Алексей Иванович Сивцев II
Абаҕам Алексей Иванович Сивцев II 1946 сылтан ыла 1952 сыл бүтүөр дылы алтынньы ый бүтүүтүттэн ыла суол алдьаныар дылы 6 сыл устата Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар хорсуннук үлэлээбитэ. 1950-1960 сс. диэри Бээди киэҥ-куоҥ алаастарыгар алта оҕуска от кэбиһээччинэн сылдьыбыта. Үлэтин түмүгүнэн оройуон бастыҥ кэбиһээччитин аатын ылан, Өрөспүүбүлүкэ Бочуотун дуоскатыгар киллэриллибитэ. 1965 с. кулун тутар 7 күнүгэр Коммунистическай үлэ удаарынньыгын аатын ылбыта. Тутууга үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, кулууп, оскуола, дьааһыла барыта кини тутуспут дьиэлэрэ. 1970 с. муус устар 5 күнүгэр В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйгэ «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сайынын субай сүөһүгэ бостуугунан, кыһынын от нуормалааччынан уонна биригээдэ тутуутугар, араас үлэлэргэ күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Үс төгүл Уус-Алдан оройуонугар Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолбута. Улууһугар кэккэ сылларга сүөһүнү төлөһүтүүгэ (ыйааһынынан, этин хаачыстыбатынан) кыайыылааҕынан тахсыбыта. Эти дэлэтиигэ үлэтин иһин партия уонна правительство 1971 сыл ахсынньы 23 күнүгэр «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадалаабыта. Кини үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин Москваҕа Тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан «Быыстапка кыайыылааҕа» бэлиэнэн, ол кэнниттэн Кавказка сынньанар путевканан наҕараадаланан икки ый сынньанан кэлбитэ. Үлэтин көрдөрүүтэ үрдүгүнэн X, XI биэс сыллаах былааннар «Удаарынньыгын ааттарын» иҥэрбиттэрэ. Аҕам Алексей Иванович Сивцев III туһунан кэпсээтэххэ олус элбэх буоллаҕа... Кылгастык суруйдахха, кини 47 cыл устата тыһыынчанан эдэр ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ дьаныардаахтык уонна айымньылаахтык үлэлээбит, Уус-Алдан улууһун норуотун үөрэҕириитэ сүһүөҕэр туруутугар акылаат уурсубут Ытык Учуутал буоларын киэн тутта бэлиэтиибин. Аҕам саха тылын уонна литературатын учууталынан Мүрү орто оскуолатыгар, Өнөр сэттэ кылаастаах оскуолатыгар, Дүпсүн орто оскуолатыгар интернат иитээччинэн, саха тылын учууталынан, 20 сыл профсоюз салайааччытынан, туризм, «Дүпсүн кыымнара» литературнай куруһуок салайааччытынан, кэлин төрөөбүт дойдутун Бээди ситэтэ суох оскуолатын директорынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. «Знатная личность Дюпсюнского улуса Василий Петрович Попов и потомки рода Поповых» диэн кинигэтэ күн сирин көрбүтэ, Дүпсүн сирин, Дүпсүн оскуолатын историятын кинигэлэригэр, Павловтар, Васильевтар төрүт аймахтар төрүччүлэрин туһунан элбэх ахтыылары суруйбута. Төрөөбүт, иитиллибит тапталлаах Бээдитин туһунан муспут баай матырыйаалларынан кинигэ бэлэмнээбитэ. Аҕам Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учууталлара, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сивцевтэр педагогическай династия төрүттээччитэ.
Ити курдук ини-бии, убай-быраат Өлөксөйдөр Улуу Кыайыыны тыылга үлэнэн Кыайыыны уһансыбыттара, хорсун, айымньылаах үлэнэн эйэлээх, дьоллоох олоҕу тутуспуттара. Кинилэр тус олохторо, тулуурдара, дьулуурдара, үтүөҕэ тардыһыылара, каыйыылаах-хотуулаах үлэлэрэ, күүстээх санаалара, олоҕу таптыыллара чугас аймах дьонноругар, бары көлүөнэ үлэһит дьоҥҥо үтүө холобур буола турдун.
Ньургуйаана Алексеевна Сивцева, И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын директоры үөрэх-методическай чааһыгар солбуйааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна
- Боевые награды: «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, «Бочуот знага» уордьан
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY