Сивцев Алексей Иванович III
Тыылга үлэнэн кыайыыны уһансыбыттара
Аҕам Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана Сивцев Алексей Иванович III сэрии ыар сылларын, убайынаан тыылга хорсун үлэлэрин, оонньоммотох оҕо саастарын туһунан маннык суруйан хаалларбыта: «Биһиги сэрии кэминээҕи оҕолор оҕо сааспытын билбэтэхпит. Маны этэн эрдэхтэрэ оонньоммотох оҕо саас диэн... 1941 сыллаахха аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт сылыгар бииргэ төрөөбүт убайым Алексей Иванович Сивцев II Дүпсүн сэттэ кылаастаах оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрбитэ. Сэриини кытта тэҥҥэ үүрэр сут сатыылаабыта. Алаастар ардах түспэккэ, аһыҥа олус күүскэ үөскээн, хара буорунан көрөн кэбиспиттэрэ. Сэрии уонна сут буолан, убайым үөрэҕиттэн тохтообута. Убайым кыра эрдэҕиттэн олус кыанара, сымса этэ. Кини турникка көлүөһэлии эргийиигэ тохтообокко икки сүүстэн тахсаны эргийэрэ. Бэйэтин саастыылаахтарын тулуппат этэ. Убайым ийэбитин Сивцева Мария Васильевналыын, Сивцев Лев Григорьевич, кини кэргэнэ Сивцева Анисия Дмитриевна, кыыһа Сивцева Мария Львовна, ыанньыксыт Васильева Анастасия Семеновна, Федорова Дария Ивановна, Алексеев Иннокентий Петрович, Дорофеева А.М. уо.д.а. кытта Кэбээйи оройуонугар оттоһо барсыбыта. Төһө да сааһа кыра буоллар, холкуоска төһүү үлэһит буолбута. Хайа да эр дьонтон хаалсыбакка, кыайыылаах үлэһитинэн ааттаабыттара, «Карл Маркс» холкуос сүөһүтүн көрсүспүтэ. 1942 сыллаахха Нам Арбынынан, Көбөкөнүнэн көһөн холкуос ыанар ынаҕын уонна кыһын тохсунньу кэнниттэн туттарыллыахтаах субан сүөһүнү биири да энчирэппэккэ көрбүттэрэ, тэҥҥэ үлэ ыараханын үлэлэспитэ, сэрии бастакы сылларыгар көсүһэн сүөһү көрсүбүтэ. Сайынын от оттоһоро, кыһынын холкуос араас үлэтигэр сылдьара, дьоҥҥо кыайтарбатах ыарахан үлэлэр киниэхэ сүктэриллэллэрэ. Ол курдук 1943 сылга дылы аны Нам Арбыныгар көһөн кэлэн кыстаабыттара. 1944 сыллаахха олус өҥ дьыл буолбута. Сиэмэ да олус бэркэ үүммүтэ. Оту этэ да барбаккын, бугул тэллэҕиттэн бугул тэллэҕэ баттаһа олороро. Бу кэмҥэ убайым косилканан оту оҕустарар үлэһит буолбута, кыһаллан-мүһэллэн үлэлээбитэ. Түүннэри-күнүстэри симиэнэнэн оҕустаран, үс сууккаҕа оҕустарбыт ото 24 гааттан ордук этэ. Ол аата суукка аайы аҕыстыы гааттан ордугу оҕустарар эбит. Бээди биригээдэтигэр косилканан оҕустарар, алаастарынан Бээди, Сайылык халдьаайыта, Арыылаах, Майан Аартыга, Мандыйа, Соҕуруу Луку куулата буолаллара. Ити сылга биир гааттан ортотунан 2,5 тонна оту ылбыттара. Улуу кыайыы сылыгар нуормаларын аһара толорбуттары кыайыыны уһансыыга улахан кылааты киллэрбит дьонунан ааттаабыттара. Биир саамай бастыҥ үлэһитинэн убайым буолбута. 1943 сыллаахха-367 үлэ күнүн, 1944 сыллаахха -426 үлэ күнүн, 1945 сыллаахха түөрт ый түмүгүнэн 187 үлэ күнүн аахсан, дьиссипилиинэтэ туйгун диэн характеристикалаабыттара. Сэрии кэмигэр тыылга улахан дьону кытта туох баар ыарахан үлэҕэ үлэлээн, оччолорго соҕотох оҕолортон 1946 сыллаахха «1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Мин оччолорго үһүс кылааһы бүтэрбитим. Ол сыл «Карл Маркс» холкуоска Хон Василий диэн корей киһи оҕуруот биригээдэтин салайааччытынан, биригэдьииринэн кэлбитэ. Үгүс оҕолор кини биригээдэтигэр күргүөмүнэн үлэлии кэлбиппит, биригээдэ үлэһиттэрэ барыта оҕолор уонна аҕыйах дьахталлар этилэр. Сарсыарда эрдэ хортуоппуй олордорбут, турнепс, сүбүөкүлэ, моркуоп ыһарбыт. Түүннэри оҕуһунан күөлтэн уу баһарбыт, ыспыт үүнээйибитигэр уу кутарбыт, сыыһын ыраастыырбыт, хортуоппуйбутун көмөрбүт. Сарсыарда кылгастык утуйан ыларбыт. Күн ортотуттан атын үлэбит салҕанара. Ардах түспэккэ, умайар уот күннэр сатыылыыллара. Сыһыы иһэ барыта үллэҥнэс аһыҥка буолара. Этэрбэспит айаҕынан аһыҥа бөҕө кутуллара. Бурдук ыспыт бааһынабытын төгүрүччү аһыҥа түһэн, түһэн өлөр ханаабатын дьахталлар уонна биһиги, оҕолор, хаһарбыт. Маны таһынан улахан дьону кытта сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри оҕус сиэтиитэ, бугул түгэҕин харбааһын, ыанньыксыттарга ньирэй этэриитэ, тымтык тутуута, сиэмэ куолаһын ичигэстээн туттарыы, сиэмэ отун түүтэхтии баайыыга көмөлөһүү, хортуоска хостооһуна... Оскуолаҕа үөрэммит уонна усулуобуйа суоҕунан үөрэммэтэх сылларбытыгар күн тиит баһыгар саҥа тахсан эрдэҕинэ үлэҕэ киирэрбит, киэһэ күн киирбитин кэннэ үлэттэн тахсарбыт. Ол курдук оонньоммотох оҕо сааспытыгар күн аайы кыайыыны уһансарбыт».
Ньургуйаана Алексеевна Сивцева, И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын директоры үөрэх-методическай чааһыгар солбуйааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна
- Место рождения: Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэ
- Боевые награды: «1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY