Годы жизни: 1989 - 1964

Мин аҕам Иванов Никифор Иванович 1898 сыллаахха Ленинскэй оройуоҥҥа (Ньурба улууһа) I Бордоҥ нэһилиэгэр Маалыкай сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини улаатарыгар Сэбиэскэй былаас олохтонон, холкуостар тэриллэн барбыттара. Урут Бордоҥ нэһилиэгэ икки нэһилиэктэн турара – Кукаакы уонна Бордоҥ. Бу нэһилиэктэргэ дьоҕус-дьоҕус холкуостар тэриллибиттэрэ. Уопсайа 11 холкуос баара үһү. Мин аҕам Бордоҥ нэһилиэгэр Маалыкайга тэриллибит  “Инники этэрээт” (“Передовой отряд”) диэн холкуоска үлэлии киирбит. Кини сүөһүнү көрүү үлэтиттэн саҕалаан, ынах ыан, субай сүөһү көрөн, уопсайынан араас үлэҕэ барытыгар сылдьан баран, кэнники наар ыанньыксыттаабыт. Ол курдук, 1941 сыллаахха сэрии буолбут ыар тыына сабардаабытыгар, кыанар-хотунар, эдэр-сэнэх өттө сэриигэ барбытыгар, аҕам үлэ саамай ыарахан өттүгэр сылдьыбыт. Ол курдук, ыанньыксыттыырын быыһыгар окко, бурдук быһыытыгар сылдьыбыт. Кини эрэ буолуо дуо, сэриигэ барбатах дьон бары күүстэрэ баарынан үлэлээбиттэрэ. Аны бу сылларга кураан туран, аһыҥа ыһан кэбиһэн, улахан кыһалҕа буолбут. Бурдугу, оту сиэн баран, аны ойуурга тахсан хатын сэбирдэҕин, мутукчаны кэбийэн бүтэрэллэр эбит.

Ол дьыл хоргуйуу буолаары гынан арыый кыанар дьону Өлүөхүмэҕэ бурдук тиэйтэрэ ыыппыттар. Мин аҕам онно баран, сындалҕаннаахтык айаннаан бурдук тиэйэн кэлбит. Ол сыарҕаҕа тиэйиллэн кэлбит бурдук төһө бэйэлээх буолуой?! Хомуоһунан үллэстэн, убаҕас хааһы оҥостон сииллэр үһү. Онтон аны Кэмпэндээйиттэн атынан туус аҕала барбыт. Ол курдук сыарҕалаах атынан бурдук, туус тиэнэн аһаан олорор холкуостаахтарга син биир хоргуйан өлбүт дьон элбэхтэрэ. Ону Ойбон көлүйэтэ диэн сиргэ биир ииҥҥэ көмпүттэрэ диэн ийэм кэпсиирэ.

Аҕам ынах ыыырын таһынан өссө биир сүрүн үлэтинэн үүт эрийэн, арыылаан туттарыы этэ. Эриллибит үүтү улаханнык аччыктаабыт дьон ылаллар уонна ньирэйдэргэ иһэрдэллэрэ. Ньирэйдэрин өлөрбөт туһуттан.  Урукку ыанньыксыттар ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөрө, ынахтарын бэйэлэрэ хомуйаллара, уулаталлара, ноһуомнарын күрдьэн таһаараллара, отторун бэйэлэрэ тиэйэллэрэ. Ыанньыксыт биирдэ да олорон көрбөккө үлэлиирэ. Сүөһүтэ, ньирэйэ өллөҕүнэ, үлэлээбит “көлөһүн” күнүттэн туталлара. Сэрии бүппүтүн да кэннэ олох түргэнник көнөр суолунан барбатаҕа. Тыыннаах ордубут саллааттар кэлитэлээбиттэрэ, да аҕыйах киһи ол уоттаах сэрии толоонуттан тыыннаах төннүбүт этэ.

Аны 50-с сылларга эмиэ уот кураан турбут. От үүммэтэх, сүөһү аһа кырыымчык буолан, холкуос сүөһүлэрин тыыннаах хаалларар сыалтан, ыраах сирдэргэ “от сиэтэ” диэн үүрэн илдьии буолбут. Мин аҕам сүүсчэкэ сүөһүнү үүрэн 12 көстөөх сиргэ Маай учаастагар Эҥээрдэк диэн сиргэ тахсыбыта. Мин онно сокуолаҕа үөрэнэ илик этим. Убайдаах эдьиийим Ньурбаҕа үөрэнэллэрэ. Маалыкай оскуолата 7 кылаастаах этэ. Ийэм биһикки таайбытыгар Тимофеев Никита Никитичтаахха  дьуккаах кыстаабыппыт. Таайым Никита Никитич уоттаах сэрииттэн саҥардыы кэлбит этэ, ол иһин бааһырыытыттан ыарытыйара. Биэссэрдэр кэлэн бэрэбээскилээн, көрөн-истэн бараллара. Кини сэриигэ саперынан сылдьыбыт этэ. Ийэм кэпсиир этэ: “Таайыҥ сэриигэ тылланан барбыта. Уҥуоҕунан кыратын иһин ылбат буола сатаабыттарын күүһүнэн барбыта”, -- диэн.

Онтон ол сыл саас аҕам кэлбитэ, биир да сүөһүлэрин өлөрбөккө, үчүгэйдик кыстаппыт этэ. Аҕам кэлбитигэр биһиги Улгукта диэн ыраах сайылыкка көспүппүт. Мин аҕам Сталин төбөлөөх мэтээллээх этэ. Уонна Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин президиумун грамотата баарын өйдүүбүн. Ону биһиги наһаа элбэхтэ көһөр буоламмыт, сүтэрэн кэбиспиппит эбит.

Билигин саныыбын, аҕам туруу үлэһит, төрөөбүт нэһилиэгин, үлэлиир холкуоһун иһин дууһатынан ыалдьар, долгуйар, кыһаллар буолан үлэтигэр наһаа эппиэтинэстээх этэ, күүһүн-күлэҕин барытын аныыра. Мин аҕабын аһылык кэмигэр эрэ көрөөччүбүн, атын кэмҥэ мэлдьи үлэлээн тахсара. Дьиэҕэ сынньана сытарын, олорорун букатын өйдөөбөппүн. Маны таһынан кини биһиги, оҕолорун туһугар наһаа кыһаллара. Үөрэхтээх дьон буолан, хара үлэҕэ умса түспэккэ, чэпчэкитик олордуннар диэн кыһаллаахтаан, үлэлиир буоллаҕа. Мин киниттэн хаһан да “сылайдым-элэйдим” диирин истибэтэҕим.

Мин аҕам Никииппэр оҕонньор үлэ бөҕөнү үлэлээн, оҕолорун атахтарыгар туруоран баран, 66 сааһыгар, 1964 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Мин аҕам туһунан өйдөбүлүм мин сүрэхпэр сырдык кэриэс буолан сылдьар. Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт кэнчээри ыччаттарын туһугар утуйар ууларын умнан туран ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт тыыл бэтэрээннэригэр сүгүрэйбин.

Мантан аллараа сиэним хос эһээтин туһунан оскуолаҕа суруйбут өйтөн суруйуутун аҕалабын. Мин сиэммэр эһэлэрин, эбэлэрин туһунан наар кэпсии сылдьабын. Сиэним мин кэпсээммиттэн тугу иҥэриммитин суруйбут этэ.

Татьяна Кузьмина, үлэ бэтэрээнэ, “Сэрии сылларын оҕото”

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ