Степанов Гаврил Анисимович (1896 - 1957 сс.), Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин "Жданов" аатынан холкуоһугар сэрии сылларыгар бэриниилээхтик үлэлээн, 1948 сыллаахха "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар Килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Гаврил Анисимович холкуос биир бастыҥ ууһа эбит. Гаврил Анисимовиһы дойдутун дьоно-сэргэтэ умнубаттар.