Степанов Николай Иванович
- Годы жизни: 00.00.1912-22.05.2001
Степанов Николай Иванович (1912 г - 22.05.2001 г)
Биһиги аҕабыт, Степанов Николай Иванович, 1912 сыллаахха Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгин Мохулу түбэтигэр Сыҥынахтаах диэн сиргэ элбэх оҕолоох Ньылаах Уйбаан дьиэ кэргэнигэр бутэһик оҕонон төрөөбүтэ. Тиийиммэт-түгэммэт ыал оҕото буолан, биир - икки эрэ сыл үөрэммит, ааҕар-суруйар буолбут. Кыра эрдэҕиттэн араас үлэҕэ эриллибит. 1938 сыллаахха I-Малдьаҕарга, Тиит Ураһаҕа кыракый лааппы атыыһытынан буолбут.
Аҕам 1943 сыллаахха үлэ фронугар ыҥырыллан, Булуҥҥа балык булдугар сылтан ордук сылдьан кэлбитэ. 1944 сыллаахха II-с Малдьаҕар нэһилиэгин Сэбиэтин председателинэн талыллыбыта. Нэһилиэк оччолорго 250 – ча нэһилиэнньэлээҕэ. Биһигиттэн отучча киһи сэриигэ барбыта диэн кэпсиирэ.
1946 сылтан 1953 сылга диэри «Коминтерн» холкуос бырабылыанньатын председателинан үлэлээбитэ. Кини салайар кэмигэр хаһаайыстыбалары бөдөҥсүтүү ыытыллыбыта. «Коминтерн», Ленин аатынан, «Үүнүү күүһэ» , Чкалов аатынан холкуостар бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан холкуос буолбуттара. Хаһаайыстыба киинин ханна оҥорорго улахан мөккүөрдэр буолбуттара. Түмүгэр, аҕам этиитин ылынаннар, дэриэбинэ өрус үрдүгэр, Быһыттаах диэн сиргэ олоҕурар буолбута. Онон, Быһыттаах дэриэбинэтэ 1953 сыллаахха төрүттэммитэ.
1953 сыллаахха Маалыкайга көспүппүт. Аҕам бастаан наспоҕа, онтон народнай суукка үлэлээбитэ.
1957 сыллаахха кини Малдьа5ар нэһилиэгин Сэбиэтин исполкомун председателинан талыллан, төптөрү көһөн кэлбиппит. Ити дуоһунаска кини 1961 сылга дылы үлэлээбитэ. Онтон эт-үүт собуотугар 1973 сылга диэри үлэлээн баран, сынньалаҥҥа барбыта.
Аҕам ийэбитинээн – Екатерина Петровна Саввинаны кытта 50-тан тахса сыл иллээхтик – эйэлээхтик олорбуттара. Ийэбит эдэр сааһыгар дойдутугар - Ньурба Араҥастааҕар ыанньыксыттаан, сир хорутуутугар тиийэ холкуос туох баар үлэтигэр сылдьыбытын, пиэрбэй оскуола тутуутугар атынан мас тиэйэн киллэрэрин туһунан кэпсиирэ. Доруобуйата мөлтөөн түбүркүлүөстээбит. Кэлин эмтэнэн, харыстанан доруобуйата көнөн, 82 сааһыгар дылы тэтиэнэхтик сылдьан барбыта. Сахалыы кинигэлэри ааҕарын олус сөбүлүүрэ.
Аҕам ханна да үлэлээтэр бэйэтигэр аһары ирдэбиллээх киһи этэ. Айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун-алтыырын олус сөбүлүүрэ. Билиигэ-көрүүгэ, күүһэ тиийэринэн мэлдьи олох инники күөнүгэр сылдьарга дьулуһара.
Аҕам «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945», «За доблестный труд. В ознаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина», «Маршал Жуков» мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.
Ийэлээх аҕам, бары да Саха сирин олохтоохторун курдук, иэдээннээх сэрии сылларын ыарахаттарын керсубуттэрэ. Сэрии кэнниттэн дойдубут чөлүгэр түһэригэр үлэлээн – хамсаан кыттыспыттара.
Иллээх олоххо үктэнэн, сиэннэрин оҕолоһон, хос сиэннэригэр тиийэн орто дойдуттан утуу-субу барбыттара.
Уола Степанов Руслан Николаевич.
2021 сыл, Ньурба к.
- Место рождения: Якутская АССР с Мальжагар Нюрбинского улуса
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY