“Саха сирэ – фроҥҥа, өстөөҕү кыайыыга” диэн санаанан салайтаран сэрии сылларыгар тыылга хаалбыт дьон утуйар ууларын умнан, хара көлөһүннэрин тоҕон туран үлэлээбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар уустук байыаннай быһыы-майгы үөскээбитэ. Дьон «Барыта фронт, барыта кыайыы туһугар»- лозунунан салайтаран үлэлээбиттэрэ.

Ленскэй оройуонун Сэбиэтин дьокутаата, кыраайы үөрэтээччи Сергей Москвитин Ленскэй оройуона Улуу сэриигэ фашизмы кыайыыга киллэрбит кылаатын туһунан матырыйаалын таһаарабыт.

— 1941 сыллаахха Забайкальскай байыаннай уокурукка Ленскэй оройуонуттан 893 киһи, 1942 сыллаахха 791 киһи барбыт. Сэриигэ Ленскэй оройуонуттан уопсайа 3571 киһи ыҥырыллан барбыт.  Биһиги биир дойдулаахтарбыт Москва анныгар, Волгаҕа, Курскай тоҕойго, Ленинград, Харьков анныларыгар сэриилэспиттэр, Европа куораттарын босхолооһуҥҥа кыттыбыттар. Дойдуларыгар 2563 киһи төннөн кэлбит, 1008 киһи сэрии толоонугар охтубут.

Ленскэй оройуонун дьоно фроҥҥа көмө быһыытынан 1059959 солкуобайы, 6,9 кг күндү тааһы, 7091 ичигэс таҥаһы хомуйан биэрбит.

Ленск вклад копия

Пеледуйдааҕы судоверфь. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Пеледуйга 156 суудунаны туппуттар уонна өрөмүөннээбиттэр  – 1000-1200 тонналаах баржалары, бу баржаларынан өрүһүнэн таһаҕастары таспыттар.

Барыта Кыайыы туһугар. “Вклад народов Якутии в дело Победы” кинигэ киирии тылыгар этиллэр: “XVIII партийнай сийиэс дэлэгээтэ, саха дьахтара М.Н.Мыреева сэрии сылларыгар оборона пуондатыгар мунньуммут 18225 солкуобай харчытын уонна 8885 солкуобайы сыаналаах кумааҕынан биэрбит. 1942 сыллаахха М.Н.Мыреева Михаил Калиниҥҥа сурук суруйбут уонна бу курдук эппиэти туппут: “… 1942 сыл муус устар 24 күнүгэр суруккун туттум. Аҕа дойдугар бэринииҥ күүһүн сыаналыыбын. Уһун сылларга таһаарыылаах үлэни, доруобуйаны баҕарабын. ССРС ПВС Бэрэссэдээтэлэ М.И.Калинин”.

Америка сөмөлүөттэрин түһэр аэродрома. Сэрии кэмигэр Аляскаттан фроҥҥа сөмөлүөттэри илдьэн иһэн Ленскэй оройуонун Витим бөһүөлэгэр түһэрэн ааһарга аэродром тутуллара наада буолбут. Аэродром тутуллар сирин оҥоруу 1942 сыллаахха саҕаламмыт. Тутууга чугас сытар Мухтуйа (Ленскэй куорат), Толоон, Инньэли уонна да атын холкуостар үлэһиттэрэ бары кыттыспыттар. Үлэ күүстээх өттүн Витим “Первенец” холкуоһун оробуочайдара оҥорбуттар. Наһыылканан, илиилэринэн буор таһан учаастагы бэлэмнээбиттэр. 1944 сыллаахха тутуу түмүктэммитин кэннэ бу аэропорт американскай “Кобр” сөмөлүөттэри фроҥҥа көтүтэн илдьиигэ улахан суолталаах буолбут.

Леспромхоз геройдуу үлэтэ. Лен­скэйдээҕи леспромхоз сэрии сылларыгар үлэтин күүһүрдүбүтэ.  Константин Акимович Куля дириэктэрдээх леспромхозка маһы бэлэмнээһиҥҥэ эр дьону кытта 350 дьахтар уонна 149 чороччу улаатан эрэр оҕолор үлэлээбиттэр. Барыларыгар биир үлэ нуорматын биэрэллэрэ – биир киһиэхэ сэттэ куб. маһы бэлэмнээһин. Ол курдук, сылга леспромхоз 180 куб. маһы бэлэмниирэ, ол мастан 143 куба Өлүөнэ өрүһүнэн хотугу оройуоннарга, Дьокуускай куоракка ыытыллара.

Ленск вклад3 копия

Маһы бэлэмнээһин олус ыарахан илии үлэтинэн буолара. Хара көлөһүннэрин тоҕон туран үлэлииллэрэ. Тоһуттар тымныыга истэригэр диэри тоҥуу хаарга батарыта туран үлэлииллэрэ. Үлэлэрэ таһаарыылаах буоларын туһугар ойуур маһын охторууга иккилии буолбакка, биирдии киһи үлэлиирэ. Икки киһи утарыта туран эрбээбэккэ, биир тутаахтаах эрбиини тутталлара. Холобур, Салдыкыар учаастак оробуочайа Анастасия Жирова Ленскэй леспромхоз үлэһит дьахталларыттан бастакынан биир тутаахтаах эрбиинэн туттарга үөрэммит, маһы эрбээһиҥҥэ туруоруллубут соругун 200-250 бырыһыан толороро. Кини холобурун батыһан элбэх киһи күүһүн-уоҕун харыстаабакка үлэлээбиттэрэ, ойуур маһын охтороллоро, лабааларын быһаллара, маһы эрбииллэрэ. Үлэлиир усулуобуйа тыйыһа. Баата сонноро тымныыттан көмүскээбэтэ. Эр киһи көмөтө тиийбэтэ – ыарахан бэрэбинэлэри дьахталлар уонна чороччу улаатан эрэр оҕолор көтөҕөллөрө. Маһы суол тэлэннэр тиэйэллэрэ. Тоҥ сиргэ сыарҕа сыҥааҕынан ханааба хаһаллара, онно уу куталлара, дөйө тоҥмутун кэннэ сыарҕалаах атынан биир сырыыга 12 куб. маһы тиэйиэхтэрин сөбө. Бу ньыма үлэһиттэр былааннарын таһынан толороллоругар олус көмөлөспүтэ. Ол курдук, үлэлэрин былаанын сорохтор 200-300 бырыһыан толорор буолбуттара.

Сайын ойуур маһын илиилэринэн анньан төкүнүтэллэрэ. Өрүскэ түһэрэллэрэ, болуот оҥороллоро. Өҥүрүк куйааска, бырдах быыһынан үлэлииллэрэ. Маһы бэйэ-бэйэтигэр баайар боробулуоха тиийбэтэ, ол иһин үөт талаҕыттан быа оҥорон баайаллара. Маннык бааллыбыт мас тиийиэхтээх сиригэр, оннооҕор Хотугу Муустаах акыйааҥҥа диэри этэҥҥэ тиийэрэ.Аҥардас 1943 сылга бу маннык ньыманан болуот быһыытынан 68,4 тыһыынча куб. маһы баайан ыыппыттар.

Биир эппиэтинэстээх үлэнэн мас умнаһын аллараа өттүн эрбээн бэлэмнээһин буолара. Сөптөөх маһы булан, силиһин алдьаппакка эрэ охторуу ирдэнэрэ. Мас бу умнаһын чааһа суудуна олоҕун оҥорууга туһаныллара, бөҕө матырыйаал этэ. Тас дойдуга таһаарар мастарын кичэллээхтик оҥороллоро. Японияҕа ыытыллыахтаах маһы сытыы күрдьэҕинэн мутуктууллара, японецтар көмүһүнэн төлүүллэрэ.

1944 сылга Ленскэйгэ ойуур маһыгар үлэлээччи ахсаана 749 киһиэхэ диэри тиийбит. Төһө да уустуктары көрсүбүттэрин иһин, Ленскэйгэ ойуур маһын мастааһын салаата сэрии кэнниттэн сайдыбыта, өрөспүүбүлүкэ улуустарын маһынан хааччыйара.

Оҥорон таһаарыы. Сэрии сылларыгар Ленскэй оройуонугар үс бырамыысыланнай  артыаллар үлэлээбиттэр: Мухтуйаҕа (Ленскэй к.) “Промкооператор”, Витимҥэ “Пищевик”, Пеледуйга “XVIII партийнай сийиэс аатынан артыал”.

“Оччолорго оройуоҥҥа саамай бөдөҥ тэрилтэнэн Мухтуйатааҕы промкомбинат этэ, — диэн Н.В.Перетолчин ахтыбыт, — онно 30-ча киһи үлэлиирэ. Күнүс паарынан хамсатааччы бурдугу мэлийэрэ, оттон киэһэтин электрическэй уот биэрэрэ”.

Мухтуйатааҕы бырамыысыланнай артыал кирпииччэ уонна  испиэскэ оҥорон таһаарарын таһынан, сыарҕалары, буочукалары оҥороро. Сымала хомуйан дьүөкэт бэлэмнииллэрэ. Үлэлэрин хайысхатын кэҥэтэр сыалтан иистэнньэҥнэри тардыбыттара. Таҥас абырахтыыллара, тигэллэрэ, ичигэс таҥаһы тигэн фроҥҥа ыыталлара. Биэс сымалаттан оҥорор собуот сылга 150 тонна сымаланы Пеледуйдааҕы суудуна тутар уонна өрөмүөннүүр тэрилтэҕэ биэрэрэ. 1944 сыллаахха Мухтуйа артыала 64 туонна испиэскэ, 1000 кг скипидар, 500 хайыһар, 10 тэлиэгэ, 80 сыарҕа, 100 сыарҕа дуҕата оҥорбут, олус элбэх ичигэс таҥас тигиллибит. Сэрии сылларын устата Мухтуйа олохтоохторо фроҥҥа 7 тыһыынча ичигэс таҥас тигэн ыыппыттар.

Ленскэй оройуонун 13 миэлиҥсэтэ сылга 250 туонна бурдугу оҥорон таһаарара.

Олохтоох дьон килбиэннээх үлэтин көмөтүнэн олохтоох бырамыысыланнас сайдыыга улахан хардыы оҥорбут. Ленскэй оройуонугар дьон-сэргэ аһынан-таҥаһынан бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччынан олорбуттар. Булчуттарын наадалааҕынан барытынан хааччыйбыттар. Онон сэрии сылларыгар күндү түүлээҕи оҥорон таһаарыыга биир бастыҥ миэстэҕэ сылдьаллара. Саха сириттэн тиийбит күндү түүлээхтэри кыраныысса таһыгар ыытан байыаннай техникаҕа, бородууктаҕа, эмкэ-томко атастаһаллара.

1945 сыллаахха оройуон бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ уопсайа 10 мөл. солкуобай суумалаах суудунаны оҥорбуттар уонна өрөмүөннээбиттэр, леспромхоз Сойууска 157 400 куб. маһы туттарбыт.  

Сардаана КУЗЬМИНА бэлэмнээтэ

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ