Үөһээ Бүлүү Улуу Кыайыыны ситиһиигэ көмөтө
Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылын этэҥҥэ бэлиэтээтибит. Бу сүдү Кыайыы суолтата сыллар аастахтарын аайы улам улуутуйан иһэр. Советскай норуот Коммунистическай баартыйа салалтатынан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыайыытын күн-дьыл күдэригэ хаһан да өлбөөдүтүө суоҕа.
Бу Улуу Кыайыыны Саха сирин норуотун ньургун уолаттара эмиэ чугаһатыспыттара. Үөһээ Бүлүү улууһуттан 1941-1945 сс. барыта 2163 киһи фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Кинилэртэн 1131 киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, 746 киһи кыайыы-хотуу кынаттаах төннүбүтэ (ол иһигэр Германия фронуттан 515 киһи, Япония фронуттан 231 киһи). 286 саллаат сэриилэспэккэ эрэ сулууспалаан кэлбиттэрэ. 298 киһи үлэ фронугар ыҥырыллан норуот хаһаайыстыбатын араас салаалаларыгар (промышленноска, балыктааһынҥа, суол оҥоһуутугар) үлэлээбитэ.
Аҕа дойду көмүскэлигэр көрдөрбүт геройдуу хорсун быһыыларын иһин фронтан Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан 1 киһи (В.С. Павлов), II степеннээх орденынан 13 киһи, «Слава» орден II-III степеннэринэн 18 киһи, «Кыһыл Сулус» орденынан 25 киһи, «Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалларынан 73 киһи наҕараадалаах төннүбүттэрэ. Тыылга, эмиэ фроҥҥа курдук, күүрээннээх үлэ оргуйбута. Үөһээ Бүлүү улууһун үлэһиттэрэ, оҕолоро, сэрии сылларыгар утуйар ууларын умнан туран хоодуоттук үлэлээбиттэрэ. Үөһээ Бүлүү улууһа 1941-1944 сылларга фроҥҥа көмөлөспүт сыыппаралара маннык кэпсииллэр:
Оборона пуондатыгар киллэриллибитэ:
Харчынан - 299.867 солк.
госзаемнар облигацияларынан - 682.955 солк.
бэйэлэрин уурумньуларыттан көһөрүүнэн -18.965 солк.
танковай дивизия тутуутугар бэриллибитэ -148.544 солк
санитарнай сөмөлүөттэр тутууларыгар бэриллибитэ - 4.100 солк.
Кыһыл Аармыйа саллааттарын пуондатыгар - 16.185 солк.
Кыһыл армеецтар тулаайах оҕолоругар көмө пуондатыгар - 4.719 солк.
Кыһыл армеецтар кэргэттэригэр уонна босхоломмут оройуоннар нэһилиэнньэлэригэр көмө пуондатыгар - 31.616 солк.
Сталинград куораты чөлүгэр түһэрии пуондатыгар - 3.870 солк.
Тыа хаһаайыстыбатын араас бородуукталарынан - 25.966 солк.
1942 с. маҥнайгы госзаемҥа суруттарыы - 764.354 с.
Маҥнайгы уонна иккис харчы-мал лотереятын атыылааһыҥҥа -154.700 с.
Иккис госзаемҥа суруйтарыы - 519.595 солк.
Үһүс харчы-мал лотереятын атыылааһыҥҥа - 81.949 с.
Кыһыл Аармыйа буойуннарыгар бэлэх ыытыы - 37.109 солк.
Барыта: 2.794.499 солк.
Ичигэс таҥас-сап 5400 устуука ыытыллыбыта.
Гитлеровецтар оккупацияларыттан босхоломмут оройуоннар нэһилиэнньэлэригэр көмө быһыытынан 1070 устуука араас мал-сал ыытыллыбыта. Итини таһынан, колхуостаахтар оборона пуондатыгар 1231 буут бурдугу, 3156 центнер оту, 6443 кг хортуоппуйу уонна босхоломмут оройуоннары чөлүгэр түһэриигэ 16 центнер бурдугу, 8,5 центнер оҕуруот аһын биэрбиттэрэ. Улуус үлэлээн иитиллээччилэрэ оборона пуондатыгар 10,2 грамм кыһыл көмүһү, 28845,8 грамм үрүҥ көмүһү биэрбиттэрэ. 1943 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Намнааҕы «Кыһыл үлэһит» колхуос оборона пуондатыгар 200 буут бурдугу туттарбыта, ити иһин Верховнай Кылаабынай Командующай И.В. Сталинтан махтал тэлэгирээмитэ кэлбитэ.
Аҕа дойду сэриитин маҥнайгы күннэриттэн кадровай офицердар К.П.Догоров (I Боотулуу), Ф.Ф. Федоров (Кэнтик), Н.К.Докторов (Нам) уо.д.а. Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммуттара. Ленингракка олорор научнай үлэһит, сахалартан бастакы историк-учуонай Н.С.Романов улуу куорат оборонатыгар ополченецтар кэккэлэригэр сылдьан, 1941 сыл балаҕан ыйыгар сырдык тыынын толук уурбута. Кини уоттаах сэриигэ аттанаары туран, эппит этиитэ «Известия» хаһыакка бэчээттэммитэ. Офицер К.П.Догоров рота хамандыырынан ыараханнык бааһыран сэрииттэн эргиллибитэ. Кини араас советскай-хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Офицер Н.К.Докторов-Бычырдаан 1942 сыллаахха илиитигэр ыараханнык бааһыран сэрииттэн эргиллибитэ. Спорка үтүөлэрин учуоттаан, аатырбыт хапсаҕайдьыт Н.К.Докторов - Бычырдаан бирииһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн спорт национальнай көрүҥнэригэр 1988 сылтан турнир ыытыллар үтүө үгэһэ олохтоммута. Саха норуотун бэйиэтэ П.Н.Тобуруокап Сталинград куорат көмүскэлигэр бааһыран, сэрии хонуутуттан туораабыта. Кини поэзия хонуутугар хотуулаахтык үлэлээн, саха норуотун тапталлаах ырыаһыт-бэйиэтинэн буолбута.
Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр 1912 сыллаахха төрөөбүт Алексей Афанасьевич Миронов Бүлүү оройуонуттан сэриигэ 1941 сыллаахха ьҥырыллыбыта. Кини кыраҕы харахтаах снайпер быһыытынан киэҥник биллибитэ. Снайпер Алексей Миронов бэргэн ытыытыттан элбэх өстөөх хара буору уоппута. Кини 1945 сыллаахха Кыайыы буолуон биир ый иннинэ сырдык тыына быстыбыта. Алексей Афанасьевич Мироновка 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Сэбиэскэй сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Прокопий Афанасьевич Софронов-Боороо1942 сыллаахха олунньуга немецтэри кытта кыргыһыы үгэнигэр нуучча хамандыырын бэйэтинэн хаххалыы түһэн дьоруойдуу өлбүтэ, хамандыырын быыһаабыта, бу хорсун быһыы туһунан хаһыаттарга бэчээттэммитэ уонна Москваттан радионан ахтыллыбыта. Үөһээ Бүлүү улууһуттан ьҥырыллыбьгг В.С.Павлов (Өргүөт) 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр Латвияны босхолуур иһин кыргыһыыга дьоруойдуу охтубута. Кини хорсун быһыыта Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан бэлиэтэммитэ. И.Л. Омукчанов (Өргүөт) саха аатырбыт артиллериһа Г.Протодьяконовы кытта биир расчекка сулууспалаабыта. Илларион Леонтьевич үс бойобуой орденынан наҕараадаламмыта.
Улуус чулуу уолаттара П.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, И.В.Дмитриев, В.К. Иванов-Кустуктуурап, В.И.Степанов-Буучугурас, Я.В.Егоров, уо.д.а. сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ, кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубуттара. Н.М.Титов, А.Д.Данилов, Г.И.Константинов, П.С.Мухоплев, А.М.Чоросов, Г.Р.Захаров, Е.В.Михайлов, С.А.Кыланов, М.Н.Котоконов, уо.д.а. элбэх бойобуой орденнаах, медаллаах дойдуларыгар эргиллэр дьолломмуттара. Бойобуой офицер, улуу сэрии I степеннээх орденынан, «Кыһыл Сулус» орденнар кавалердара, кырдьаҕас педагог Адам Данилович Данилов сүүрбэччэ сыл сыралаһан үлэлээн, Үөһээ Бүлүү оройуонуттан 1941-1945 сс. ыҥырыллыбыт буойуннар испииһэктэрин чуолкайдаан хаалларбыта.
Александр Адамов хаартыскаҕа түһэриитэ.
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY