Петрова Агафия Дмитриевна
- Годы жизни: 1925
Мин хос эбэм Петрова Агафия Дмитриевна тыыл ветерана этэ. Кини 1925 сыллаахха Түбэй-Дьаархан Кураҕаччытыгар төрөөбүтэ. Сэрии аас-туор оло5ун этинэн-хаанынан билэн, Кыайыы туһугар аһыырын, утуйарын умнан туран улэлээбитэ. Хос эбэм ас-танас кырыымчыгын билэ улаатан олус асчыт, иистэнньэҥ, мындыр өйдөөх, ыраас тургэн туттунуулаах, туох да үлэттэн иҥнэн турбата эбитэ үһү. Сунтаарга оҕуруот аһын бастакы үүннэрбит дьонтон биирдэстэрэ. Ол сахха сыылкаҕа кэлбит кэриэй, кытай дьонуттан үөрэнэн огурсу, чеснок, помидор олордон саҕалаабыта. Ону таһынан дьиэ үүнээйитин, сайыҥҥы сибэкки арааһын олордоро. Сиэннэрбит айылҕаҕа сибиэһэй салгыҥҥа улааттыннар диэн сайын аайы үөрэх дьыла бүттэ да сүөһүлэрин үүрэн Мачыыска көһөн тахсан сайылыыллара. Манна ынах, сибиинньэ, кролик, хаас иитэн, оттоон, сир астаан, сөтүөлээн, бултаан, балыктаан сайын үтүөтүн билэн балаҕан ыйын ортотугар диэри олороллоро. Дьоммут олус ыраас, чэнчис этилэр, тэлгэһэҕэ биир да сыыс-бөх суоҕа, барыта сааһыланан чөкө буолара диэн эбээм кэпсиир. Хос эһэм хос эбэбинээн 5 о5олорун, сиэннэрин, тулаайах хаалбыт аймахтарын о5олорун барыларын, биири да чорбоппокко, харайталаан, үөрэттэрэн үтүө дьон гынан иитэлээн таһаарбыттара.
Улахан кыыстара Евдокия фармацевт үөрэхтээх, Сунтардааҕы аптекаҕа өр сылларга үлэлээбитэ, үлэ ветерана, 2 оҕолоох, 5 сиэннээх, 1 хос сиэннээх, Сунтаарга олорор. Улахан уоллара Анатолий өр сылларга Сунтардааҕы СПТУ-га производственнай үөрэхтээһин маастарынан үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка олорор, 3 оҕолоох, 5 сиэннээх, нь хос сиэннээх. Иккис кыыс Галина - медик-лаборант, оҕо балыыһытыгар, кэлин клинико-диагностическай лабораторияҕа лаборанынан үлэлии сылдьан пенсияҕа тахсыбыта. Кыра кыыстара Наталия - пенсияҕа тахсыар диэри Сунтардааҕы сбербаҥҥа кассирынан, контролёрунан, бухгалтерынан улэлээбитэ, 1 о5олоох, 2 сиэннээх, Сунтаарга олорор. Бэһис оҕо Валентин - медик, Сунтардааҕы тубдиспансерга врач-рентгенолог, 3 оҕолоох, 4 сиэннээх, Сунтаарга олорор.
Мин дьонум Васильев Иван Гаврильевич, Петрова Агафия Дмитриевна төһүү үлэһит, амарах аҕа, ийэ, эйэҕэс эһээ, эбээ этилэр. Хомойуох иһин, кинилэр билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар, мин кини тыыннаахтарын баттаспатах хомолтолоохпун. Дьонум билигин бааллара буоллар 9 сиэннээх, 16 хос сиэннээх, 3 хос-хос сиэннээх буолуо этилэр. Билигин кинилэр олохторун биһиги салгыыбыт. Сыл аайы Кыайыы күнүгэр хос эhэм, хос эбэм хаартыскатын тутан “Бессмертнай полк” парадыгар кыттабыт. Хос эбэм, хос эhэм мэдээллэрин, орденын эбээм кичэйэн уура сылдьар. Дьоммут биhиги дьоллоох олохпутун уhансан, хос эһэм Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэстэрин чиэстээхтик толорон тыыннаах эргиллэн кэлэн киэҥ айма5ы тэнитэн, үлэни өрө тутан олорбут сырдык олохторо биhиэхэ үтүө холобур буолар. Мин дьоммунан киэн туттабын.
Сунтаардаа5ы политехническай лицей-интернат 6 “в” кылааhын үөрэнээччитэ Альберт Данилов.
- Место рождения: Сунтарский район
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY