Павлова Варвара Ильинична
- Годы жизни: 00.11.1917-09.09.1989
Биһиги эбэбит Павлова Варвара Ильинична 1917 сыл сэтинньи ыйыгар Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгэр Ульяна, Илья Родионовтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Бөдүөл Ылдьаа –Илья Николаевич Родионов нэһилиэк бастакы комсомолеһа, коммуниһа этэ.
Эбэм аах бииргэ төрөөбүт иккиэлэр этэ. Быраата Албин диэн. Родионовтар Варвара кэнниттэн хас да оҕоломмуттар да, оҕо турбат эбит. Онуоха уол оҕо төрөөбүтүгэр абааһыттан куоттаран, боростуой аат биэрбэккэ, Албын диэн сүрэхтээбиттэр. Албин олус ыарыһах эбит, эдэр сааһыгар өлбүт.
Варвара Ильинична биир дойдулааҕар Павлов Афанасий Ефремовичка кэргэн тахсар. 1938 сыллаахха Тоня диэн кыыстаммыттара. Онтон сотору буолан баран, иккиһин Алла диэн кыыстаммыттара да, кыысчаан аҕата өссө сэриигэ барыан иннинэ ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.
Эһэбит Павлов Афанасий Ефремович Алтаҥҥа Сэбиэт сэкэрэтээринэн үлэлии олорон, Чурапчы военкоматыттан сэриигэ барар бэбиэскэ тутан, 1942 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыта.
Афанасий тапталлаах кэргэттэрин олус ахтара, ону кини суруктара туоһулууллар. Эбэм Балбаара кэргэнин суруктарын кичэйэн уура сылдьыбыта, биһиэхэ: “Эһэҕит суруктарын кэлин, бука диэн, быраҕымаарыҥ, уураарыҥ” ,- диир буолара. Эбэбит, хос эбэбит кэриэһин толорон, биһиги бу туохха да тэҥнэммэт күндү суруктары дьиэтээҕи архыыппытыгар кичэйэн уура сылдьабыт.
Билигин биһиэхэ эһэбит 64 суруга, 2 телеграммата, байыаннай чааһыттан кэлбит справка, бырааттара Петрдаах Дмитрий убайдарыгар ыыппыт бастакы телеграммалара хараллан сыталлар.
Эбэбит Балбаара кэргэниттэн сурук туттаҕына, сурук хаҥас өттүнээҕи муннугар хас чыыһылаҕа туппутун бэлиэтиир эбит. Холобур, Афанасий Ефремович 1942 сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр Челябинскай уобалас Чебаркуль куоратыттан ыыппыт суругун Варвара Ильинична эмиэ ити сыл алтынньы 10 күнүгэр туппут. Оттон уоттаах сэриигэ сылдьан, 1944 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр ыыппыт суругун ити сыл от ыйын 2 күнүгэр ылбыт.
Оттон эһэбит суругун үөһэ уҥа өттүгэр хаһыс суругу ыытан эрэрин бэлиэтиир эбит. Холобур, 1943 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыыппыт суруга 43-с сурук эбит.
Афанасий Ефремович дойдубар төннөн кэлиэм диэн бигэ эрэллээх этэ. Варвара эмиэ тапталлаах кэргэнин Кыайыы кынаттанан кэлиэ диэн эрэнэ кэтэһэрэ. Ол эрээри 1945 сыл олунньу 24 күнүгэр Германия Померания провинциятын Изингер диэн нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар кыргыһыы хонуутугар Афанасий сырдык тыына быстыбыта.
Колхозтаахтар хараҥаттан хараҥаҕа диэри харса суох Ийэ дойду туһугар, Кыайыы туһугар диэн өлөр-өлбөт бэтэрээ өттүнэн сылдьан күүстэрин харыстаабакка, биир да күн өрөөбөккө үлэлииллэрэ. Эр дьон үксэ сэриигэ баран, сүрүн үлэһиттэринэн дьахталлар, оҕолор уонна кырдьаҕастар буолаллара.
Эбэм олус кыайыгас-хотугас этэ, үйэтин тухары колхоз араас үлэтигэр миккиллибитэ,“Чапаев” колхоз биир чулуу үлэһитинэн биллэрэ. Ону хаһыат саһарбыт страницалара туоһулууллар: “Сэрии сылларыгар хаһан да буолбатах кураан сатыылаабыта. Аҕыйах оҕонньоттору кытта дьахталлар саамай ыарахан үлэни көрсүбүттэрэ. Ити ыарахан күннэргэ М.П.Стручкова, В.И.Павлова, А.С.Борисова уо.д.а. кыһыҥҥы хабараан тымныыларга эр дьоннортон да хоодуоттук үлэлииллэрэ. Кинилэр түүннэри-күннэри молотилканан бурдугу тохтоло суох астаталлара. Сменаҕа уоннуу тыһыынча түүтэҕи сыстараллара”./Смолин Х. Ол кытаанах сылларга// Ленинскэй знамя, 1985 с.
Сэрии кэнниттэн эйэлээх олоҕу тутууга эбэбит үгүс сыратын биэрбитэ. Фермаҕа, оҕуруокка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Кэлин эбээ Балбаара Өлөчөйгө, Бүтэйдээххэ оскуолаҕа повардаабыта. Онтон ийэбит Антонина Афанасьевна Бэдьимэҕэ учууталынан ананан кэлбитигэр, ийэтинээн Ылдьааналыын Тоняларын батыһан, Бэдьимэҕэ кэлэн олорбуттара. Ийэм манна кэлэн аҕабар Слепцов Василий Никифоровичка кэргэн тахсар, онон Бэдьимэҕэ олохсуйаллар.
Биһиги эбээ оҕолоро этибит. Ийэбит сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри оскуолаҕа сылдьара, аҕабыт хонуу биригэдьиирэ буолан, эмиэ киэһэтин эрэ көстөрө, онон биһигини кытта эбэбит бодьуустаһара.
Кини наһаа элбэх остуоруйаны, номохтору, үһүйээннэри билэрэ. Мин ордук үһүйээннэри истэрбин сөбүлүүрүм. Эбэбит олус асчыт, иистэнньэҥ этэ.
Варвара Ильинична Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тыылга таһаарыылаах үлэтин иһин “1941-1945 сс. үлэҕэ килбиэнин иһин” медалынан наҕараадаламмыта. Маны таһынан “Кыайыы 30 сыла”, “Кыайыы 40 сыла” юбилейнай медаллары ылбыта.
Тапталлаах эбэбит 1989 сыл бала5ан ыйын 9 күнүгэр ыарахан ыарыыттан эмискэ бу күн сириттэн күрэммитэ. Кини хос сиэннэрин көрөр баҕалаах этэ да, хомойуох иһин, ол баҕа санаата туолбатаҕа.
Лилия Расторгуева, Павлова В.И. сиэнэ.
- Место рождения: Алтан, Мегино-Кангаласский район
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY