Годы жизни: 13.03.1921-09.05.2011

Матрена Петровна Местникова 1921 с. «Коомунизм» колхоз «Нэлэгэр» сайылыгар Марина Спиридоновна уонна Петр Васильевич Местниковтар диэн туерт о5олоох колхозтаах бааьынай кэргэнигэр уьус о5онон кун сирин кербутэ. Олох кыра о5о сааьыттан улэ5э эриллэн улааппыта, дьонугар туохтан да иннэн-толлон турбакка кемелеьере. Курбуьах нэьилиэгэр Бартыьаан Дьегуерэп оскуола туттаран, о5о аймах  сырдыкка тардыьан уерэнэр дьолломмута. Матрена 9 сааьыгар маннайгы кылааска уерэнэ киирбитэ. Тердус кылааьы бутэрэр сылыгар ийэтэ елен, оскуолаттан тохтоон, кыра о5о сааьыттан улэ5э эриллибитэ.  «Куедуйбут» диэн артыалга сайынын сир хорутуутугар , от улэтигэр, сааьын икки о5уьунан сир тиэриитигэр улэлиирэ. Кэлин арыый улаатан баран, колхозка ыанньыксытынан улэлээбитэ. А5а дойду сэриитэ са5аланыан иннинэ дойдуга кураан сыллар буолбуттара.  Намынан, Кэбээйинэн кеьен оттуур кыьал5а буолбутугар онно  сулумах кыыс бастакынан сылдьара. Хайа да эр киьиттэн итэ5эс сылдьыбат, сурдээх кытыгырас, куустээх –уохтаах, толугурас, истимтиэ улэьит этэ. Кестен дьиэлэригэр теннеллеругэр,  суеьуну кеьеруугэ муус эстэн турда5ына  40-50 суеьу биирдэ киирэр,  4 киьи эрдэр уу сэбинэн туораталлара. Онно Матырыас биир эрдиини со5ото5ун эрдэрэ.

А5а дойдуну кемускуур улуу сэрии са5аланыытыгар бииргэ тереебут убайдарын- колхоз бэрэсэдээтэлинэн улэлии сылдьар Сэмэни, колхоз суоччутунан улэлиир Буетуру 1942 сыллаахха сэриигэ атаарбыта. Матырыас а5атынаан, бииргэ тереебут балта Елеенелуун уонна Сэмэн о5олорунаан –Болуодьалаах Ааныстыын  хаалбыттара. Сэрии ыар сылларыгар Матрена Петровна тыылга суту- сутур5аны аахсыбакка, сарсыарда эжрдэттэн киэьээ харанарыар диэри Кыайыы туьа диэн  туох баар кууьун-кудэ5ин, ейун –санаатын биэрэн улэлээбитэ. Сэрии кэмигэр аьыыр астара суох буолан кириэн уерэ отун сиэн олорбуттара. Эдэркээн кыыс  санныгар эр киьи улэтэ суктэриллибитэ: ол курдук кырдьа5ас о5онньоттору кытары о5уьунан-атынан Боро5онтон таьа5ас  тасыьара, саьаан тиэйсэрэ. Граф биэрэгиттэн иккилии аты бэйэтэ келуйэн, ыьыы сиэмэтин таьара. Оройуонтан таьа5ас таспыт кыьынны ыас харана тымныылара, томмут-хаппыт аччыктаабыт тууннэрэ, ыарахан кучумэ5эй куннэрэ хаьан да умнуллубаттык ейугэр хатанан хаалбыттара.

Сэрии кэнниттэн Матрена Петровна ер сылларга ыанньыксыттаабыта. Матрена Петровна сиргэ туспут сэрэбиэйинэн, окко туспут оноьуутунан  улуу сэрии кыттыылаа5ар, 6 сыл устата уот сэриигэ сылдьан тыыннаах дойдутугар эргиллэн кэлбит, 1919 сыллаах теруех ер бэрдигэр Бурнашев Иннокентий Николаевичка 1947 сыллаахха кэргэн тахсыбыта. Бастакы кыыс о5олорун 1948 сыллаахха куех окко уктэннэрбиттэрэ, онтон сыры –сыллата сэттэтэ о5оломмуттарыттан 2 кун сириттэн кыра о5о саастарыгар туораан, 5 тереппут 3 тулаайах о5олоох  Ааныс, Болуодьа, Киэсэ буолан олорбуттара. 1952 сыллаахха Нэлэгэр сайылыктан Уус-куелугэр кеьен киирбиттэрэ. Матрена Петровна Бартыьаан Дьегуерэп оскуолатыгар остуорастаабыта, Иннокентий Николаевич совхоьунан улэлээбитэ. Кэргэнинээн 23 сыл устата иллээх оло5у олорбуттра. Оло5ун аргыьа Иннокентий Николаевич 1970 сыллааахха ыарахан ыарыыттан кун сириттэн суох буолбута. Кэргэнэ эрдэ елен о5олорун урууларын со5отох иитэн аьатан, барыларын уерэхтээн, улэни таптыырга уерэтэн-такайан улэьит дьон онортообута.

1960 сыллаахха оскуола интернат аьыллан, оскуола остолобуойугар поварынан утуе суобастаахтык улэлээбитэ. Тулаайах о5олорго истин сыьыанынан минньигэс аьынан сэбулэппитэ. 1973 сыллааха пенсия5а тахсыбыта. Пенсия5а олорон сиэннэрин керсен барыларын урдук уерэхтэьэн, ыал онортоон хос эбээ буолар дьолун билбитэ. Матрена Петровна сытыары сымна5ас, элэккэй майгылаах, дьонун-сэргэтин кытары хаьан да кыыьырсыбат, кими да куьа5аннык санарбат, улэни куускэ таптыыр, улэни ере туппут, улэттэн дьолломмут, кун кубэй ийэ эйэ5эс эбээ, хос эбээ буолар. Курбуьах нэьилиэгин биир ытык кырдьа5аьа, тыыл улэ ветерана, сэрии огдообото Местникова Матрена Петровна 2011 сыл кулун тутар 13 кунугэр 90 сааьын туолан баран, ыам ыйын 9 кунугэр кун сириттэн барбыта. Кини сырдык оло5ун 5 о5ото, 8 сиэнэ, 12 хос сиэнэ сал5ыыллар.   

А5а дойду Улуу сэриитин тыылга килбиэннээх улэтин иьин Сталин тебелеех медалынан, медаль материнства 2 степэнинэн, медаль материнства 1 степэнинэн, за долголетний добросовестный труд ветеран труда медалынан, А5а дойду сэриитин кыайыытын иьин убулуейдээх 30,40,50,60, 65 сылларын медалларынан, долгожитель Усть-Алданского улуса знагынан на5араадаламмыта.    

Место рождения: Курбусахский наслег, с.Нэлэгэр, Усть-Алданского района
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ