В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1870-
Воинское звание: нет

Бочкарев Дмитрий Сидорович  (1870с -) 

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун I Мөҥүрүөн нэһилиэгэр төрөөбүт,  стахановец, алгысчыт, отоһут.  Үөрэҕэ суох да буоллар, сүөһү төрүүрүгэр моһуогурдаҕына быыһыыр, оҕуһу аттыыр, бэйэтэ ветеринар курдук эбит. Сымнаҕас үтүө майгылааҕа, алаас ыалыгар барытыгар көмөлөһөрө. Наар ыҥырыыга сылдьар, оннооҕор  ыраах Төҥүлүгэ илдьэн сүөһүлэрин эмтэтэр эбиттэр.  Наталья Тимофеевна Ноговицыналыын биэс оҕоломмуттар: Анастасия, Роман I,  Михаил,  Роман II, Ольга. Аламаҕай айыы санаалаах ыал тулаайах хаалбыт оҕолору ииппиттэрэ, атахтарыгар туруорбуттара: Наталья Тимофеевна бииргэ төрөөбүт балтын кыыһын Марфаны,  быраата Тимофей икки оҕотун, Егору уонна Иринаны, ыаллыы олорбут Протодьяконовтар икки оҕолорун. Биэс уолун сэриигэ атаарбыт, Михаил уонна Егор сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ.

Годы службы: нет
Место рождения: Мегино-Кангаласский район I Мегюрюнский наслег
Место призыва: нет
Место службы: нет
Боевые награды: Медаль «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-45гг»
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ