Федорова Анна Антоновна
- Годы жизни: 1924-2012
Хоһуун киһи холобура – тапталлаах ийэбит, күндү эбээбит
Ийэм, Федорова Анна Антоновна, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии кыттыылааҕа Куприянов Александр Николаевич огдообото, билигин ньиэбинэн, гааһынан аатырбыт Чайыҥда көһөрүүтүн (1960) этинэн-хаанынан билэн, төрөөбүт төрүт буоруттан тэйэн, үлэлээн-хамсаан, эриирдээх-мускуурдаах чэпчэкитэ суох олоҕу олорон ааспыта. Сааһыран олорон, хайдах тыыннаах ордон, үлэһит буолан олох олорбутун сөҕө кэпсиирэ.
Ийэм Ленскэй оройуонун Мэйик Таатакаан нэһилиэгин Олдоону үрэҕэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ 1924 с. төрөөбүт. Аана оҕо сааһа кытыы сир тиийиммэт-түгэммэт, бары-барыта кырыымчык үйэтигэр түбэспитэ. Ас-таҥас тиийбэтэ, туорах бурдугу үүннэрэн, ону суорунаҕа тардан астаналлара. 12 саастааҕар Чайыҥда 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэр уонна Орто Наахараҕа (170 биэрэстэ ыраах сытар сиргэ) 5-с кылааска үөрэнэн иһэн уурайар. Ийэтэ 1937 с. сайын ыалдьан өлбүт, онон ыраах ыһыктанан салгыы үөрэнэр кыах суох буолбут. Оччотооҕу олох-дьаһах кытаанаҕынан, аҕатын Федоров Антон Григорьевиһы 2 сыл субуруччу ыраах Өлүөнэҕэ Крестовай учаастагар мас кэрдиитигэр ыыппыттар. Салгыы Антон икки кыыһын илдьэ Крестовайга көһөр. Анна барсартан кыккыраччы аккаастанар. 14 саастаах тулаайах кыыс субай сүөһүнү көрүүгэ көмө буолан фермаҕа үлэлии киирэр. 1939 с. 15 саастаах кыыс Олдоонуга «Диктатор» холкуос үлэһитэ буолар. Үлэһит илии тиийбэтинэн хонуу биригэдьииринэн анаабыттар. Күнү быһа улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн баран, киэһэ хойут хараҥарыар диэри ким төһөнү үлэлээбитин кэрийэн кэмниирэ. Ол сылайбыт, аччык аҥардаах кыыска ыарахана биллэр. Салгыы ыанньык сүөһү тутан дайааркалыы барар.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар, бастакы хомуурга бэйэтэ да кыра холкуостан биэс киһини сэриигэ ыыппыттар. Оттон 1942 с. түөрт киһи Аҕа дойду көмүскэлигэр аттаммыта. «Диктатор» холкуоска баара-суоҕа биэс эмээхсин, биир оҕонньор уонна холкуос бэрэссэдээтэлинэн үөрэҕэ суох, нэһиилэ илии баттыыр Николай Дмитриевич Никонов хаалбыттара.
Аана хонуу биригэдьииринэн уонна ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлииригэр тиийбитэ. Оччолорго 60-ча ынах сүөһү, 30-тан тахса сылгы, 20-чэ таба баайдаах хаһаайыстыба холкуостаахтара от-мас бэлэмнэнэн, ону тиэнэн олорбуттар. Сааһыары от тиийбэт түгэнигэр былах быһаллара. Техника диэн кэлиэ дуо, сүрүн күүс ат, оҕус буолара. Саас буоллаҕына буору хорутан бурдук ыһан, күһүн үлэ күнүн ааҕан холкуостаахтар үллэстэллэрэ. Бурдугу соломотуттан араарыы эмиэ биир туспа түбүктээх илии үлэтэ. Сынньан-астаан, тордуйанан сахсыйан, көтүтэн түүннэри да ампаары буллараллара. Бултаах тыалаах, балыктаах өрүстээх, үрэхтээх буолан улахан хоргуйууттан өрүһүнэллэрэ. Кыһайбыт курдук уот кураан сайыннар буолуталаабыттара, онно-манна ойуур умайан буруонан тунуйара, окко-дьиэҕэ суоһаан ыксаталыыра.
Сэрии хонуутуттан үс эрэ киһи эргиллибитэ, онтон биирдэрэ өр буолбатаҕа, кыргыһыыга ылбыт бааһыттан өлбүтэ. Онон сэрии кэнниттэн да үлэһит эбиллибэтэҕэ, үлэ чэпчээбэтэҕэ. 1946-48 сс. Аннаны Олдоону үрэх баһыгар сүөһү көрүүтүгэр ыыппыттар. Кыһыннары-сайыннары собус-соҕотоҕун уокка оттор маһын ойууртан кэрдинэн тиэйэн, хотонун сыбаан, сүөһүтүн аһатан, ыан, ньирэй көрөн, ыабыт үүтүн астаан, арыылаан, арыытын буһуулаан туттарар түбүгэр түһэрэ. Сүөһүгүн муус алларан уулатаҕын, сайынын сылгылаан түптэлиигин. Соҕотох киһи санныгар үтүмэн үлэ! Хайдах ити үлүгэртэн тыыннаах ордубутун санаатаҕына, ийэм сөҕөр буолара. 1952 с. 4 холкуоһу холбоон, Киров аатынан холкуос тэриллибитэ. Олох арыый да көнөн барбыта.
Онтон 1960 с. бөһүөлэгинэн көһүү. «Ленскэй» сопхуос үлэһитэ буолан, саҥа сиргэ 4 кыра оҕолоох ыал көһөн кэлэн олохсуйара оччотооҕуга кытаанах тургутуу буоллаҕа. Дьонум саҥа дьиэ туттан дьэ олорон испиппит да, аҕабыт 1966 с. суох буолбута. Ийэбит биһигин соҕотоҕун иитэн улаатыннарбыта. Бары оҕо тэҥинэн сайдарбытыгар, идэлээх буоларбытыгар кыһамньытын, ирдэбилин уурбута. Пенсияҕа тахсыар диэри Анна Антоновна салгыы ыанньыксытынан, арыт сайынын оттоон эбэтэр хортуоппуй көрүүтүгэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. «Коммунистическай үлэ ударнига» үрдүк ааты ылбыта, хайҕал грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Сынньалаҥҥа да олордор, үлэлии үөрэммитинэн таах олорботоҕо. Оҕолоругар, сиэннэригэр иистэнэрэ, баайара, сабынан, оҕуруонан быысабайдаан, күндү бэлэх гынан ахсыыбытынан ыытара, быыстапкаларга кыттара, сиэннэрин уһуйара. Чугас табаарыстара, аймахтара, билэр-билбэт да дьоно сүбэлэтэллэрэ. Минньигэс астаах, хаһаастаах хаһаайка үүттээх чэйинэн үөрэ-көтө көрсөрө, күндүлүүрэ. Сахалыы кинигэни ирдэһэн туран ааҕара, сонуннарынан интэриэһиргиирэ. Арай былыргы аас-туор олоҕу-дьаһаҕы көрдөрөр киинэлэри тулуйан көрбөтө...
Биһиги ийэбит, эбэбит «Үлэ бэтэрээнэ», «Тыыл бэтэрээнэ», «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Ленскэй куорат ветераннарын түмсүүтүгэр үөрүүнэн кыттыһара. Ыалдьан да баран, сырдык ыра санаатын ыһыктыбатаҕа. Хомойуох иһин, ийэбит, эбэбит Федорова Анна Антоновна 2012 с. олунньу 29 күнүгэр 88 сааһыгар суох буолбута.
Төрөппүттэрбит олоҕун билигин сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар. Оҕолор төрүттэринэн интэриэһиргииллэр, үөрэтэллэр. Улуу Кыайыыны уһансыбыт эһэлээх эбэлэринэн киэн тутталлар. Кыайыы параадыгар сэлэлээн хаамыыга кыттан эйэлээх олох тулхадыйбатын туһугар санааларын холбууллар.
Куприяновтар кыыстара Педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Кириллина Араина Александровна.
Сунтаар улууһа, Бүлүүчээн с.
- Место рождения: Ленскэй оройуона Мэйик Таатакаан нэһилиэгэ
- Боевые награды: «Үлэ бэтэрээнэ», «Тыыл бэтэрээнэ», «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY