүтү ыаһын ымпыгын-чымпыгын билэрэ, сүөһүнү көрүү маастара, көрөр сүөһүтэ эмис-тот, төрөлкөй буолара. Евдокия Степановна  ыарахан ыарыыга ылларан эдэрчи сааһыгар 1992 сыллаахха олохтон барбыта. Билигин элбэх сиэннээх, хос сиэннэрдээх.

                                       Молгарова Полина Семеновна ахтыыта

 

Место рождения: I Мальжегарский наслег Орджоникидзевского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ