Сироты войны

 
 
Годы жизни: 10.1941--18.05.2013

Степанова Пелагея Михайловна 

 

Мин ийэм Степанова Пелагея Михайловна 1941 сыл алтынньы ыйыгар Орджоникидзевскай оройуон Тойон Арыытыгар төрөөбүтэ. Ийэтэ Слепцова Татьяна Васильевна. Аҕата Степанов Михаил Афанасьевич 1942 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр барбыт уонна эргиллибэтэх. Онон сураҕа суох сүппүттэр ахсааннарыгар киирэ сылдьар. Ийэбит кыратыттан эбэлээх эһэтигэр иитиллэр. Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирэр. Техникуму бүтэрэн баран «Правда» колхозка зоотехнигынан үлэтин саҕалыыр. Тойон Арыыга олорон Павлов Давид Алексеевичка 1964 сыллаахха кэргэн тахсар. 1965 сыллаахха миигин, 1967 сыллаахха Мишаны төрөтөллөр. Онтон 1973 сыллаахха Булгунньахтаахха көһөн тахсаллар. Дьиэ-уот  тутталлар. Аҕабыт Булгунньахтаах кулуубугар киномеханигынан үлэлиир, ийэбит «Булгунньахтаах» совхозка зоотехниктыыр. Аҕабыт кэлин Булгунньахтаах орто оскуолатыгар завхоһунан, онтон страховой агенынан үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсан баран сүөһү-сылгы ииппиттэрэ. Эмис Соболоох алааска сайылыктаналлар этэ. Саас аайы онно көһөн тахсан сүөһүлэрин төлөһүтэн, сир астаан, бултаан-балыктаан олорбуттара. Онтон аҕабыт 2000 сыллаахха эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ. Ийэбит кини кэнниттэн 13 сыл буолан баран 2013 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта. Билигин кинилэр түөрт сиэннээхтэр, түөрт хос сиэннээхтэр.

                                      

 Уола Павлов Владимир Давыдович ахтыыта

Место рождения: Тойон Арыы Орджоникидзевского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ