Вдовы воинов-фронтовиков

 
 
Годы жизни: 05.06.1901-03.09.2013

Yйэни куоhаран олох олорбут, биhиги эбээбит Марфа Васильевна Сивцева, нэhилиэгэр таптаан ааттанар аата Эбээ Мааппа – Эбэтээ, 1901 сыллаахха уйгулаах самаан сайын салаллыыта бэс ыйын 5 күнүгэр Чэриктэй нэhилиэгэр Арыылаах алааска Аньыыска уонна Баhылай Шергиннарга үhүс оҕонон күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Аана ыал буолан кэлин ийэтин дойдутугар Түүлээх нэhилиэгэр олохсуйан, тоҕус уонуттан тахсан баран бу дойдуттан арахсыбыта биллэр. Убайа Уйбаан аҕатын өтөҕөр, билигин «Бааска өтөҕө» диэн ааттанар сиригэр олохсуйан, ыал буолан, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Чэриктэйгэ, Дьокуускай куоракка олороллор. Тиийиммэт-түгэммэт олохтон Эбээ Мааппа бастаан утаа Махсыым диэн балыксыт оҕонньордооххо иитиллибит, кэлин Чэриктэйгэ кинээстии сылдьыбыт Гороховтарга дьиэ-уот, сүөhү-ас көрөн улааппыт. Эбээбит ити иитиллэ сылдьыбыт дьоннорун туhунан: "Yтүө, сымнаҕас дьон этилэр" - диэн махтана саныыр буолара.

Бэйэтиттэн балыс, Тэбиик нэhилиэгин "Бэдиэдимэ" диэн алаастан төрүттээх киhиэхэ Сивцев Гаврил Петровичка (эhээбитигэр) суорумньуннан кэргэн тахсан 5 оҕоломмутуттан 4 оҕо тыыннаах ордубуттар. Кинилэр "Бэдиэдимэнэн" уонна "Хоту Эбэннэн" олорон ааспыттар.  Хара үлэттэн атыны билбэтэх дьон холкуостааhынна кыттыhан, дьэ үчүгэй олоххо үктэнэн, дьон тэҥэ олорон эрдэхтэринэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Эhээбит Хабырыыс 1942 сыллаахха бэбиэскэ тутан сэриигэ ыҥырыллар. Эбээбит сайылык сиргэ көhөн тахсыбыт кэмнэрэ буолан, эhээбит ыҥырыллыбыт сураҕын истэн, оҕолорунаан сүүрэр-хаамар икки ардынан кэлиэр диэри ыҥырыллыбыт дьон хайыы-сах аттанан барбыттарын кэннилэриттэн сайыhа көрөн эрэ хаалтар. Ити курдук кинилэр бүтэhиктээхтик көрсүбэтэхтэр. Бу кэмҥэ оҕолоро эгил-тэгил саҥа улаатан: улахан уол Сэмэнчик уон биирин, иккис уол Оппуонньа тоҕуhун, кыыстара Маайа (ийэбит) сэттэтин, онтон кыра уол Баанньа биирин  ааспыт эрэ этилэр. Ол да буоллар улаатан эрэр оҕолоро ийэлэригэр илии-атах, күүс-көмө буолан, тэҥҥэ үлэлэhэн күн иллэҥэ суох буолаллара. Баар-суох, дурда-хахха киhилэрэ Ийэ дойду көмүскэлигэр барыаҕыттан эбээбит үлэ үөhүгэр умса түспүтэ. Кэргэнин дьоно саастаах, аны хотуна эмээхсин Матырыана ыарытыйар буолан, туох баар дьиэ ис-тас үлэтэ эмиэ кини нарын санныгар сүгүллүбүтэ. Хата тойоно Бүөтүр оҕонньор сиэннэрин көрсөн, балыктаан, бултаан-алтаан аhатан дьон буолалларыгар төhүү күүс буолбут. Ол кэмнэри эбээбит бу курдук ахта саныыра: "Хотонтон киирдим да, күнү быhа балык ыраастаан буhаран, үөлэн тахсарым. Кэлэн ааhар дьону аhатан, кыра да буоллар балык бэрсэн атаарарбыт". Ол да иhин буолуо "Эhээбит туhунан дьон хойукка дылы махтаналларын истэрбит", - диэн кэлин кыра уоллара, таайбыт Баанньа кэпсиирэ.

Хабырыыhыттан иккитэ сурук туппут эбит, иккис суругар "Бу уот сэриигэ киирээри олоробут" диэн, үөрэҕэ суох буолан хамандыырын көрдөhөн суруйтарбыт сурахтааҕа, ити кэннэ тааhы ууга бырахпыттыы сүппүт. Кэлин сураҕа суох сүттэ диэн сурук туталлар. Сэрии бүппүтүн кэннэ ол суруктары "аҕаҕытын ирдэhиэм" диэн алаастан суруксут кэлэ сылдьан илдьэ барбыт, соннук суруктар эмиэ сүтэн-оhон хаалтар. Эрэйи-муҥу эҥэрдэнэн, эйэлээх олох эргийэн дьон сиэринэн 1948 сылга диэри "Сонун олох", "Ф.Энгельс", "Октябрь" холкуостарга ыанньыксыттаан, кэлин ньирэй көрөн пенсияҕа тахсыбыта.

Соҕотох 4 оҕотун атахтарыгар туруоран 19 сиэн, 35 хос сиэн, үгүс хос-хос сиэннэрэ, кэнчээри ыччаттара олоҕун салгыыбыт. Оҕолоро бука бары колхоз, совхоз төhүү үлэhиттэрэ буолбуттарын туоhутунан, кинилэр ахсаана биллибэт хайҕал суруктара, мэтээллэрэ туоhулууллар. Бу 112 сааhын томтойо олорон ааспыт олоҕун усталаах туоратыгар биирдэ кыыhырбыт куолаhын, "айка" диэн саҥарбыт саҥатын истибэтэхпит, истибит киhи да диэн суох. Бу буоллаҕа киhиэхэ бэриллэр үтүө хаачыстыба. Куруутун быыкаа биэнсийэтиттэн ордорунан оҕолорго кэмпиэт, бичиэнньэ утары уунан сиэн оҕолор, оҕо-аймах элбэхтик мааныламмыт дьонноро биhиги этибит.

Өйдүүбүн, эбээбинээн дьэдьэнниирбин, маҕаhыынна табаар кэлбит сураҕын истэн элбэхтэ түүннэри уочаракка туран табаар атыылhарбытын, күнүн ахсын киэhээ ыалбытыгар тахсан эбэhээт сонуннары истэн киирэрбитин. Хаhыат, сурунаал кэллэҕинэ аахтаран истэрэ. Ол курдук кини төhө да үөрэҕэ суох буоллар олоххо туох уларыйыы буоларын истэ-билэ сатыыра. Оҕолору кытта оҕо буолан үөрэрэ, сымнаҕас майгытынан абылаан, эйэҕэс дууhатын сылааhын иҥэрэн үлэҕэ да такайан үөрэппитэ билигин олохпутугар күүс буолар.

Өрүүтүн сырдык мичээрдээх, үтүө майгылаах этэ улахан буукубаттан суруллар Эбээ Мааппа – Эбэтээ. Махтанабыт, сүгүрүйэбит киниэхэ. Эбээбит биhиэхэ үтүө холобур, олохпутугар сирдьит сулус буолан үөhээ халлаантан сыдьаайа тыгар.

Альбина Семеновна Колесова (Попова), сиэн кыыhа.

24.04.2020 с.

Место рождения: Чериктейский наслег, Усть-Алданского района, ЯАССР
Боевые награды: Награждена медалями: "Ветеран труда", "За доблестный труд в ВОв 1941-1945 гг."; Знаками: "Почетный долгожитель РС(Я) - Yйэ саас", "Долгожитель Усть-Алданского улуса", "Почетный гражданин Усть-Алданского улуса"; Юбилейными медалями: "Маршал Советского Союза Жуков", "30, 40, 50, 60, 65 лет победы в ВОв 1941-1945 гг."; Памятной медалью "В ознаменование 130-летия со дна рождения И.В. Сталина"; Юбилейными знаками РС(Я): "В связи с 60-летием Победы в ВОв 1941-1945 гг., "65 лет Великой Победы", "380-летие основания города Якутска".
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ