Сталинград иһин кыргыһыы хорсун саллаата Васильев Илларион Петрович

Биһиги эһээбит, Васильев Илларион Петрович, 1918 с. II Үөдүгэй нэһилиэгэр Үөһээ-Бүлүү улууһугар сэниэ бааһынай ыалыгар күн сирин көрбүт. Кинилэр Советскай былаас иннигэр да, кэннигэр да 20 улахан сүөһүлээх, оттоон-мастаан, бултаан-алтаан, оҕуруот ыһан, бэйэлэрэ сылайары билбэт туруу үлэһит дьон буолан, кыахтаахтык олорбуттар. 1940 с. эһээм Кэнтик нэһилиэгиттэн Шарапова Александра Спиридоновна диэн 1920 с. төрүөх кыыһы кэргэн ылан ыал буолбуттар. 1941 сыллаахха биһиги, алта оҕо ийэбит, Васильева (Петрова) Клара Илларионовна төрүүр. Кини бу ыал соҕотох оҕото, сэрии тулаайаҕа этэ. Бу ахтыыны эбээм уонна ийэм сырдык кэриэстэригэр аныыбын.

Эбээлээх ийэм «кини сэрииттэн тыыннаах ордубута буоллар, олох атыннык олоруо этибит» диэн эһээм туһунан этэллэрин кыра эрдэхпиттэн наар истэр буоларым уонна ону билигин, сааһыран да баран, сэрииттэн эргиллибэтэх эһээбин өйдүү-саныы сылдьабын. 9 маай бырааһынньыгар, параат кэнниттэн, ийэм хайдах эрэ чуумпуран, сөнөн хаалара, ытамньыйан да ылара. Ол курдук күүстээх эбит кини ааспат ахтылҕана.

Эбээм кэпсээннэринэн: эһээм туох да үлэни тулуппакка үлэлиир эбит, «эр киьи эрээри оннооҕор иһити сууйсар этэ», - диэн күлээччи. Оһоҕостоох сырыттаҕына, эһээм үөрэ-көтө этэрэ үһү: «Уол буолара буоллар, булка үөрэтиэм, бэйэбин кытта илдьэ сылдьыам этэ». Онтон оҕото кыыс буолбутугар: «Син биир ытарга үөрэтиэҕим, кустаһыа, куобахтаһыа», - диирэ үһү. Кинилэр кылгас да кэмҥэ наһаа иллээхтик олорбуттарын, сэрии ааҥнаабатаҕа буоллар элбэх оҕолонон, саха дьоһун ыалын сиэринэн сүөһү ииттэн, дьиэ туттан ыраатыа эбиттэрин туһунан эбээм тыыннааҕар өрүү этэр буолара.

Ийэм биир саастааҕар аҕата сэриигэ барар, онон «үһүйээн курдук эбээбиттэн, эһээбиттэн эрэ истэн билэбин»,- диирэ. Оҕонньордоох икки уоллара Дарбыан уонна Дьэкиим сэриигэ барбыттар. Икки уоллаттара иккиэн сэрии толоонугар охтубуттарын туһунан хара сурук тутан баран, хос эһээм абаккатыттан, абытай аһыытыттан, киһи дьулайа күүрүөр диэри саҥа таһааран ытаабыта диэн аймаһыйа кэпсиирэ ийэм уонна онно наһаа куттаммытын, эһээтин кытта бииргэ ытаспытын туһунан хойукка диэри ахтара. Дарбыан, биһиги эһээбит, Сталинграды көмүскүүр сэрии улуу кыргыһыытыгар сырдык тыынын былдьаппыта. Дьэкиим элбэх Саха буойуттара төбөлөрүн уурбут Ильмен күөлүн уоттаах кыргыһыытыгар охтубута.

Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, норуот үөрэҕириитин туйгуна Быччаева Варвара Афанасьевна миэхэ кэпсээбитинэн,  кини кэргэнэ Омукчанов Илларион Леонтьевич сэрииттэн 1945 с. күһүн эргиллэн кэлбит. Хас биирдии дэриэбинэҕэ саллаат уоттаах сэрииттэн төннүүтэ кини эрэ дьонугар буолбакка, нэһилиэк туох баар ыалыгар барытыгар үөрүү аргыстаах үтүө сонун буолбут. «Омукчанов Дарбыан кэлбит», - диэн сурах иһиллибитигэр, ийэм, оччолорго биэс саастаах кыыс, аҕатын аатыгар майгынната истэн, Дарбыаны арахпакка батыһа сылдьар эбит, оҕонньордооххо кэллэҕинэ «барыма да, барыма!» диэн ааттаһара үһү. Бу Омукчанов Дарбыан Үөһээ Бүлүү детдомугар учууталынан, директорынан үлэлээбит. Үөһээ Бүлүү дьонугар убаастанар уонна ытыктанар киһи этэ. Ийэм, аҕатын сураҕа суох сүппүт диэн билэр да буоллар, наар тугу эрэ истэ-билэ сатыыр, кэтэһэр дуу курдук этэ, сүтүктээх киһи хайаахтыай.

1988 сыллаахха, мин ыал буолан туспа олорор этим, ийэм миэхэ киирэн кэлбитэ уонна Үөһээ-Бүлүү оройуонун «Эдэр коммунист» хаһыатын олунньу 7 күнүнээҕи нүөмэрин ууммута. Онно эһэбитин кытта сэриигэ бииргэ сылдьыбыт Ньурба олохтооҕун ахтыытын Г.И. Васильев, оччолорго Ленинскэй оройуон Марха орто оскуолатын Албан аат музейын сэбиэдиссэйэ, таһаартарбытын көрдөрбүтэ. «Аҕабын кытта сэриигэ сылдьыбыттартан тыыннаах ордубут киһи баар эбит, суруйуохха», - диэбитэ. Ол Ньурба олохтооҕун, Иннокентий Дмитриевич Алексеевтыын, биһиги икки - үс сыл устата суруйсубуппут, кини Хатыы бөһүөлэгэр олорор этэ.

Историк, педагогическай наука  кандидата, Үөһээ Бүлүү республиканскай гимназиятын учууталынан үлэлээбит Н.И. Васильев суруйбутунан, сэрии саҕаланыаҕыттан биир сыл буолан баран Үөһээ Бүлүү улууһуттан 700 киһи армияҕа ыҥырыллан барбыт. Бу бүтүн дойду үрдүнэн алдьархайдаах иэдээн ааннаан турдаҕына, сэрэтиитэ суох фашист халабырдьыттара саба түһэн, сэбиэскэй дьоҥҥо-сэргэҕэ сэрии маннайгы күннэригэр хотторуулаах, санаа түһүүлээх ыар кэмнэрэ этэ. Биир алаастан ырааппатах, эдэркээн сахалар, Биһиги эһэбит 24 саастаах эбит, аатырар Сталинград куораты көмүскүүр уот кутаа ортотугар түбэһээхтээбиттэр. Ити кэмнэ Гитлер Сталинграды ыллыбыт диэн аан дойдуга биллэрэр. Ол кэминээҕи туох баар сэрии сэбин-сэбиргэлин бары көрүннэринэн сэбилэммит фашист мунур күүһүн-күдэҕин түмпүт, Гитлер биир аатырар урдьуһун Паулюс 6-с армиятын утары В.И. Чуйков 62-с армиятын 193 стрелковай дивизия буойуна буолан биһиги эһээбит кырыктаах өстөөхтөрү кытта хорсуннук сэриилэһэр.

Мантан аллара биһиги эһээбит бу күн сиригэр төрөөн, аҕыйах сыл олорбут кэмин бүтэһик күннэригэр бииргэ сылдьыбыт, сэрии толоонугар бойобуой доҕоро буолбут Иннокентий Дмитриевич Алексеев ахтыытыттан быһа тардан киллэрэбин. Бу ыстатыйа 1988 сыллаахха муус устар 4 күнүнээҕи Үөһээ-Бүлүү оройуонун «Коммунизм сарданата» хаһыатын «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» рубрикатыгар «Буойун суолун сонордоон» диэн ааттаах тахсыбыта:

«Биһиги Илларион Петровичтыын сэриигэ бииргэ аттаммыппыт. Байыаннай чаастарга үллэриигэ биһиги бииргэ түбэспиппит. Ньурбаттан үһүө этибит. Үөһээ Бүлүүттэн Илларион баара. Онон түөрт буолан, биир ротаҕа, взводка отделенияҕа түбэсиһэн, бырааттыы курдук сылдьыбыппыт. От ыйын устата үөрэнэн туох да сэмэни ылбакка, командирдарга сөбүлэтэн, бэркэ сылдьыбыппыт. Биһиги ротаҕа Илларион уонна

Ленинскэйтэн сылдьар Петр Павлов үчүгэй ытааччыларынан, снайпердарынан биллибиттэрэ. Биһиги чааспыт атын роталарыгар сахалар элбэх этибит. Үөһээ Бүлүүттэн 6-7 роталарга Чуллургасов Акыым уонна Руфов Балдьыыкаан диэн дьоннор бааллара. Итилэри куруутун көрсөн кэпсэтэр этибит. Сураҕын иһиттэхпинэ ити икки киһи кээлтэр дииллэр. Биһиги дойдубутуттан сурук кэтэһэр этибит да, биир да суругу туппатахпыт.

Сайын устата ити чааспытыгар үөрэнэн баран, балаҕан ыйын 20-21 күннэригэр фроҥҥа барбыппыт, Сталинград куоракка 22-23 күннэргэ тиийбиппит. Түүн Сталинград куорат аннынан Волга өрүс ортотугар пантонунан киирдибит. Айаннаан истэхпитинэ үрдүбүтүнэн, кэннибитинэн, ойоҕоспутунан снарядынан ытыалаатылар. Ити ытыалааһыҥҥа биһиги ротабыт кыра аҥара өлбүтэ, сорохтор бааһырбыттара. Биһиги өрүһү туорааһыҥҥа бэһиэн тыыннаах этибит. Итинтэн сэрии уотун ортотунан айаннаан барбыппыт.

Көһө сылдьар куорат олохтоохторо немецтэр куоракка киирбиттэрэ 2 суукка буолбутун кэпсээбиттэрэ. Түүн утуйа сыттахтарына киирэн сэрии уотун өстөөхтөр аспыттар.

Биһиги куорат аннынан өрүс биэрэгэр сыттыбыт. Куораттан түһэр биэрэк суолун дабааныгар уөһэ чабырҕайга немецтэр пулеметунан ытыалаан суолу туораппакка элбэх киһини өлөрбүттэрэ, бааһырдыбыттара. Ити суолу быһа сыылла сылдьан траншея хаһан иккис-үһүс түүммүтүгэр бүтэрбиппит. Өстөөх пулеметун устарга, кэтииргэ рота командира икки снайперы уонна миигин сорудахтаабыта. Биһиги үс буолан чабырхай сарайыгар сыыры сиирэ окуопа оҥостубуппут. Васильев Илларион, мин уонна Павлов Петр буолан траншея хаһарбытын көрөн, өстөөхтөр уоту астылар. Ону кэтээн олорон, ойоҕолуу соҕус Илларион уонна Павловтыын мин, эмиэ ытыалаатыбыт. Ити ытыалаан пулеметчигы өлөрдүбүт. Итиннэ рота командира биһиэхэ тылынан махтал биэрбитэ. Ити түүн командирбыт өстөөх буулдьатыттан өлбүтэ. Күнүс табаарыспыт Ньурба киһитэ, Антонов

Егор диэн учуутал, төбөтүн хампы ыттарбыта. Киэһэ кимэн киирсиигэ Илларион Петрович гранатанан таптаран дьабадьытын чугаһыгар 2-3 см уһуннаах араанньыны ылбыта. Ону бэрэбээскилээбитэ, сэрии уотуттан тахсыбатаҕа. Мин балаҕан ыйын 30 күнүгэр түүн ити миэстэҕэ өттүкпэр араанньы буолбутум уонна сэрии хонуутуттан тахсыбытым. Мин тахсыахпар диэри доҕотторум үһүөн өлүөр хаалтара. Ити кэмтэн ыла доҕотторбун көрсүбэтэҕим...

Дойдубар эргиллэн иһэн Үөһээ Бүлүүгэ сельсовет дьиэтигэр хонон ааспытым. Онно Илларион аҕатыгар, маҥан баттахтаах оҕонньорго, барытын сиһилии кэпсээбитим. Ити 1943 с. муус устарга этэ. Бүөтүр оҕонньор уола өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин курдук эппитэ».

Дьэ, ити курдук, эһээбитин тиһэх көрбүт киһи кэпсээнэ. Ийэм барахсан, төһө да сүтүктээҕин, ааспат-арахпат аһыы санаалааҕын иһин, бэйэтэ этэринии, кыратык да буоллар кини аҕатын сэриигэ илэ хараҕынан көрбүт киһи кэпсээниттэн «дууһам уоскуйда»,- диэбитэ.

Биһиги дьиэ-кэргэн күндү киһибит Илларион Петрович Васильев, баара-суоҕа 24 саастааҕар сэрии толоонугар охтубут, эбээм тапталлаах кэргэнин, ийэм сааһын тухары ахтар-саныыр аҕатын, биһиги, кини алта сиэнэ уонна элбэх хос сиэннэрэ, хаһан да көрбөтөх гынан баран өйбүтүгэр- санаабытыгар өрүү баар эһээбит үтүө аатын, хорсун буойун олоҕун тиһэх күннэрин дьонугар-сэргэтигэр биллэрбиттэргэ Г.С. Васильевка уонна И.Д. Алексеевка барыбыт аатыттан муҥура суох махталбытын этэбит.

Биьиги дойдубутугар 2011 сыллаахха «Бессмертный полк» диэн ааттанан 1941-1945 сыллардаах А5а дойдуну комускуур Улуу сэрии саллааттарын ытыктаан уонна уйэтитэн буойуттар мэтириэттэрин өрө тутан сыдьааннара параадтаан хаамыылара тэриллибитэ саамай сөптөөх, хай5аллаах дьыала. Бу кэнэ5эски ыччат төрүтүн, «кимтэн кииннээ5ин хантан хааннаа5ын», билэригэр, дойдутун, норуотун историятын кытта ситимнээхтик улаатарыгар, үөрэнэригэр-сайдарыгар оруола сүҥкэн буолара саарба5а суох.

Биьиги муҥура суох үөрүүбүтүгэр уонна киэн туттуубутугар эһээбит, Васильев Илларион Петрович, 2016 сыл Москва5а 9 маайыгар «Бессмерный полк» параадыгар кыттыыны ылбыта.

Бииргэ төрөөбут балтым Петрова Любовь Ермаковна бастакы о5отугар ийэбит Клара аатын биэрбитэ. Онон эһээбит сөбүлээн, талан ылан, о5отун ааттаабыт аата салгыы хос сиэнин аата буолбута. Варламова (Пахомова) Клара Г авриловна кэргэнинээн, Ким Михайлович Варламовтыын, Америка5а көтөн иһэн Москва5а тохтоон, номох буолбут Кыайыы параадын көрөрдүү быһаарыммыттар. Кыһыл болуоссакка тиийиилэригэр оруобуна «Бессмертный полк» саҥардыы киирэн эрэр үһү. Клара хос эһээтин хаартыскатын телефонугар ватсабынан ыыттара охсон, болуоссат аттыгар киоскаларга бэчээттэтэн таһааттаран, муора курдук иннитэ-кэннитэ кестүбэт элбэх парад кыттыылаахтаарын быыһыгар киирэн кэргэнинээн барса турбуттар. Ол күн дойдубут тэбэр сүрэ5иттэн ыраах Саха сирин Үөһээ-Бүлүү оройуонуттан Васильев Илларион Петрович диэн саха эдэркээн уола Ийэ дойдутун көмүскүүр Улуу сэриигэ Сталинград куорат иһин кыргыһыыга оло5ун толук уурбутун туһунан «Россия 1», «Россия 24», «НВК САХА» каналларга кэпсээбиттэрэ. Ити курдук: о5олор, сиэннэр, хос сиэннэр өйдүүллэрин тухары, кэлэр кэнэ5эски ыччат хорсун буойуттарынан киэн туттуо, оло5ор холобур оностуо.

«Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат».

Үөһээ-Бүлүү с. - Дьокуускай к. Муус устар 20 к.

Васильев Илларион Петрович сиэннэрэ Ефимовтар, Кривошапкиннар, Петровтар; хос (хос) сиэннэрэ Ефимовтар, Егоровтар, Варламовтар, Жондоровтар, Ивановтар, Петровтар.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ