Сааскы сандаархай күн уота илин мыраан кэтэҕиттэн үөһэ күөрэйэн, тардыы талах тулалаах Таатта эбэ хотуну саҥа көрбүттүү сыдьаайа, тырымныы, өргөйө үөрбүт. Өрөгөй, үөрүү күнэ – ыам ыйын тохсус сарсыардата үүннэ. Бүгүн – Улуу Кыайыы күнэ.

“Сыл – хонук”, – диэн мээнэҕэ эппэттэр. Фашистскай Германия төлө тардыбыт идэмэрдээх иэдээнэ, ааҥнаабыт алдьархайа – киһи аймах историятыгар хара мэҥ буолан, өйтөн-санааттан арахпат, сүрэхтэртэн сүппэт. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии (1941 сыл бэс ыйын 22 күнэ – 1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ) албан ааттаах Советскай Армия Улуу Кыайыытынан түмүктэммитэ.

Үйэлэргэ умнуллубат ытык сэрии тыйыс, уотунан уһуурбут, хаанынан халыйбыт 1418 хонугун усталаах-туоратыгар сэбиэскэй дьон-сэргэ бүтүннүүтэ “Бары күүһү фроҥҥа, бары күүһү өстөөҕү үлтүрүтүүгэ!” диэн төлөннөөх ыҥырыынан салайтаран олорбута, охсуспута, үлэлээбитэ.

Советскай Союзка 1941 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр И.В.Сталин баһылыктаах Оборона государственнай комитета тэриллибитэ. Бэрт түргэн тэтиминэн дойду экономиката, олоҕо-дьаһаҕа байыаннай быһыыга-майгыга киирэн, үлэ-хамнас барыта фронт туһугар уларыта тутуллубута. Ийэ дойду, күн сирин көмүскэлигэр эр дьону хомуйуу саҕаламмыта. Ыраах Саха сирин 18 оройуоннарыттан фроҥҥа 62509 киһи ыҥырыллыбыта.

Сэрии бастакы сылыгар Саха сириттэн түөрт төгүл фроҥҥа хомуур ыытыллыбыта: от ыйын 30, атырдьах ыйын 15 уонна 26, балаҕан ыйын 4 күннэригэр. Чинчийээччи учуонай П.Н.Токарев бэлиэтииринэн, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сылларыгар Амма – 1732, Таатта – 2191, Мэҥэ Хаҥалас – 3488, Чурапчы – 2100, Ньурба – 1828, Сунтаар – 2400, Бүлүү – 2000, Үөһээ Бүлүү – 2145 чулуу уолаттарын сэриигэ атаарбыттара.

Кинилэр ортолоругар П.А.Ойуунускай тэрийбит Саха национальнай байыаннай оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбит 800 алын чыыннаах командирдар  бааллара. Үгүстэр салгыы байыаннай үөрэхтэри бараннар, уот сэрии былаһын тухары взводу, ротаны, батальону, полканы хамаандалаабыттара. Таатта уолаттара – лейтенаннар Г.М.Андросов, К.П.Колодезников 1938 сыллаахха Хасан күөлгэ дьоппуон самурайдарын утары хорсуннук сэриилэһэннэр. Кыһыл Сулус уордьанынан бэлиэтэммиттэрэ.

1939 сыллаахха Монголия сиригэр Халкин-Голлааҕы кыргыһыыга старшай лейтенант Д.Д.Оллонов, летчик, капитан И.В.Жирохов хорсун быһыыларын иһин Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыттара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бастакы күнүттэн Таатта Мэҥэ Алдан бөһүөлэгин уолаттара – лейтенаннар Баланов Г.П., Березин А.П., Дэбдиргэ ыччата, лейтенант Аргунов Н.Д., сахалартан бастакынан М.В.Фрунзе аатынан байыаннай академияны уонна разведка аналлаах оскуолатын бүтэрбит старшай лейтенант Андросов Г.М., Таатта Төрдүн уола, рота командира, старшай лейтенант Голиков П.И., Хаҥалас ыччата, батальон командира, старшай лейтенант Ларионов И.Ф., Дьиэбэгэнэ уола, байыаннай прокурор Жегусов Г.Д., Бүлүү Баппаҕаайытыттан политрук, кэлин ССРС народнай учуутала буолбут Алексеев М.А., о.д.а. өһүөннээх өстөөҕү утары хорсуннук сэриилэспиттэрэ.

Москва көмүскэлигэр, кэлин Советскай Союз Геройа буолбут, 429 өстөөҕү умсарбыт, снайпер Охлопков Ф.М., Колодезников Н.Я., Христофоров И.М., офицердар Дедюкин И.Д., Андросов П.Р., Сталинград оборонатыгар офицердар Андросов А.И., Дайбанныров К.Т., Мончурин А.Д., Хоютанов Д.А., Никифоров И.Н., Курскай тоҕойго – Кузьмин И.В., Бахсытов И.Ф., Ленинград оборонатыгар Кузьмин М.И. – Макар Хара, Петров Г.Е., Вырдылин В.П., Прибалтикаҕа – үс “Хорсунун иһин” мэтээллээх Арылахов П.И., уордьаннаахтар – пулеметчик Соров М.Г.- I, кавалерист Новгородов К.К., Европа, онтон Азия дойдуларын өстөөхтөртөн босхолооһуҥҥа кыттыбыт интернационалист-буойуннар лейтенант Доргуев Н.С., старшина Бястинов Г.М., офицердар Павлов Н.Н., Слепцов Т.Н., Федоров М.М., Неймохов М.Д., Муксунов В.Д., Моттуев Д.С., уордьаннаахтар Афанасьев Е.Д., Винокуров Г.Г., Винокуров П.Г., Голиков Н.И., Килибеев С.М., Мординов Т.Е., Канаев И.П., Колодезников П.М., Берлини босхолообуттар – старшай лейтенант Мончурин А.Д., старшина Варламов Т.Д., Сенькин П.Г., Товаров П.И.- II, Слепцов Т.В., о.д.а. баалларын ветераннар ахтыыларыттан, кинигэлэртэн, киинэлэртэн билэбит, хорсун-хоодуот быһыыларыгар сүгүрүйэбит, саастаах дьон быһыытынан оскуола оҕолоругар, ыччаттарга кэпсиибит.

Аны сыл буолан баран, сэбиэскэй норуот фашистскай Германияны уонна милитаристскай Японияны кыайыыларын 75 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиэхпит. Онон, улууска, нэһилиэктэргэ Улуу Кыайыы бырааһынныгын көрсө ыытыллар тэрээһиннэргэ итиэннэ “Кыайыы 75 сылыгар – 75 үтүө дьыаланы” хамсааһыҥҥа хаһааҥҥытааҕар даҕаны көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллэн тэрийиэх, кыттыах тустаахпыт – ол биһиги, таатталар, ытык патриотическай, интернациональнай иэспит.

Егор Винокуров, философскай наука кандидата.

“Таатта хаһыат” 2019 с. ыам ыйынааҕы нүөмэриттэн. Хаартыскаҕа биэс уолун сэриигэ сүтэрбит Февронья Малгинаҕа өйдөбүнньүк.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ